Наркология диспансера сааскы эрэсиимҥэ көстө
Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера 2024 сыл муус устар 8 күнүттэн үлэ саҥа эрэсиимин туһунан биллэрэр.
Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын поликлиникатын иһинэн профосмотр отделениета (М.Николаев пр. 38) бэнидиэнньик-бээтинсэ күннэргэ 8:30 ч.-15.45 ч. үлэлиир. Поликлиникаҕа маннык ыспыраапкалары ыларга мэдиссиинэ чинчийиитин толору ааһыахха сөп:
– массыынаны ыытарга;
– сааны-саадаҕы туттарга көҥүл ыларга;
— ЧОП үлэһиттэригэр;
– үлэҕэ киирэргэ;
— ВВК, ВЛЭК.
Нарколог-быраас 2 кэбиниэтэ, психолог 2 кэбиниэтэ үлэлииллэр.
Михаил Николаев проспегын 38 нүөмэрдээх дьиэтигэр баар поликлиника быраастарыгар Call-Киин 122 -1-1-3 нүөмэригэр уонна регистратура 8-924-898-04-35 эрийиэххэ сөп. Психолог кэбиниэтигэр эбэтэр 89245983539 төлөпүөнүнэн суруйтарыахха сөп.
Киров уул, 21 аадырыска баар подразделение бэнидьиэнньик-бээтинсэ күннэригэр 8:30 ч.-15.45 ч. үлэлиир. Психиатр-нарколог быраас 2 кэбиниэтэ үлэлиир.
1 кэбиниэккэ сааны-саадаҕы туһанарга көҥүл ыларга Call-Кииҥҥэ 122 (1-1-3) уонна мэдиссиинэ өҥөтүн эрэгийиэннээҕи https://er14.ru/ портал нөҥүө суруйтарыллар. 2-с кэбиниэт муус устар 15 күнүгэр диэри аһаҕас, уочаратынан киириллэр.
Маннык ыспыраапкалар бэриллэллэр:
-массыынаны ыытарга;
-сааны-саадаҕы туһанарга көҥүлү ыларга;
– үлэҕэ киирэргэ;
– эпиэкэ уорганнарыгар;
— омук дьоно мэдиссиинэ туоһутун (освидетельствование) ылалларыгар;
-ВВК, ВЛЭК, плав.састаап.
Петр Алексеев аатынан уулусса 83/18 А аадырыска баар подразделение бэнидиэнньик-бээтинсэ 8:30 ч.-15:45 ч. үлэлиир.
Маннык ыспыраапкалар бэриллэллэр:
– омук гражданнара массыынаны ыыталларыгар көҥүл.
Стадухин уулуссатын 81/8 баар СПИД-Киин подразделениета бэнидиэнньик-бээтинсэ 8:30 ч.-15:45 ч. үлэлиир.
Маннык ыспыраапкалар бэриллэллэр:
– омук гражданнара мэдиссиинэ туоһутун ылалларыгар;
-плав.састаап.
Пушкин уул, 22 баар подразделение бэнидиэнньик-бээтинсэ 8:30 ч.-15:45 ч. үлэлиир.
Маннык ыспыраапкалар бэриллэллэр:
– массыынаны ыытарга;
– үлэҕэ киирэргэ;
– эпиэкэ уорганнарыгар.
Наркологтарга уонна психологтарга онлай-суруйтарыы: Call-Киин 122 -1-1-3 уонна мэдиссиинэ өҥөтүн https://er14.ru/ эрэгийиэннээҕи порталын нөҥүө.
Михаил Николаев аатынан проспект 38 дьиэтигэр баар поликлиникаҕа быраастарга 8-924-898-04-35 нүөмэргэ эрийэн суруйтарыахха сөп.
Психологка кини кэбиниэтигэр эбэтэр 89245983539 нүөмэринэн суруйтарыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: