Наркология диспансерыгар күнүскү стационар баар буолла
Биллэрин курдук, арыгылааһынтан уонна наркоманияттан суукканы быһа үлэлиир стационар усулуобуйатыгар эмтэнэҕин. Ол гынан баран, сытан эрэ эмтэнэр кыаҕа суох дьон эмиэ баар.
Онуоха Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын күнүскү стационара көмөлөһөр кыахтанна.
Наркология диспансерын күнүскү стационарыгар куһаҕан дьаллыктан тутулуктаах дьоҥҥо (быраас быһаарбытынан, балыыһа усулуобуйатыгар суукканы быһа кэтээн көрүүнү ирдээбэт дьоҥҥо) көмөлөһөллөр.
Кинилэр отделениеҕа күнүс кэлэллэр уонна эмтэнии кэнниттэн дьиэлэригэр бараллар. Күнүскү стационар субуота уонна баскыһыанньа күннэртэн ураты 8.30-15.00 чч. үлэлиир.
Күнүскү стационарга маннык өҥөлөр оҥоһуллаллар:
— Туругу быһаарыы (психиатр-нарколог, терапевт, килиниичэскэй психолог көрөллөр, анаалыстары аныыллар уо.д.а.). Наада буоллаҕына, сэдэх идэлээх (узкай) исписэлиистэр сүбэ-ама биэрэллэр.
— Эмтээһин (тохтоло суох итириктээһинтэн таһаарыы, “кодирование”, хаттаан иһиэн баҕарыыны утары терапия уо.д.а)
— Психотерапия көмөтө (мэдиссиинэ психологын сүбэтэ-амата, тулуйбакка төлө барыыны сэрэтэр туһугар психотерапия сабыдыала).
Эмтэнии уһуна наркология көмөтүн стандартыгар сөп түбэһэр. Стационар 10 куойкалаах.
Билсиһэр төлөпүөн: 8-924-898-0435
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: