Наркология диспансерыгар күнүскү стационар баар буолла

Share

Биллэрин курдук, арыгылааһынтан уонна наркоманияттан  суукканы быһа үлэлиир стационар усулуобуйатыгар эмтэнэҕин. Ол гынан баран, сытан эрэ эмтэнэр кыаҕа суох дьон эмиэ баар.

Онуоха Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын күнүскү стационара көмөлөһөр кыахтанна.

Наркология диспансерын күнүскү стационарыгар  куһаҕан дьаллыктан тутулуктаах дьоҥҥо (быраас быһаарбытынан, балыыһа усулуобуйатыгар суукканы быһа кэтээн көрүүнү ирдээбэт дьоҥҥо) көмөлөһөллөр.

Кинилэр отделениеҕа күнүс кэлэллэр уонна эмтэнии кэнниттэн дьиэлэригэр бараллар. Күнүскү стационар субуота уонна баскыһыанньа күннэртэн ураты 8.30-15.00 чч. үлэлиир.

Күнүскү стационарга маннык өҥөлөр оҥоһуллаллар:

Туругу быһаарыы (психиатр-нарколог, терапевт, килиниичэскэй психолог көрөллөр, анаалыстары аныыллар уо.д.а.). Наада буоллаҕына, сэдэх идэлээх (узкай) исписэлиистэр сүбэ-ама биэрэллэр.  

— Эмтээһин (тохтоло суох итириктээһинтэн таһаарыы, “кодирование”, хаттаан иһиэн баҕарыыны утары терапия уо.д.а)

—  Психотерапия көмөтө (мэдиссиинэ психологын сүбэтэ-амата, тулуйбакка төлө барыыны  сэрэтэр туһугар психотерапия сабыдыала).

Эмтэнии уһуна наркология көмөтүн стандартыгар сөп түбэһэр. Стационар 10 куойкалаах.

Билсиһэр төлөпүөн: 8-924-898-0435

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

7 минут ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

14 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

15 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

15 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

15 часов ago