РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тэрилтэлэринэн настаабынньыктар оруолларын толорор дьоҥҥо эбии төлөбүр аныыр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата.
Сэтинньи 9 күнүгэр докумуон официальнай порталга таҕыста, диэн «Известия» иһитиннэрдэ. Сокуонунан Үлэ Кодексатыгар «наставник» уонна «наставничество в сфере труда» диэн өйдөбүллэр киирэн биэрэллэр. Ону сэргэ, бу киирбит көннөрүүлэринэн эбээһинэһи толорооччуларга эбии төлөбүр бэриллиэҕэ. Эбии төлөбүр кээмэйэ араас сокуоннарынан, нуормалыыр аахталарынан уонна тэрилтэлэр ис докумуоннарынан олохтонуохтара.
Маны таһынан, настаабынньык оруолун толорооччу үлэ биэрээччини кытта эрдэттэн дуогабар түһэрсиэхтээх уонна ону олоххо киллэрии болдьоҕун эрдэттэн быһаарсыахтаах диэн чуолкайданар.
Сбербаан сэтинньи 15 күнүттэн “Дьиэ кэргэн ипотеката” уонна “ИТ ипотека” чэпчэтиилээх бырагыраамаларын хаттаан сөргүтүөҕэ. Бастаан…
Бу күннэргэ халлаан туругуттан тутулуктанар дьоҥҥо күн-дьыл уларыйыытынан сэрэхтээх буолалларыгар ыҥыраллар. Сэтинньи 13 күнүгэр эбиэт…
Сэтинньи 13 күнүгэр, биһиги ытыктыыр Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр Ытык киһибит туһунан…
Таатта улууһун борокуратуурата Амма нэһилиэгин урукку баһылыгын уонна экс-баһылык солбуйааччытын холуобунай дьыалатыгар буруйдуур түмүгү таһаарда.…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 7 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
Саха тылыгар «Күөрэгэй» III бэстибээлэ бу сыл сэтинньи 17 күнүгэр «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга ыытыллыаҕа.…