Настаабынньыктарга эбии төлөбүр ананыаҕа

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тэрилтэлэринэн настаабынньыктар оруолларын толорор дьоҥҥо эбии төлөбүр аныыр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата.

Сэтинньи 9 күнүгэр докумуон официальнай порталга таҕыста, диэн «Известия» иһитиннэрдэ. Сокуонунан Үлэ Кодексатыгар «наставник» уонна «наставничество в сфере труда» диэн өйдөбүллэр киирэн биэрэллэр. Ону сэргэ, бу киирбит көннөрүүлэринэн эбээһинэһи толорооччуларга эбии төлөбүр бэриллиэҕэ. Эбии төлөбүр кээмэйэ араас сокуоннарынан, нуормалыыр аахталарынан уонна тэрилтэлэр ис докумуоннарынан олохтонуохтара.

Маны таһынан, настаабынньык оруолун толорооччу үлэ биэрээччини кытта эрдэттэн дуогабар түһэрсиэхтээх уонна ону олоххо киллэрии болдьоҕун эрдэттэн быһаарсыахтаах диэн чуолкайданар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Инбэлииттэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө миэрэлэрэ

Инбэлииттэргэ уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ араас өрүттээх көмө оҥоһуллар. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга …

19 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киһини өлөрөн, 7 сылга хаайылынна

Дьокуускай куорат борокуратуурата 35 саастаах киһи холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Бу сууттаммыт киһи өлөрүүгэ…

52 минуты ago
  • Сонуннар

Муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна. Сийиэс икки…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

2026-2027 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыы алын баалын бигэргэттилэр

РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Оҕобун уорбуттар» диэн федеральнай ханаалга кэпсээтэ

Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньытааҕы «Чолбон»: Дьоллоох Дьокуускай Саҥа дьыллааҕы кэпсээннэрэ, Николай Неустроев уонна Низами Гянджеви

- «Улуу Кыайыы айымньылара » рубрикаҕа сэрии дьон дьылҕатынан оонньуурун туһунан Прокопий Чуукаар «Дьол хараҕын…

2 часа ago