Салгыы
«Натааһа» абырыыр дуу, алдьатар дуу?

«Натааһа» абырыыр дуу, алдьатар дуу?

Ааптар:
06.11.2022, 12:00
Бөлөххө киир:

Быйыл төһө даҕаны дьыл хойутаан кэлбитин иһин, бэрт сотору хам тутар буолуохтаах. Сэтинньи ортотун диэкиттэн  лаппа тымныйара күүтүллэр. Дьэ оччоҕуна үгүс эр дьон тимир көлөлөрүн тоҥорбот туһугар кыһаллыа. Кыһаллан да диэн, массыыналарын күнү быһа  үлэлэтэргэ күһэллиэхтэрэ буоллаҕа. Кыһын тимир көлөнү кытта бодьуустаһары сөбүлээбэт дьон массыыналарын тиэргэннэригэр таһааран тоҥорон кэбиһэллэр уонна саас буоларын күүтэллэр.

 

“Натааһа» абыраата

Сыыспат буоллахпына, Саха сиригэр ордук Дьокуускай куоракка тимир көлөнү тымныыттан харыстыыр “Натааһа” диэн сабыыны туһаныы уонтан тахса сыл буолла. Үгүс дьон абыраата дииллэр. 50 кыраадыс тымныы түһэн турар кэмигэр абыраабыта чуолкай буоллаҕа. Ити айылаах тымныыга массыына ходобуойа (стойкалара, атын да мэхэньиисимнэрэ) уонна көлүөһэ эрэ­һиинэлэрэ хам тоҥоллор. 15-20-чэ мүнүүтэ айаннаабата даҕаны көлөһөлөр тоҥон, этэргэ дылы, ат туйаҕын курдук топ-тобугурас буолаллар. Стойкалара тоҥнохторуна, дүлүҥү миинэн иһэр курдук буола тү­­һэллэр. Дьэ манныкка “Натааһа” диэн сабыы абырыыр – тимир көлөнү бүтүннүү сабар, ону тэҥэ, көлөһөлөр алын өттүлэринэн быанан ыга бүүрэ тардыллар буолан, массыына сылааһа бэйэтигэр хаалар. Кыратык омуннаатахха, ичигэр хараас оруолун толорор, дэлэҕэ “портативнай гараж” диэн ааттаныа дуо?

Бу сабыы матырыйаала тугуй? Бэрт судургутук быһаарар буоллахха, бу матырыйаал салгыны курдат таһаарбат анал­лаах. Тимир көлө туһунан кэпсэтэргэ аналлаах пуорумҥа «Непромокаемой внешней стороной может лежать на снегу, влага не впитывается. Сразу прилип к нему кот, райская мягкость и тепло привлекли наглеца, пытались выгнать неоднократно и безрезультатно. Сушить за зиму будет нужно, все равно конденсат понемногу будет собираться во внутренней стороне гаража, но сушка тре­буется нечасто, несколько раз за зиму. Поэтому понадобится комната с натянутым тросом или проволокой, где можно будет развесить и растянуть для просушивания данное изделие”, – диэн биир киһи суруйбут. Үгүс киһи бу этиигэ сөбүлэһэн санаатын этиммит.

15-20 кыраадыс тымныыга үгүс дьон тимир көлөлөрүн иккитэ-үстэ собуоттуулларын туһунан суруйбуттар. Түүн хаста даҕаны туран бэйэлэрэ собуоттаабаттар. “Автозапуск” диэнинэн собуоттанар уонна умуллар би­­риэмэтин туруоран эрэ биэрэллэр.

Омсолоох өрүтэ

Омсолоох өрүтэ туохханый диэн ыйытыы турар.  “Натааһа” сабыы бастаан үөдүйэрин саҕана бары хайҕаабыттара. Онтон  аҕы­йах сылынан  соччото суох өрүтэ күөрэйбитэ. Биирдиилээн саҥалар иһиллэр буолан барбыттара. Ол курдук, массыына электриката ордук айгырыыр, алдьанар диэн быһаарбыттара. 40-50 кыраадыс тымныыга тустаах сабыынан бүрүллэн туран, күнү күннүктээн үлэлиир кэмигэр тимир көлө сылааһа салгыҥҥа көппөккө, массыына иһигэр хаатыйаланар эбит. Итинтэн сылтаан тимир көлө иһэ уонна, саамай сүрүнэ, мотуор  сиигирэллэрин түмүгэр, электриката (проводтара) түргэнник  алдьанар-кээһэнэр эбит, онтон сыл­таан самыкаанньалыан сөп. Сиигириини нууччалыы “конденсаттааһын” диэн быһаарыахха эмиэ сөп. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон тимир көлөлөрүн электрикатын оҥорторуулара лаппа элбээбитэ иһиллэр. Автоэлектриктарга ордук саас диэки халыҥ уочарат үөскүүрэ биллэр. Былырыын саас биир бэйэм тимир көлөм сигнальнай тэрилэ хаппырыыстаабытыгар биир автоэлектриккэ тиийбитим, арай, халыҥ уочарат буолан соһуппута. Иннибэр уонча массыына турара. Ыйыталаһан билбитим, бары кэриэтэ электрикалара (боруобаттара) моһуоктаан кэлэн тураллара. Ол эрээри, бары кыһын устата “Натааһа” сабыыны туһаммыттарын-туһамматахтарын ыйыппатахпын.

Бу күннэргэ массыына уотун-күөһүн, электрикатын өрөмүөннүүр исписэлииһи кытары көрсөн кэпсэттим. Онуоха: «Натааһа» сабыыттан сылтаан эрэ тимир көлө электриката айгырыыр диэн этэр сыыһа буолуо. Кыһын 50 кыраадыс тымныыга сүүрдэр сыанан аҕаабата чуолкай. Тимир көлө аата тимир көлө, хаһан баҕарар, туга баҕарар алдьаныан-кээһэниэн сөп. Ити анал сабыыны туһаммытым эмиэ балачча буолла. Биллэн турар,  кыһын өр туһаннахха, сабыы сиигирэриттэн сылтаан мууһурар. Ол иһин кэмиттэн кэмигэр куурда сылдьыллыахтаах. Биһиги усулуобуйабытыгар ол уустук соҕус буолуо үгүстэргэ. Ити айылаах балаакка саҕа сабыыны куурдар манан дьыала буолбатах эрээри, хайдах эмит гынан, төһө кыалларынан, бэрийиэххэ наада. Оннук гымматахха, кырдьык, тимир көлө электрикатыгар бөрүкүтэ суох дьайыыны оҥоруон сөп», – диэн санаатын үллэһиннэ.

Ол аата “Натааһа” сабыыны аҥаардастыы буруйдуур сыыһа буолан тахсарыгар тиийэр. Тимир көлө хаһаайына хайдаҕыттан улахан тутулуктаах эбит. Хаһаайын кэмиттэн кэмигэр балаакка саҕа сабыыны хайдах эмит гынан куурдан бэрийэргэ, көрөргө-истэргэ кыһаллыахтааҕын чуолкай быһаардыбыт.

Дьон санаата

«Хараастаах буолан куурдабын»

Владимир Васильев, Дьокуус­кай олохтооҕо:

— “Натааһа” сабыыны туһаммытым син балачча буолла. Үс оҕолоох дьиэ кэргэн буоламмыт, кыһын тимир көлөбүн тохтоло суох сүүрдэбин, оҕолору оҕо саадыгар, оскуолаҕа таһабын. Кыһын үлэм таһыгар «Натааһанан» сабан кэбиһэбин. Тымныыга абырал­лаах тэрил. Биллэн турар, мууһурар дииллэр. Мин оннугу көрсө иликпин. Тоҕо диэтэххэ,  ичи­гэс хараастаах буолан, хас киэһэ аайы  ыйаан куурдабын. Оттон харааһа суохтарга, кырдьык, уустук соҕус буолуо. Харааһа суохтар кыһыннары “Натааһа” сабыыны туһаналлар диэни истэбин. Кинилэр мууһурбут сабыыны хайдах эбит гынан куурдуохтарын наада буолуо.

«Кэмиттэн кэмигэр көрүөххэ-истиэххэ наада»

Егор Алексеев, Дьокуускай олохтооҕо:

– “Натааһа” сабыыны былырыын туһаммытым. Бэрт этэ. Куорат кииниттэн ыраах чааһынай дьиэҕэ олоробут. Онон оҕолорбунаан, кэргэмминээн бары массыынабытынан таһыллабыт.  Сарсыарда “Натааһанан” сабан баран,  үлэбэр киирэбин. 50 кыраадыс тымныыга массыынам тоҥмокко, туох да буолбакка турааччы эрээри, сиигирэр буолан электриканы айгыратар быһыылаах. Былырыын саас моһуок­таан ылбыта. Исписэлиискэ көрдөрбүппэр,  сиигирииттэн диэн быһаарбыта. Дьиҥэр, былырыын мууһурбут сабыыны аҕыйахтык да буоллар куурдубутум, быйыл болҕомтону уурдахпына табыллыыһы. Онон  кэмиттэн кэмигэр көрө-истэ сылдьыллыахтаах эбит.

“Туһаммытым иккис сыла буолла”

Василий Бурцев, улуус олохтооҕо:

– Иккис сылым буолла туһаммытым. Дьокуускайга тиийэн, хараас уларса барбакка, түспүт ыалым таһыгар “Натааһанан” сабан кэбиһэбин. Кыһын өрүскэ балыктыы бардахха, эмиэ абырыыр ээ. Үксүн бэлэми атыылаһаллар быһыылаах. Сыаната ыарахан соҕус. Онон итинник матырыйаалы ылан, иистэнньэҥ ойохтоох дьон бэйэлэрэ да ти­­гиэхтэрин сөп, туох уустуктаах буолуой?

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: