Наталья Федорова: «Төрөппүт уонна учуутал – оҕо икки кыната»

Share

Маҥнайгы кылааска киирэр оҕолор төрөппүттэригэр сүбэлиир соруктаах Дьокуускай куораттааҕы Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын иһинэн үлэлиир алын сүһүөх оскуола учуутала, “Саха сирин эрэлэ” бэлиэ хаһаайына Наталья Федорованы кытта кэпсэттибит.

ОСКУОЛАҔА КИИРЭР ОҔО САТАБЫЛА

– Маҥнайгы кылааска киирэр оҕо тугу билиэхтээҕий, сатыахтааҕый? Учуутал быһыытынан төрөппүттэргэ тугу сүбэлиигин?

– Оскуолаҕа оҕолор 6,5-7 саастарыгар бараллар. Бу сааһыгар оҕо бэйэтин көрүнэр, тэринэр, хааччынар буолуох­таах. Тылы сүһүөхтэринэн холбоон ааҕара мэһэйдээбэт. Саамай сүрүнэ болҕомто­лоох, уруокка тулуйан олорор, учуутал эппитин истэр, толорор, бэйэтин санаатын кыайан этэр хаачыстыбалардаах ос­­куолаҕа киириэхтээх. Оччотугар оҕо оскуола иннинэ да билбэтэҕин түргэнник ситиһэр, барар тиэмэни дэбигис өйдүүр. Дорҕооннору араарар, чуолкайдык саҥарар буолуох­таах. Мин санаабар, оҕо оскуолаҕа ааҕан киирэрэ ордук эрээри, уһу­йааҥҥа сылдьар кэмигэр дорҕооҥҥо күүскэ үлэлэһэн кэлэрэ өссө үчүгэй. Бэйэтин аатыттан саҕалаан дьиэ кэргэнин аатын-суолун, олорор аадырыһын, дойдутун, тулалыыр эйгэ туһунан сүрүн өйдөбүллэри билиэхтээх. Бу барыта түмүллэн оҕо үөрэнэригэр көмөлөһөр.

ААҔАРА ОРДУК ДУУ, ААХПАТА ДУУ?

– Сорох төрөппүттэр: “Хамнастаах учууталлар бааллар, аахтара үөрэтиэхтэрэ”, – дииллэр. Оҕо оскуолаҕа ааҕан киирэрэ ордук дуу, аахпата дуу?

– Кырдьык, сорох төрөппүт инньэ диир. Ол эрээри, төрөппүт быһыытынан эттэхпинэ, бу мин оҕом, бэйэм оҕобор тоҕо кыһаллыа суохтаахпыный, олоччу атын дьоҥҥо сэлээн­ниэхтээхпиний? Саамай сүрүнэ оҕо аһаҕас, бүтэй дорҕооннору араарар, саҥарар буолуохтаах. Оччоҕо бэрт кылгас кэм иһигэр ылынар, ааҕа үөрэнэр, билбэт сатабылларын баһылыыр.
Олохпут олус балысханнык сайдар. Бииртэн-биир саҥа сүүрээн, көрүү, технология киирэн иһэр. Ону кытта оҕобут оскуолаҕа киирэригэр балачча билиилээх-көрүүлээх, толкуйдуур дьоҕурдаах, тыла-өһө чуолкай буолара ирдэнэр. Сорохтор добдугураччы ааҕан, атыттар букатын буукубаны даҕаны билбэккэ кэлэллэр. Дьэ, онно хас биирдии үөрэнээччигэ туспа сөптөөх сыһыан, көрүү булан үөрэтэбин. Маныаха учууталга саамай улахан көмөлөһөөччүнэн төрөппүт буолар. Учуутал үөрэтэр ньыматынан, сүбэтинэн, оҕону мөхпөккө-эппэккэ икки өттүттэн өйөөн, көмөлөһөн, үөрэнэр суолун арыйыахтаахпыт. Оҕо икки кыната биһиги – төрөппүт уонна учуутал. Аахтара үөрэтиэхтэрэ диэн биир киһиэхэ сэлээннээн баран сырыттахха, оҕобут үөрэҕэр харгыстары, уустуктары көрсүөн сөп.

ҮӨРЭХ ТЭРИЛЭ

– Аны үөрэх тэрилин атыылаһыыга тугу сү­­бэлиигин? Хайдах суумка, тэтэрээт ордугуй?

– Үөрэх тэрилин атыылаһарга оҕо сааһыгар сөп түбэһэри, табыгастааҕы, туһалааҕы ылалларыгар сүбэлиибин. Холобур, оскуолаҕа киирэр оҕолор аҥаар­дара харан­дааһы, уруучуканы сыыһа туталлар. Маны көннөрөргө бэлэм “насадка-тренажер” атыыланар, ону ылалларыгар, эрдэттэн уруучуканы сөпкө тутарга үөрэтэллэригэр сүбэлиибин. Уруучука кырасыабайын буол­бакка, оҕоҕо табыгас­тааҕын, туһалааҕын көрөн атыылаһыахтаахпыт.

Роспотребнадзор ирдэбилинэн бартыбыал ыйааһына киилэттэн ордук, кэтитэ оҕо санныттан кэтит буолуо, сүгэр быата оҕо саннын аалыа суохтаах, хайаан даҕаны уоту тэйитэр бэлиэлээх буолара ирдэнэр.

Алын кылаас үөрэнээччитигэр 12 эбэтэр 18 илиис­тээх тэтэрээт барсар. Тус бэйэм, тэтэрээти үөрэтэр биридимиэт­тэринэн тус-тус­па өҥнөөҕү ылларааччыбын. Бу оҕо тэтэрээтин түргэнник буларыгар, бэрэбиэркэҕэ араа­ран уурарыгар, тарҕатарыгар туһалаах. А4 кээмэйдээх үлэ, уруһуй уруоктарыгар туспа паапка оҥостоллоро ордук.

Бастакы кылааска үгүстэрэ харандааһынан суруйаллар, көннөрөллөрүгэр судургу. Бэлэмнээх, суруйар оҕоҕо тута уруучуканы туттарабыт. Сотуллар уруучука, штрих бобуллар.

Сатаан суруйбатар да, дневнигы оҕо бастакы кылаастан тутта, толоро үөрэнэрэ ордук. Бу үөрэнээччи бэйэтин хонтуруолланар, бэрээдэктэнэр, сааһыланар, былааннанар докумуона буолар. Уруоктарын бастакы буукубаларын, сыыйа илдьэ кэлиэхтээх тэриллэрин суруналлар.

Үөрэнээччи пуорманы кэтэрин дуу, кэппэтин дуу бэйэтэ быһаарар, билигин урукку курдук биир таҥас ирдэммэт. Ол эрээри, сорох оскуо­­лалар ус­­таабынан бигэргэ­тиэхтэрин сөп. Онон төрөппүттэр уонна оскуола икки өттүттэн сүбэлэһэн быһаараллар. Мин санаа­бар, оскуолаҕа дьыалабыай истиил киирэрэ ордук. Тоҕо диэтэххэ, оҕону өрө тардар, бэрээдэктиир.

ҮӨРЭНИЭН БАҔАРБАТ ОҔО

– Уһуйаантан кэлэр оҕо оскуола туһунан бэрт үчүгэй өйдөбүллээх. Ол эрээри, оонньооботун, утуйбатын, эбиитин үлэлиирин билэн баран үөрэниэн баҕарбат түгэннэрэ үөскүүллэр. Манна хайдах үлэлэһэҕин, төрөппүттэргэ тугу сүбэлиигин?

– Бу төрүөтэ араас буолуон сөп. Бастакытынан, оҕо оскуо­­лаҕа киирэригэр төрөппүт оскуола туһунан өйдөтүөхтээх, элбэхтик кэпсиэхтээх, үөрэх туохха наадатын быһаа­­рыахтаах. Ити түһүмэҕи ааспатах, уһуйааҥҥа оонньуу, утуйа сылдьыбыт оҕо эмискэ кэлэн, биллэн турар, соһу­йар. Иккиһинэн, куруук оонньуур, алтыһар оҕолоро бэйэтиттэн кыра саастаах түгэннэригэр кинилэр курдук куруук оон­ньуон, үлэлээмиэн баҕарыан сөп. Үсүһүнэн, төрөппүт олус хонтуруоллуур (гиперопека) буол­лаҕына, оҕо үөрэххэ эппиэтинэһэ намтыыр. Төрдүһүнэн, туохтан эрэ кыбыстар (үөрэҕин кыайбатыттан, сатаабатыттан, сыыһа саҥарарыттан, мөлтөхтүк истэриттэн, оҕолор үөҕэллэриттэн, тас көрүҥүттэн…) буо­луон сөп. Бэсиһинэн, биир сиргэ таба олорбот (гиперактивнай) оҕолор арадьы­йан, учуутал этэрин өйдөөн истибэккэ хаалан, көтүтэллэрэ элбэх. Алтыһынан, ос­­куолаттан сылайан кэлбит оҕоҕо тута дьиэ­ҕэ үлэтин толорторор, уруогун аахтарар, ирдиир сыыһа. Оҕо аһыахтаах, сынньана, аралдьыйа түһүөхтээх. Сэттиһинэн, аныгы кэм кыһалҕата – гаджет. Сорох оҕо аһыырын, утуйарын да умнан туран төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ оонньуур. Гаджекка “ылларбыт” оҕо эмиэ үөрэниэн баҕарбат. Онон мөхпөккө-эппэккэ туох төрүөтүнэн табыллыбатаҕын быһаарыахтаахпыт, өйдөтүөхтээхпит, көмөлөһүөх­тээхпит, үөрэнэр баҕатын үөскэтиэхтээхпит.

ДЬИЭҔЭ ҮЛЭНИ ТОЛОРУУ

– Оҕо дьиэҕэ үлэтин толороругар төрөппүт көмөлөһүөхтээх дуу, суох дуу? Дьиэҕэ үлэ толорорбутугар куттааһын, ытааһын кытта баар буолар дииллэрин элбэхтик истэбит.

– Дьиэҕэ үлэ толоруутугар итинник түгэн элбэхтик тахсар. Оҕо сынньаныан баҕарар кэмигэр сыҥалаан, күргүйдээн, куттаан туран толорторуу содула. Мөҕүллэ-мөҕүллэ ким уруок толоруон баҕарыай, устунан үөрэххэ баҕата уостан барар. Саамай сыыстарарбыт ити буолар. Төрөппүт уонна учуутал оҕоҕо кынат буоларын өйдөөн туран ити кэми тулуйуох­таах, быһаарыахтаах, өйүөхтээх, алын сүһүөххэ оҕону үөрэнэргэ үөрэтэбит. Уонна оҥорбут үлэтин булгуччу хайҕыахтаахпыт, онтон үөрэххэ, үлэҕэ баҕата быһаччы тутулуктаах.

Үксүгэр төрөппүт ыйыытынан-кэрдиитинэн аҥардастыы толоро эрэ сылдьыбыт, бэлэмҥэ үөрэммит оҕо бэйэтин кыа­йан сааһыламмат, улахан киһи көмөтүн эрэйэр. Оннук буолбатын туһугар төрөппүт оҕоҕо кыратыттан бэйэтин дьаһана, хааччына үөрэтиэхтээх. Оччоҕо эрэ оскуолаҕа киирбит оҕо төрөппүт киэһэ үлэтиттэн кэлэрин кэтэспэккэ дьиэҕэ үлэтин бэйэтэ ааҕар, толорор, мунаарар түгэнигэр эрэ ыйыталаһар. Төрөппүт хонтуруоллуохтаах, өйүөхтээх, кыра да хардыытын, сатабылын хайҕыахтаах. Оҕолоро сайдарын туһугар эрдэттэн үлэлэспит, сыраларын уурбут төрөппүттэр оҕолоро үөрэҕи дэбигис ылыналлар, ыарырҕаппакка үөрэнэллэр.
Тулуурдаах, дьулуурдаах буолуоҕуҥ. Оҕо улахан дьонтон холобур ыларын умнумуоҕуҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ сайаапкалары ылыы салҕанар

2025 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри "Үлэ киһитэ" бириэмийэҕэ сайаапкалары ылыы салҕанар. Бу туһунан…

15 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка айар талааннаахтара баһылыгы кытта көрүстүлэр

Бэҕэһээ, тохсунньу 21 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов өбүгэлэр төрүт дьарыктарын, баай ис…

29 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка 20 саастаах уол кыбартыыра бас билээччитин албыннаабыт

Өймөкөөн оройуонун полициятыгар Дьокуускай олохтооҕуттан сайабылыанньа киирбит. Эдэр уол куортамҥа кыбартыыраны ылан баран, аренда төлөбүрүн…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр оҥоһуу өй ФЛГ түмүгүн таһаарыа

Оҥоһуу өй көмөтүнэн флюорография анализтааһынын тиһигин туһаныы чинчийии түмүгүн ылар болдьоҕун аччатар, гиподиагностика түбэлтэтин аҕыйатар,…

60 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү волонтердара байыастарга көмө оҥордулар

Бүлүү улууһун «Бүлүү Харысхал» хамсааһына бу сылга үктэнэн баран үһүстээн нэһилиэнньэттэн аахсыйа быһыытынан тоҥ аһылыгы…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 23 саастаах кыыс төлөпүөн уорууга буруйданна

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар мобильнай төлөпүөнү уорбуттарын туһунан олохтоох киһиттэн сайабылыанньа киирбит. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…

2 часа ago