Наталья Харлампьева ааҕааччыларын кытта көрүстэ
Кулун тутар 19 күнүгэр «Далбар Хотун» сурунаал 30 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева ааҕааччыларын кытта айар көрсүһүүтэ буолла.
— Сурунаал 30 сыл тухары тахса турарыттан, билигин да норуокка күүтүүлээх буоларыттан астынабын. Тэрийсээччи, бастакы эрэдээктэр буолан, айымньылаахтык үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Саха дьахтара бэйэтэ сурунааллаах буолбута, бу сыллар тухары саха дьахтарын бастыҥын, чулуутун суруйан, сырдатан кэллэҕэ, — диэн Наталья Ивановна сурунаал туһунан санаатын үллэһиннэ.
Кини билигин тугу үлэлии сылдьарын туһунан кэпсээтэ. «Сааһырдахха, хоһоон суруллубат буолар» диэччилэр. Сорох бэйиэттэр арамаан суруйуутугар көһөллөр. Оттон миэхэ хоһооннор билигин да сурулла тураллар, ол эрээри, документальнай прозаҕа үлэлэһэр эмиэ наада», — диэн кини этэр.
Ол курдук, бэйиэт хоһооннорун саҥа кинигэлэрин бэлэмнии сылдьар. Бу күннэргэ үөрүүлээх сурахтар кэллилэр. Сотору кэминэн Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытыллыахтара. Бу күннэри көрсө Наталья Харлампьева «Саха оноҕоһо» кинигэтэ казах тылынан тылбаастанан тахсан эрэр. Ону тэҥэ, «Молодая гвардия» кыһаҕа «Биография продолжается» сиэрийэнэн Алексей Томтосов туһунан документальнай кинигэтэ тахсыахтаах. Бу үтүө сонуннары сааланы толору мустубут дьон ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Наталья Харлампьева саха норуотун устуоруйатын, тыл, тылбаас, таптал, сааһырыы, киһи дьылҕатын, о.д.а. туһунан дириҥ ис хоһоонноох санааларын үллэһиннэ, манна сыһыаннаах хоһооннорун аахта.
Саха сирин Ытык Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева Наталья Харлампьеваны бэйэлэрин кэккэлэригэр ылалларын этэн туран, «Ытык Сүбэ Бочуоттаах кырдьаҕаһа» диэн бэлиэни туттарда.
Судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэл Анастасия Божедонова сурунаал аан бастаан тахсыытын, тэриллиитин, Н.И. Харлампьеваны бастакы эрэдээктэринэн талыы туһунан кэпсээтэ.
Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ кэлэн эҕэрдэлээтилэр. «Наталья Ивановна биһиги оскуолабытын бүтэрбитэ, онон биһиги кини айар үлэтин куруук кэтээн көрөбүт, үөрэтэбит» , — диэн оҕолор эттилэр. Кинилэр күргүөмүнэн кэлбиттэрэ тэрээһини сэргэхситтэ.
Салгыы норуодунай бэйиэт сүгүрүйээччилэрэ сылаас тылларын, истиҥ санааларын, махталларын эттилэр, сааскылыы сандаархай сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: