Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ түмүктэннилэр, икки уруулуу норуот экэниэмикэ, атыы-эргиэн, инвестиция, култуура өттүгэр уопут атастастылар, бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһиилэр түһэрсилиннилэр. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун дэлэгээссийэтэ бу күннэргэ баран, таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ.
Ол курдук, Астана куоракка норуот бэйиэтэ Наталья Харлампьева «Саха оноҕоһо» кинигэтэ казахтыы тылбаастанан тахсыбытын сүрэхтээтилэр. Киниэхэ түүр омуктарын сомоҕолоһууларыгар киллэрбит кылаатын, устуоруйаларын үөрэтии, хоһоонунан дьүһүйүү иһин «ТЮРКСОЙ» түүр омуктар култуураларын сомоҕолуур аан дойдутааҕы түмсүү үрдүкү наҕараадатын — кыһыл көмүс мэтээлин туттардылар. «ТЮРКСОЙ» — бу түүр омуктарга аан дойдутааҕы «ЮНЕСКО» кэриэтэ буолар.
Маны тэҥэ, саха суруйааччылара Казахстаан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Улугбек Есдаулет «Таас балбаал» кинигэтин сахалыы тылбаастаан таһаарбыттарын уонна «Биһиги Турсунайбыт» ахтыы кинигэни сүрэхтээтилэр.
Алматы куоракка «Казах уонна саха литератураларын ситимнэрэ» диэн улахан төгүрүк остуолу ыыттылар. Манна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, Култуура уонна дуохуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев кытыннылар.
Казахстаан уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойуустара доҕордоһор үтүө үгэстэрин сөргүтэн, бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэристилэр. Хардарыта тылбаастары оҥорорго, икки өттүттэн тэрээһиннэри ыытарга кэпсэттилэр.
Бу иннинэ Казахстааҥҥа Саха поэзиятын антологиятын казах тылыгар тылбаастаан таһааран тураллар. Манна Өксөкүлээх Өлөксөйтөн саҕалаан, аныгы бэйиэттэр айымньылара киирбиттэр. Ону тэҥэ, Николай Лугинов «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» үс кинигэтин биир кинигэ оҥорон, казах тылыгар тылбаастаан, сүрдээх халыҥ кинигэни таһаарбыттара, атыыланан бүппүт.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…