Наталья Харлампьева үс кинигэтин сүрэхтээтэ
Саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева быйылгы үбүлүөйдээх сылыгар үс кинигэтин сүрэхтээтэ. Кини быйыл “Саха оноҕоһо”, “Якутская стрела”, “Тыаллыын кэпсэтии” кинигэлэри таһаарда.
Сүрэхтэниигэ Наталья Ивановна бииргэ алтыһар кэллиэгэлэрэ, доҕотторо, эрэллээх ааҕааччылара муһуннулар. Кини Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ буоларынан, Арассыыйатааҕы уонна эрэгийиэннэр сойуустарын кытары ыкса сибээһи тутуһан үлэлиир. Ол чэрчитинэн, Москваттан, Башкортостантан, Татарстантан доҕотторо быһа сибээскэ тахсан эҕэрдэлээтилэр.
“Литературная Россия” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Владимир Еременко, “Молодая гвардия” кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Марина Залесская, Башкортостан Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Айгиз Баймухаметов, Татарстан норуодунай поэта, Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ркаиль Зайдулла эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
“ЛОРП” дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров урут ыччат миниистирэ, бэрэсидьиэн, бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта эрдэҕинэ, Суруйааччылар сойуустарын кытары ыкса үлэлэһэрэ, тэрээһиннэрин өйүүрэ. Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын ыытарга олук уурсубута. Кини истиҥник эҕэрдэлээн туран, Хаҥалас улууһугар ааҕааччылары кытары көрсүһүүгэ ыҥырда уонна аны күһүн убаһа бэлэхтиирин туһунан иһитиннэрдэ.
Култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов билигин командировкаҕа сылдьар буолан, министиэристибэ аатыттан Майя Ермолаева тыл эттэ. Соторутааҕыта Москваҕа “Якутская стрела” кинигэ сүрэхтэммитин, саха литературатын күнэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын, “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээл норуоттар доҕордоһууларыгар олук уурарын, эрэгийиэннэри кытары сибээһи олохтуурга олус көмөлөөҕүн туһунан бэлиэтээтэ уонна өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаан оҥоһуллубут чороону бэлэх уунна.
Национальнай бибилэтиэкэттэн үлэһиттэр сибэкки дьөрбөлөөх, бөлөҕүнэн кэлэн, эҕэрдэлээтилэр. Биир сыаллаах-соруктаах буолан, өрүү бииргэ үлэлэһэллэрин, Наталья Харлампьева түбүктээх үлэтиттэн быыс булан, анаан подкаст ааҕарын ааҕааччылар куруук күүтэллэрин туһунан эттилэр.
Норуодунай поэт Елена Слепцова-Куорсуннаах, М.Горькай аатынан Литературнай институт доцена, тылбаасчыт Аита Шапошникова, поэттар Елизавета Мигалкина, Долгура ис сүрэхтэриттэн эҕэрдэ, махтал тылларын эттилэр.
“Сахабэчээт” тэрилтэ салайааччыта Ньургуйаана Стручкова оҕо эрдэҕиттэн бэйиэт сүгүрүйээччитэ буоларын, саҥа кинигэлэрин кэтэһэрин этэн туран, бөлүһүөктүү көрүүлээҕин, үрдүк эппиэтинэһи сүгэн, учууталлара Семен, Софрон Даниловтар ааттарын ааттата сылдьарын уонна үүнэр көлүөнэлэри ситимнээн, эдэр суруйааччылары иитэн таһаарарга улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ.
“Айар” кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Марина Макеева саха литературата сайдарыгар ис сүрэҕиттэн кыһалларын, сайдарыгар сүҥкэн көмөлөөҕүн, сороҕор кинигэ бэчээттэнэригэр үп-харчы быһыллыбатын туһугар үрдүк өһүөлээхтэргэ киирэн туруулаһарын туһунан кэпсээтэ. Ол да иһин классиктар, аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар, оҕо литературалара тиһигин быспакка бэчээттэнэ тураллар.
Маны тэҥэ, “Сахамедиа” холдинг дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, суруналыыс Иван Ушницкай, Ытык Сүбэ салайааччыта Люлия Григорьева, Чурапчы, Горнай улуустарын, Маҕан нэһилиэгин дьаһалталарын бэрэстэбиитэллэрэ, урут “Саха сирэ” хаһыакка бииргэ үлэлии сылдьыбыт кэлиэгэлэрэ эҕэрдэлээтилэр, элбэх истиҥ, сылаас тылларын анаатылар.
Биир умнуллубат бэлиэ түгэнинэн Наталья Харлампьева үөрэммит, Дьокуускай куорат 20-с №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ кэчигирэһэн тахсан, эҕэрдэлээбиттэрэ, хоһоон аахпыттара буолла. Сахалыы билбэт оҕолор хас да чаас тулуйан-тэһийэн, кэтэһэн олорбуттара туһугар хайҕаллаах суол.
Наталья Харлампьева Арассыыйа суруйааччыларыгар улаханнык ытыктанар, биллэр, норуоттар доҕордоһууларын олохтуурга, саха литературатын таһаарарга, ийэ тылбыт сайдыытыгар, көлүөнэлэр солбуһууларыгар, атааннаах үйэҕэ кэскил, эрэл хааларыгар олус элбэҕи оҥоро сылдьар киһи буолар.
…Бу мин!
Ылыныҥ, ылынымаҥ,
Иччилээх тылларым
Күүһүгэр уйдаран,
Үйэни уҥуордуур
Айаммар турунан,
Сирдээҕи аналым
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: