Дьокуускай куорат суутун бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Наталья Васильевна Иванова “Сэмсэ санаа” биэриигэ суут үлэтин, гражданскай, холуобунай дьыалалары көрүү туһунан кэпсээтэ.
– Наталья Васильевна, Арассыыйа күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, суут-сокуон тула кэпсэтээри, санаа атастаһаары бүгүн бу биэриибэр ыҥырдым. Суут ис үлэтин үгүс дьон билбэт, эһиги сабыылаах соҕус тэрилтэ буоллаххыт дии. Онон кэпсэтиибитин, бастатан туран, Дьокуускай куорат суутун үлэтиттэн саҕалыахха.
– Кырдьык, оннук буолуон сөп, суут үлэтин киһи эрэ барыта ымпыгар-чымпыгар диэри билбэт. Дьокуускай куорат суута өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбатах, бүтүн Уһук Илин эрэгийиэнигэр биир улахан суутунан буолар. Биһиэхэ гражданскай уонна холуобунай кэллиэгийэлэр бааллар. Куорат суута элбэх саастааптаах буолан, элбэх судьуйалар үлэлииллэр. Ыстаакка 43 судьуйа көрүллэр итиэннэ балтараа сүүсчэкэ аппараат үлэһиттэрэ. Куоракка оҥоһуллар холуобунай, гражданскай уонна административнай буруй дьыалаларын көрөбүт. Өрөспүүбүлүкэ иһинэн көрүллэр туох баар холуобунай, гражданскай дьыалалар 60%-ра биһиги сууппутугар киирэр. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбит уратытынан, нэһилиэнньэ улахан аҥаара Дьокуускай куоракка олорорунан сибээстиэххэ сөп. Аны туран, туох баар судаарыстыбаннай уорганнар, бөдөҥ тэрилтэлэр барылара Дьокуускайга бааллар. Маны таһынан улахан уопсастыбаннай айдааны, интэриэһи таһаарбыт дьыалалар эмиэ биһиги сууппутугар көрүллэллэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 22 оройуон суута баар. “Судебнай присутствиеларын” аахтахха, 40-тан тахса буолар. Олор мантан хаалбыт 40% көрөллөр.
– “Судебнай присутствие” диэн тугуй?
– Урут оройуон аайы сууттар бааллара. Кэлиҥҥи сылларга аҕыйах дьыала көрүллэр сууттарын холботолообуттара. Онон, билиҥҥитэ 22 оройуоннааҕы суут үлэлиир.
Салгыы үлэбитин кэпсээтэххэ, ааспыт сылга барыта 28 тыһыынча дьыаланы көрдүбүт.
– Баһаам элбэх дьыала көрүллэр эбит дии.
– Оннук. Бу улахан үлэттэн турар. Биһиэхэ судьуйалар ыстааттара толору буолбатах. 34 судьуйа эрэ үлэлиир.
– Судьуйа күннээҕи үлэтэ хайдах буоларый? Күҥҥэ биир судьуйа хас дьыаланы көрөрүй?
– Гражданскай кэллиэгийэ судьуйата буоларым быһыытынан кэпсээтэххэ, үлэм олох эрдэ, үлэ чааһын иннинэ саҕаланар. Гражданскай дьыалалар элбэх салаалартан тураллар. Манна гражданскай быраап эрэ буолбакка, сир, олорор дьиэ-уот, нолуок, таможня уонна да атын элбэх сокуоннар киирэллэр. Ол сокуоннар аны уларыйа тураллар. Күннэтэ саҥа сокуоннар ылыныллаллар. Ону барытын судьуйа үөрэтэ сылдьыахтаах. Суут быраактыката эмиэ уларыйа турар, ону эмиэ барытын билиэхтээххин, үөрэтиэхтээххин. Онон сарсыарда эрдэттэн олору көрөҕүн, үөрэтэҕин. Салгыы 9 чаастан суут мунньахтара саҕаланаллар. Гражданскай судьуйалар күннэтэ 10-15 дьыаланы аныыллар. Биһиэхэ суут буолбатах күнэ диэн суох. Эбиэккэ диэри дьыалалары көрөн, аны суут уураахтарын таһаарыахтааххын. Инньэ гынан сорох түгэҥҥэ эбиэттиир да бириэмэ суох буолар. Эбиэт кэннэ суут мунньахтара салгыы ыытыллаллар.
– Оччотугар субуотаҕа, өрөбүлгэ сынньалаҥ көрүллүбэт дуо?
– Суох. Күн аайы аны судьуйаҕа саҥа 10-15 дьыала киирэр. Олору эмиэ үөрэтиэххин наада.
– Аны эппиэтинэһэ бэрт буоллаҕа дии. Киһи, бүтүн тэрилтэ дьылҕата быһаарыллар…
– Гражданскай мөккүөр да буоллаҕына, судьуйа сөптөөх, сиэрдээх быһаарыныы ылынан, сокуоҥҥа олоҕуран уураах таһаарар.
– Хайдах киһи судьуйа буолуохтааҕый? Үөрэнэллэр, үөрэх кэннэ суукка үлэлии киирэн баран, хаһан, хайдах судьуйа буолалларый?
– Судьуйа вакансията аһылыннаҕына куонкурус биллэриллэр. Судьуйаҕа хандьыдаакка сокуон ирдэбилэ туруоруллар. Бастатан туран, кини Арассыыйа гражданина, үрдүк юридическай үөрэхтээх, сууттамматах, биэс сыл юридическай ыстаастаах буолуохтаах. Ити ирдэбилгэ эппиэттиир исписэлиис докумуоннарын туттаран куонкуруска кыттар бырааптаах. Бу кэннэ элбэх бэрэбиэркэни барар, психологическай тургутууну ааһар, квалификационнай эксээмэни туттарар. Ону ааһан кини чугас аймахтарын эмиэ бэрэбиэркэлииллэр, сууттаммыттар дуу, суох дуу, ханна үлэлииллэрэ, дохуоттара, баайдара-дуоллара барыта көрүллэр. Судаарыстыбаннай уоргаҥҥа үлэлиир чугас аймахтаах буоллаҕына, куонкуруһу ааһара эмиэ ыарахаттардаах. Онон ирдэбил кытаанах. Бу маны барытын ааспытын кэннэ квалификационнай кэллиэгийэ буолар. Онно кэллиэгийэ туһааннаах хандьыдаакка мэктиэ биэрдэҕинэ кини дьыалата Москваҕа, дойду Аҕа баһылыгын дьаһалтатыгар ыытыллар. Салгыы каадыр хамыыһыйата бэрэбиэркэлиир. Тиһэҕэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсар.
– Дьэ, кытаанах тургутугу ааспыт киһи судьуйа буолар эбит. Аны маннык ыйытыылаахпын, судьуйа хайдах орто сүнньүн булан быһаарыныы ылынарый? Сиэрдээх уураах хайдах ылынылларый?
– Холобур, холуобунай дьыалаҕа буруйу оҥорбут киһи дьайыыта юридическай өттүнэн сөпкө квалификацияланыахтаах. Оҥорбут буруйа дакаастаныахтаах. Барытын үөрэтэн, дакаастаан баран, накаастабыл миэрэтин туттар. Гражданскай дьыалаҕа быраап сыһыаннаһыыларыгар сөптөөх ханнык сокуон нуормалара туттуллаллара быһаарыллыахтаах. Гражданскай дьыалаҕа өрүттэр бэйэлэрэ дакаастыыллар, холуобунай дьыала курдук буолбатах. Холуобунай дьыалаҕа силиэдэбэтэл дакаастыыр буоллаҕына, гражданскайга өрүттэр бэйэлэрэ дакаастыыллар. Гражданнар суукка кыттар буоллахтарына бэрэстэбиитэллэнэллэр. Аны ол бэрэстэбиитэллэрэ бары дьыалаҕа эҥкилэ суох үлэлииллэр диир кыах эмиэ суох. Онон, төһө элбэх сөптөөх, кырдьыктаах дакаастабылы хомуйаҕын да, соччонон суукка эн кыайыылаах тахсыаххын сөп. Дьэ ити түгэни кыайбаттар. Сорохтор хотторон баран, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ тахсан, сыыһа сууттаатылар диир түгэннэрэ эмиэ баар. Бэйэлэрин санааларын суруйаллар. Сорох ааҕааччы ону ылыныан сөп. Дьиҥэр, сокуон уурааҕа сокуоҥҥа төһө эппиэттиирин уонна сиэрдээҕин Үрдүкү Суут эрэ быһаарар. Кинилэр дьыала матырыйаалларын барытын ыланнар үөрэтэллэр, ырыталлар. Ол кэнниттэн бу суут уурааҕа сөптөөҕүн биитэр суоҕун быһаараллар.
– Үрдүкү суукка ааһыныы диэн баар. Сыыһа сууттаатылар диэн ааһына сатыыллар. Хос көрүҥ диэн эргитэн аҕалаллар дии. Дьэ ол хайдах барарый?
– Үрдүкү суут хаттаан мунньах ыытан көрөр, бэрэбиэркэлиир. Суут уурааҕа сөп эбит диэн оннунан хаалларар, эбэтэр уларытыан, биитэр көтүрэн саҥа көрүүгэ ыытыан сөп. Онтон гражданскай дьыалаларга бэйэлэрэ көрөн тута уураах таһаараллар.
Өрүттэр эмиэ сөбүлэспэт түгэннэригэр, салгыы аны кассационнай суукка барар. Кассационнай суут Владивосток куоракка баар. Онно эмиэ дьыаланы барытын хат үөрэтэн, бэрэбиэркэлээн баран, сөпсөһүөхтэрин, уларытыахтарын, көтүрүөхтэрин сөп. Ити курдук дьыала Арассыыйа Үрдүкү суутугар тиийэ бэрэбиэркэлэниэн сөп.
– Туох төрүөтүнэн биир үксүн дьыалалары төнүннэрэллэрий?
– Араас. Холобур, суут уурааҕын уларытыы, көтүрүү диэн баар. Итиннэ төрүөт элбэх. Гражданскай дьыалалары ылан көрдөххө, судьуйа сокуон нуормаларын сыыһа эмиэ туттуон сөп. Сыыһа тойоннооһун (толкование) оҥоруон сөп. Дакаастабыллары сыаналааһын диэн баар. Холобур, дакаастабыллары сыаналаан маннык түмүккэ кэлэр. Аны үөһээҥҥи суут дакаастабылы атыннык сыаналаан, атын түмүккэ кэлэр. Эбэтэр суут түмүгэ дьыала дьиҥнээх чахчыларыгар олоҕурбатах диэн көтүрүөн сөп.
– Сахалар былыр-былыргыттан уһуннук-киэҥник сууттаһаллара биллэр. Уопсайынан, суут дьыалаларын көрүүгэ кэм-кэрдии диэн баар дуо?
– Гражданскай дьыалаларга кэм-кэрдии, болдьох диэн баар. Сокуоҥҥа ол туһунан чуолкай ыйыллар. Икки ый. Сорох категория дьыалаларга биир ый бэриллэр. Ол гынан баран ити болдьохтору сүрдээх кылгастар дии саныыбын. Холобур, Европаҕа гражданскай дьыалалары сылы-сыллаан көрөллөр. Арассыыйаҕа олус түргэнник көрөбүт. Гражданскай дьыалаҕа өрүттэр бэйэлэрэ дакаастыыр буоланнар, сүүрүөхтэрин-көтүөхтэрин, матырыйаал хомуйуохтарын наада.
2011 сылтан Куорат суута болдьоҕу кэһиини таһаара илик диэн этиэххэ наада. Гражданскай дьыалаҕа болдьох уһааһына, эбии эппиэттээччини, биитэр үһүс сирэйи тардыыны кытары сибээстээх буолуон сөп. Оччотугар дьыала көрүллүүтэ өссө уһаан биэрэр. Эспэртиисэни оҥоруу эмиэ элбэх бириэмэни эрэйэр. Куоракка эспэртиисэлиир тэрилтэ аҕыйаҕын таһынан, эспиэртэр аҕыйахтар.
Холуобунай дьыалаҕа тустаах болдьох диэн суох. Бу дьыала биир-икки ый иһигэр көрүллүөхтээх диэн буолбатах. Нууччалыы эттэххэ, “разумный срок” диэн баар. Аны 50-60 туомнаах дьыалалар баар буолаллар, бу балар уһуннук көрүллэллэр. Бу барыта чинчийиллиэхтээх, үөрэтиллиэхтээх. Холобур, ити албыннаппыт дольщиктарга. Хас биирдиилэрин ыҥыран кэпсэтиэххэ наада. Онон дьыала көрүллүүтэ уһаан-кэҥээн хаалар. Тылбаасчыттаах суут буоллаҕына, эмиэ уһуур. Оччотугар 50-60 туомнаах дьыала барыта сахалыы тылбаастаныллыахтаах.
Суут дьиҥнээхтик, дириҥник хорутан, өрүттэр санааларын барытын учуоттаан баран, уураах ылынар. Сорох кыыһырар дьон эмиэ баар, туох ааттаах уһуннук сууту соһоллоруй, уһаталларый диэн. Дьиҥэр оннук буолбатах буоллаҕа.
– Суут тутулуга суох диэн аны ыйытыыга кэлиэххэ. Сорохтор араастык саныыллар. Судьуйа кэпсэтии бэрээдэгинэн чопчу ким эрэ интэриэһигэр уураах ылынар диэн дьон үгүстүк этэр. Холобур, эйиэхэ ким эбит төлөпүөннээн, маннык уураах ылыныҥ диэн эппит түгэннэрэ баар дуо?
– Оннук түгэн олох суох этэ. Дьиҥинэн, биһиэхэ ким да орооспот ээ. Биһиги олохтоох былаас уорганнарын кытары туох да сибээспит суох. Кинилэр биһигини үлэҕэ анаабаттар, биһиэхэ хамнас төлөөбөттөр, тугунан да хааччыйбаттар. Федеральнай структурабыт. Холобур, ким эбит эрийэн көрдөстөҕүнэ,эн сокуону кэһэн туран сыыһа, сөбө суох уурааҕы таһаарбаккын буоллаҕа. Сыыһа уураах тахсар түгэнигэр, иккис инстанцияҕа тиийэн син биир көтүрүллэр.
– Онтон наһаа элбэх уурааҕа көтүрүллэр судьуйа ол аата үлэтигэр элбэх сыыһаны таһаарар диэн дуу?
– Дьиссипилинээринэй эппиэтинэскэ тардыллыан сөп. Соруйан оҥорбут диэн дакаастаннаҕына.
– Суут уурааҕар сабыдыаллыы сатыыр буоллаххына, икки сылга диэри хаайыыга ыытыллыаххын сөп эбит дии.
– Оннук баар. Сабыдыаллааһын диэн буолбакка, мэһэйдэһии баар буолуон сөп. Сууттанааччылар бэйэлэрэ мэһэйдэһээччилэр. Соруйан суукка кэлбэккэ, холобур.
– Наталья Васильевна, олус үчүгэйдик ирэ-хоро кэпсэттибит. Биһиги биэриибитигэр ыалдьыттаабыккытыгар махтанабыт, үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт.
2024 сыл тохсунньу 6-7 күннэригэр КНР Цицикар куоратыгар 4-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээл-күрэс…
РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…
Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…