«Наташа» гараас доруобуйаҕа буортулаах дуо?

Share

Саха сиригэр суоппардарга ордук туһаныллар  «Наташа» диэн норуокка биллибит таҥас гараастар учуонайдар этэллэринэн киһи доруобуйатыгар буортулаах. Ол туһунан ХИФУ Автодорожнай факультетын старшай преподавателэ Евсей Анисимов кэпсээбитин Якутия Daily суруйар.

Кини чинчийээччилэр бөлөхтөрүн кытта сүүһүнэн эксперименнэри уонна чинчийиилэри ыыппыт. Билиҥҥи чахчыларынан, таҥас гарааһынан бүрүллэн турар массыына түүн устата 2-4 төгүл автоматическайдык сылыттынар. Массыына мотуору халлаан туругуттан көрөн 20-40 мүнүүтэ устата туран сылыттынар, онуоха бу кэмҥэ тырааныспар муҥутуур углекислай гааһы таһаарара чуолкайданна.

Ону тэҥэ биһиги усулуобуйабытыгар онкологическай ыарыыларга тириэрдэр кутталлаах бензопирен гааһы үөскэтэр эбит. Гаас «Наташа» иһигэр мунньуллан, массыына салонугар тарҕанар. Ити курдук хас сарсыарда ахсын ыал аҕалара, соҕотох ийэлэр оҕолорун оҕо уйуһаанннарыгар, оскуолаларга илдьэллэригэр бу гааһынан тыыналлар.

Эбиитин биһиги тымныыбытыгар бу гаас икки миэтэрэ үрдүккэ тахсыбакка куорат иһигэр тарҕанар. Ол эбэтэр тиэргэҥҥэ «Наташа» бүрүөһүннээх массыыналар турар сирдэринэн хас биирдии киһи сүһүрбүт салгынынан тыынара дакаастанна.

Маны таһынан харчыны  кэмчилээн таһырдьа күн ахсын турар массыына кузова алдьанар-кээһэнэр. Күн устата сүүрбүт уонна аһаҕас халлаан анныгар «Наташа»  анныгар турар массыына сылыйар уонна сойор кэмигэр конденсат үөскүүр, итини кытта баҕарбатаҕын да иһин тиэхиньикэ дьэбинирэр.

Бу кыһалҕалары туоратар инниттэн учуонайдар электрическай анал пааркалар баар буолуохтарын сөп дииллэр. Массыына анныгар сылытар оһоҕу холбоон баран, туох да улахан ороскуоту көрсүбэккин. Маннык сылыыты кэмигэр чаас иһигэр баара-суоҕа 1,5 ватт уот ороскуоттанар. Аны туран биир кэм үлэлии турбат, термостат көмөтүнэн автоматическайдык арахсар уонна холбонор. Бу ньыма «Наташаттан» ордук барыстаах диэн учуонайдар эрэннэрэллэр.

Автодорожнай факультет үлэһиттэрэ «Наташа», «Сахатент» уонна «Хоту-Тент» мааркалаах портативнай гааражтары чинчийдилэр. Бу иннинэ чинчийээччилэринэн таҥас гараастар туһунан «Проверено на себе» биэрии ыытааччыта Руслан Очиров сураспыта. Эксперимент түмүгүнэн 2017-2018 сылларга ЭВМ уонна электрическэй парковкаларга патеннар ылыллыбыттар. Ол кэннэ Автодорожнай факультета өссө икки патены ылбыт.

Факультет билигин бу бырайыагы олоххо киллэрэригэр оҥорон таһаарар кыра сыах наада. Массыынаны конструкциятыгар уларытыылары киллэрэргэ сертификациялааһын боппуруостара эмиэ күөрэйэллэр. Ол курдук, холобур, массыына үрдүгэр дьаһымыр электрическэй гарааһы иилинэ сылдьыхха сөп буолуохтаах. Ол эрээри, бу тэрили оҥорон таһаарыытын сыаната билиҥҥитэ олус үрдүк.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
2
+1
1
+1
1
+1
20
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago