Научнай институттар Арктика оскуолаларын кытары үлэлиэхтэрэ
Саха сирин научнай институттара Арктика оскуолаларын кытары бииргэ үлэлиэхтэрэ. Маннык идиэйэ Ил Дархан Айсен Николаев салайан ыыппыт, Арктикаҕа үөрэхтээһин хаачыстыбатын тупсарыы боппуруостарыгар мунньаҕар этилиннэ.
Кини «Хотугу сир: туруктаах сайдыы территорията» научнай-үөрэтэр киин бырайыагын чэрчитинэн үлэни көҕүлүүргэ соруйда. Бу туһунан Ленскэй кулууп иһитиннэрэр.
Уһук хоту үөрэхтээһин эйгэтэ сайдарыгар өссө ханнык эрэгийиэннээҕи бырайыагы киллэрэр туһунан РФ Сибиир уонна Уһук Илин, Хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциациятын вице-бэрэсидьиэнэ Нина Вейсалованы кытары кэпсэттибит.
Арктика 13 улууһун үөрэҕин тэрилтэтэ 15 тыһыынча киһини хабар. Онно 110 оҕо уһуйаана уонна 96 оскуола баар, онтон сэттэтэ – көһө сылдьар оскуола.
«Хотугу сир төрүт олохтоох норуоттарын үөрэхтээһин уонна сырдатыы кинилэр туруктаах сайдыыларын сүрүн төрдүнэн буолар, – диэн кэпсиир Нина Вейсалова. – Ол эрээри, оройуоннар суоллара-иистэрэ мөлтөҕүнэн, ыраах сыталларынан, кинилэригэ тийэн сайыннарыы уустук. Онно инфраструктура мөлтөх, улахан куораттар оҕолоругар баар курдук: оскуолаларын, учууталларын, эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларын талар кыахтара суох. Ол барыта Арктика оҕолоро үөрэхтэнэллэрин хааччахтыыр. Ол иһин судаарыстыба өттүттэн хотугу сиргэ үөрэхтээһин эйгэтин болҕомтоҕо ылыы ирдэнэр».
Мунньах хаамыытынан Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ икки хайысханы бэлиэтээтэ. Бастакыта материальнай-тэхэньиичэскэй баазаны бөҕөргөрүүнү кытары сибээстээх. Бүтэһик биэс сылга Арктика улуустарыгар 10 үөрэх эиийиэгэ тутулунна, өссө 17 тэрилтэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар, 67 «Точка роста» инновационнай киин аһылынна. Итини таһынан Уһук Хотугу сиргэ үһрэтии бырассыаһа дойду уонна аан дойду ыстандаартыгар эппиэттиирин курдук муниципалитеттары Интэриниэт ситимигэр хобооһун барар. Онуоха өрөспүүбүлүкэ салалтата «Синергия Арктика» бырайыак чэрчитинэн, 2025 сыл бүтүөр диэри сэттэ тыһыынча кэриҥэ килэмиэтир оптоволоконнай хаабылы тардар былааннаах. Бу ситим Уһук хоту 72 тыһыынча киһилээх 86 нэһилиэнньэлээх пууну түргэн сибээһинэн хааччыйыаҕа.
«Бу үөрэхтээһиҥҥэ улахан кыаҕы бириэҕэ, ол иһигэр көһө сылдьар оскуолаларга, – диэн бэлиэтиир эспиэр. – Билигин элбэх эрэгийиэҥҥэ маннык үлэни ыыталлар. Сорох субъектарга оннооҕор IT-түһүлгэлэр бааллар. Түргэн сибээһинэн кый ыраах сытар орйоуоннары кытары хааччыйа сатыахха наада. Бу оҕолор цифровой эйгэ нөҥүө үөрэх өҥөтүнэн туһанар кыахтарын үөскэтиэ. Бырайыак судаарыстыбаннай бэлиитикэ сүнньүнэн барар».
Ил Дархан бэлиэтээбит иккис хайысхатынан – үөрэхтээһин таһымын үрдэтии буолар. Айсен Николаев выпускниктар БКЭ бааллара кыратын иһин, үрдүк үөрэххэ киирбэттэр диэн бэлиэтиир. Бу кыһалҕаны кини идэтийбит каадыр тиийбэтин кытары сибээстээх диэн быһаарар. Исписэлиис тиийбэтин быһаарарга анаан өрөспүүбүлүкэҕэ «Арктика учуутала» бырайыагы кллэрдилэр. Бу бырайыагынан 181 эдэр исписэлииһи Арктикаҕа үлэлэтэ ыҥырдылар. Судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн 43 педагокка дьиэ ылалларыгар анал көмө оҥоһулунна. Сорох исписэлиистэри тустаах хайысханан үөрэттэрэллэр.
Полярнай эргимтэҕэ үөрэхтээһин, Нина Вейсалова саныырынан, этно-култуурунай уратыны кытары ыкса ситимнээх буолуохтаах. Кини этэринэн, оҕолор билиилээх эрэ буолбакка, бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларын уонна норуоттарын кытары сибээһи билиэхтээхтэр. Бу сыалтан быйыл Айсен Николаев сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ төрүт тылынан суруллубут оҕо литературата тарҕатыы быһаарыллыбыта. Барыта 38 тыһыынча экземпляр кинигэни ыытарга былаанныылар.
Норуот төрүт култууратын харыстааһыны уонна сайыннарыыны «Арктика» эспэримиэнниир интэринээт-оскуолаҕа үөрэтэллэр. Манна бары бииргэ биэс норуот бэрэстэбиитэллэрэ үөрэнэллэр.
«Бу оскуолаҕа үлэлиир хас биирдии исписэлиис, – көмүскэ тэҥнээх. Билигин төрүт култуураны, тылы, уопсайынан, үгэс буолбут билиини-көрүүнү иҥэринэн, илдьэ сылдьар учуутал олус аҕыйах. Кинилэр Арктика элитата буолуохтаах, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар оҕолорун, ыччаттарын иитэ сылдьаллар. Оскуола улахан миссияны толорор. Инниктин бу ыччаттар Арктика эрэгийиэннэрин уонна норуоттарын сайдыытын быһаарыахтара. Кинилэр төрүт олохтоох тэрилтэлэр, общиналар салайааччыларынан буолуохтара», – диэн бэлиэтээтэ эспиэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: