«НАУКА 0+» бэстибээлгэ ХИФУ маастар-кылаастары тэрийиэҕэ

 «НАУКА 0+» бэстибээлгэ ХИФУ маастар-кылаастары тэрийиэҕэ

Ааптар:
28.08.2024, 16:30
Хаартыска: ХИФУ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет археологияҕа уонна этнографияҕа түмэлэ уонна  историческай факультет наука бэстибээлин  чэрчитинэн Саха сирин историятын уонна култууратын кытта билсэргэ ураты былаһааккалары тэрийэллэр.

«НАУКА 0+» бэстибээл Дьокуускайга балаҕан ыйын 4-7 күннэригэр «Дохсун» успуорт уораҕайыгар ыытыллар. Историческай факультет сыл ахсын «Якутский двор» былаһааккатыгар маастар-кылаастары тэрийэн ыытар. Быйыл үөрэх салаата оҕуруо тиһэргэ, быыһыктары тигиигэ, сахалыы киэргэллэри уонна харысхаллары оҥорууга үөрэҕи тэрийэр, ону тэҥэ Саха сирин төрүт дьарыктарын көрдөрөр быыстапка туруоруохтара.

«Маастар-кылаастары устудьуоннар уонна историческай факультет преподавателлэрэ ыытыахтара. Биһиги тэрээһиннэрбит көрөөччүлэри киэҥ эйгэҕэ сирдииллэр, сыл аайы манна элбэх ыалдьыт кыттар. «Якутский двор» былаһааккаҕа оскуола үөрэнээччилэрэ уонна куорат олохтоохторо XIX үйэтинээҕи сахаларын күннээҕи олохторун-дьаһахтарын кытта билсиэхтэрин сөп», – диэн аан дойду, аҕа дойду историятын, этнология уонна археология кафедратын старшай преподавателэ Александр Егоров кэпсээтэ.

Былаһаакка балаҕан ыйын 7 күнүгэр диэри  «Дохсун» успуорт уораҕайыгар сарсыарда 10-00 чаастан үлэлиэҕэ. Оттон ХИФУ археологияҕа уонна этнографияҕа түмэлэ быйыл бэстибээл ыалдьыттарыгар археология кэрэхсэбиллээх эйгэтигэр кыттарга үс оонньуулаах былаһаакканы бэлэмнээтэ. Ол курдук, «Былыргы киһи суолунан» былаһааккаҕа кыттааччылар дьиҥнээх археолог идэтигэр үөрэниэхтэрин сөп. Түмэл уопуттаах үлэһиттэрэ Саха сирин археологическай пааматынньыктарын уонна сэдэх булумньуларын кытта билиһиннэриэхтэрэ. «Таас кинигэни арыйабыт» былаһааккаҕа көрөөччүлэр таас ойууларын-дьүһүннэрин уонна суолталарын кытта билсиэхтэрэ. 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: