Наука эйгэтигэр 121 мөлүйүөннээх граны ыллылар
Атырдьах ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын мунньаҕа буолла. Ханнык боппуруостары көрдүлэр?
Айсен Николаев федеральнай таһымҥа улахан суолталаах быһаарыылар ылыллыбыттарын бэлиэтээтэ. Уһук Илин эрэгийиэннэригэр социальна уонна инженернэй инфраструктура сайдыытын үбүлээһинин тыырыы туһунан РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа таҕыста. Эрэгийиэннэргэ экэнэмиичэскэй үүнүү-сайдыы кииннэрин тэрийиигэ уопсайа 6 миллиард солкуобай көрүллүбүт.
Маны тэҥэ, 2023 сылга аан дойду таһымнаах Научнай-үөрэтэр кииннэргэ граннары ылааччылар испииһэктэрэ таҕыста.
— Биһиги Научнай-үөрэтэр кииммит бэркэ үлэлээтэ. 121 мөлүйүөн 400 тыһыынча солкуобайдаах граны ылла. Бу үп атын эрэгийиэннэргэ баар партнердарбытын кытта бырайыактарга эмиэ барыаҕа. Сүрүн чааһа өрөспүүбүлүкэ научнай тэрилтэлэригэр үллэриллиэҕэ, аныгылыы тэриллэри, лабораториялары ыларга, научнай бырайыактары үлэлэтэргэ ыытыллыаҕа, — диэн Ил Дархан эттэ.
Федеральнай таһымҥа мэдиссиинэ тэриллэрин уонна ыарахан ыарыһахтары эмтииргэ, аһатарга аналлаах бородуукталары атыылаһыы бэрээдэгэ судургутуйда.
Аграрийдарга чэпчэтиилээх лизинг кыаҕа кэҥээтэ. Лизинг көрүҥүнэн бэриллэр тиэхиникэҕэ бырыссыаптары, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын таһар вагоннары, о.д.а. ылыахха сөп буолла.
Ил Дархан федеральнай таһымҥа уларыйыылары тута үлэлэтэн, түргэнник хамсанарга сорудахтаата. Ону тэҥэ, мунньахха саҥа социальнай эбийиэктэри тутуу, ойуур баһаардары умуруоруу, хаарбах туруктаах дьиэлртэн көһөрүү бырагырааматын толоруу, о.д.а. боппуруостары көрдүлэр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: