«Навахту14» бырайыагынан 3,5 тыһ. тахса киһи үлэҕэ киирдэ
24.08.2024, 20:40
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:
Ил Дархан Айсен Николаев Нерюнгри куоракка «Навахту14» бырайыак кыттыылаахтарын кытта көрүстэ.
Кадровай бырайыак кыттыылаахтара саҥа оробуочай идэлэрин, үөрэх усулуобуйатын, таас чоҕу хостуур хампаанньалар үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Бырайыак ааптара Петр Чехордун бэлиэтээбитинэн, бырамыысыланнас хампаанньаларыгар Саха сирин эдэр исписэлиистэрэ үлэлииллэр.
«Мин сир баайын хостуур бырамыысыланнас идэлэрин баһылыан баҕалаах эдэр ыччаты өйүүбүн. Бу үлэҕэ Соҕурууҥҥу-Дьокуускайдааҕы технологическай кэллиэс устудьуоннарын эрэ буолбакка, ХИФУ Горнай институтун уонна Мииринэй политехническай институтун киллэриэххэ наада. Оччоҕо бырамыысыланнаска үлэлии сылдьар дьон, үрдүк үөрэхтэниэхтэрэ», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, «Навахту14» бырайыак олохтоох дьону бырамыысыланнас хампаанньаларыгар үлэҕэ ылыыга түөрт сыл анараа өттүгэр туһалаабыта уонна көдьүүстээҕин дакаастаабыта. Бырагыраама көмөтүнэн 3,5 тыһыынчаттан тахса киһи үлэҕэ киирбит. Ол аата Саха сиригэр ый ахсын 400 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп-харчы хамнас быһыытынан хаалар. Элбэх социальнай эбийиэк тутуллар, үп-харчы Саха сиригэр нолуок быһыытынан хаалар.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: