«Навахту14» бырайыагынан 3,5 тыһ. тахса киһи үлэҕэ киирдэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Нерюнгри куоракка «Навахту14» бырайыак кыттыылаахтарын кытта көрүстэ.

Кадровай бырайыак кыттыылаахтара саҥа оробуочай идэлэрин, үөрэх усулуобуйатын, таас чоҕу хостуур хампаанньалар үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Бырайыак ааптара Петр Чехордун бэлиэтээбитинэн, бырамыысыланнас хампаанньаларыгар Саха сирин эдэр исписэлиистэрэ үлэлииллэр.

«Мин сир баайын хостуур бырамыысыланнас идэлэрин баһылыан баҕалаах эдэр ыччаты өйүүбүн. Бу үлэҕэ Соҕурууҥҥу-Дьокуускайдааҕы технологическай кэллиэс устудьуоннарын эрэ буолбакка, ХИФУ Горнай институтун уонна Мииринэй политехническай институтун киллэриэххэ наада. Оччоҕо бырамыысыланнаска үлэлии сылдьар дьон, үрдүк үөрэхтэниэхтэрэ», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, «Навахту14» бырайыак олохтоох дьону бырамыысыланнас хампаанньаларыгар үлэҕэ ылыыга түөрт сыл анараа өттүгэр туһалаабыта уонна көдьүүстээҕин дакаастаабыта. Бырагыраама көмөтүнэн  3,5 тыһыынчаттан тахса киһи үлэҕэ киирбит. Ол аата Саха сиригэр ый ахсын 400 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп-харчы хамнас быһыытынан хаалар. Элбэх социальнай эбийиэк тутуллар, үп-харчы Саха сиригэр нолуок быһыытынан хаалар.
What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

19 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

26 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

1 час ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2024 сылга 14 хочуолунай үлэҕэ киирдэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…

2 часа ago