Салгыы
Назар Петров: «Маннык пуорумнар улахан суолталаахтар уонна олус туһалаахтар»

Назар Петров: «Маннык пуорумнар улахан суолталаахтар уонна олус туһалаахтар»

06.11.2024, 22:08
Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Фашизмы утары II өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум пленарнай мунньаҕын кэмигэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕар Назар Петровка бойобуой үтүөлэрин иһин «За храбрость» 2-с истиэпэннээх мэтээл уонна доруобуйа харыстабылыгар өҥөтүн иһин  «За заслуги перед Запорожской областью» 2-с истиэпэннээх уордьан туттарылынна. Назар Петров пуорум туһунан санаатын маннык этэр:

— Фашизмы утары пуорум олус улахан тэрээһин буолар. Хотугулуу-Илиҥҥи байыаннай уокуруктан, Запорожье уобалаһыттан, ДНӨ кэлэ сылдьар ыалдьыттарбыт үһүс пуоруму эмиэ манна ыытыахха диэтилэр уонна өссө элбэх киһини ыҥырарга этии киллэрдилэр.  Маннык пуорумнар суолталара улахан уонна олус туһалаахтар дии саныыбын. Этиллибитин курдук, 80-ча сыл буолан баран арҕаа дойдулар Украинанан сирэйдэнэн, фашизмы күөдьүтэн таһааран иэдээни оҥордулар. Бу фашизм курдук сидьиҥ быһыыны Арассыыйа эрэ кыайар кыахтааҕа биллэр. Итини дьон-сэргэ, ыччат, оҕолор өйдүүллэрин, төбөлөрүгэр хатанарын курдук хаста эмэ хатылыахха наада. Тоҕо диэтэххэ, дьоруойдарбыт кэпсээбиттэрин да курдук, Украина оҕону үөрэтэр учебниктарыгар аан дойду устуоруйатын тиэрэ-таары эргитэн, соруйан Арассыыйаны өстөөх оҥорон үөрэтэллэр. Устуоруйа токурутуллубатын наадатыгар, үүнэр көлүөнэҕэ дьиҥ чахчы хайдаҕын өйдөтөр курдук маннык пуорумнар олус улахан суолталаахтар дии саныыбын.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: