Нэдиэлэ бастакы күннэригэр сэттэ суол быһылаана бэлиэтэннэ

Share

Бу нэдиэлэ бастакы күннэриттэн, олунньу 12-15 күннэригэр,  Саха сиригэр 7 суол быһылаана бэлиэтэннэ. 1 киһи суорума суолламмыт, 7 киһи, ол иһигэр сааһын ситэ илик 2 оҕо араас эчэйиини ылбыт.

Саха сиринээҕи ГИБДД иһитиннэриитинэн, барыта 1681 суол быраабылатын кэһии регистрацияламмыт: 15 киһи итирик туруктаах сылдьан тутулунна, 1 суоппар итирик туруктаах сылдьан хаттаан тутулунна, 50 киһи массыына ыытар бырааба суох сылдьан быраабыланы кэһиини таһаарда, 9 суоппар массыына ыытар бырааба суох сылдьан тутулунна, 399 киһи курун бааммакка сылдьан ыстарааптанна, 30 суоппар суолга утары тахсан суол быраабылатын кэспит.

Саха сиринээҕи ГИБДД суол быраабылатын халбаҥнаабакка тутуһарга, суолга болҕомтолоох буоларга, бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстыырга ыҥырар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

9 минут ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

21 минута ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

29 минут ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

1 час ago