Нэдиэлэ иһигэр түөрт киһини түҥнэри көттүлэр

Share

Бу нэдиэлэ иһигэр түөрт киһи эчэйиилээх суол быһылаана таҕыста.

Ол курдук, олунньу 12 күнүгэр Дьокуускай куорат Ильменскэй уулуссатыгар массыына дьахтары  түҥнэри көппүтэ. Ыарахан туруктаах дьахтары суһал мэдиссиинэ көмөтө реанимацияҕа илдьибитэ. Ити күн, аны, Курашов уулуссатыгар массыына кыыс оҕону түҥнэри көппүтэ. Суоппар оҕону эчэтэн баран, быһылаан тахсыбыт сириттэн куоппут. Олунньу 13 күнүгэр Ленин проспегар уол оҕону  түҥнэри көтүү тахсыбыта. Оҕо суолу сөптөөх сиринэн туораан испит. Олунньу 15 күнүгэр Дзержинскэй уонна Поярков уулуссалар быһа охсуһууларыгар эр киһини түҥнэри көппүттэрэ. Эр киһи бэйэтэ мэдиссиинэ көмөтүгэр тиийбит.

Суол быраабылатын тутуһуу хайа да өттүттэн ирдэнэр. Наһаа түргэнник айанныыр табыллыбат. Маны таһынан, сатыы сылдьар дьону көҥүллэнэр сиринэн туоратары суоппардар умнуо суохтаахтар. Сатыы сылдьар киһи суолу туоруур дьурааҕа (зебраҕа) үктэннэ даҕаны бэйэтин көмүскэллээх курдук сананар. Ол эрээри, суолу туоруурга ыксаабакка, тула өттүгүн көрүнэр наада. Суоппардар хараҥаҕа, ардыгар, киһи суолу туораан иһэрин өйдөөн көрүмүөхтэрин сөп. Сэрэхтээх буолар туһуттан уотунан сырдыыр (светоотражающай) бэлиэни  таҥаһыгар иилинэрин умнумуон наада.

Суол быһылаанын сэрэтэр туһуттан олунньу 14 күнүгэр госавтоиниспиэксийэ үлэһиттэрэ сэрэтэр тэрээһиннэри ыыттылар.

Ааспыт сыл түмүгүнэн, Дьокуускайга суол быһылааныгар 17 киһи суорума суолламмыта. Саҥа сыл саҕаланыаҕыттан биир киһи олохтон туораабыт. Бу туһунан ИДьМ Саха сиринээҕи ГИБДД салаата  иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

20 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

2 часа ago