Нэдиэлэ устатыгар икки сүүстэн тахса психологическай үлэ ыытылынна
Ааспыт нэдиэлэҕэ байыастарга уонна кинилэр дьонноругар туһуламмыт бөлөҕүнэн, биирдиилээн 224 үлэни психологтар ыыппыттар. Бу туһунан психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин бэлиэтиир.
Кини киин исписэлиистэрэ госпиталларынан 173 саҥа уонна хатыланар үлэлэри толорбуттарын этэр.
«Улахан болҕомто байыастарга ууруллар. Ону сэргэ, байыас туругуттан көрөн көмө эмиэ оҥоһуллар. Байыас чугас дьонноругар, дьиксинэллэрэ ааспат буоллаҕына, санаа баттыгаһыгар сылдьааччыларга көмөлөһөбүт. Сорохтор санааларын кистээн, бэйэлэригэр бүгэн баран сылдьаллара бэлиэтэнэр. Ол гынан баран, психологтар кинилэргэ наһаа көмөлөһөллөр», — диир Владимир Скрябин.
Психологическай киин дириэктэрэ иһитиннэрбитинэн, кииҥҥэ көмө көрдөөн төлөпүөннээбит, кэпсэппит дьон ааттара кистэлэҥҥэ тутуллар. Психологтар докумуон ирдээбэттэр, учуокка туруорбаттар.
Көмөҕө, өйөбүлгэ наадыйбыттар 8 (4112) 31-91-09 нүөмэргэ эрийэн чопчулаһыахтарын сөп. Бу нүөмэртэн улуустарга үлэлиир филиаллар нүөмэрдэрин билиэхтэрин сөп. Суукканы эргиччи үлэлиир нүөмэр: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2.
Уйулҕа туругун тупсарыыга, бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт үлэ СӨ Ил Дарханын Айсен Николаев сорудаҕынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балакина сүрүннээһининэн ыытыллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: