Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ахсынньы 14 – ахсынньы 22 күннэрэ)
Хой
Бу нэдиэлэҕэ эн этиилэргин тулалыыр дьон ылынар. Нэдиэлэ ортото саҥа бырайыагы көмүскээн хайҕаныаххын сөп. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ, арай төрөппүттэргэр, аҕам саастаах аймахтаргар болҕомто уурарга кыһалын.
Оҕус
Дьиэҕэр-уоккар күннээҕи кыһалҕаттан ураты улахан уларыйыы суох. Үлэҕэр эбии дохуот булунар кыах үөскүө. Ол эрээри былааннаргын ыһа-тоҕо кэпсээмэ, саҥа үчүгэй толкуйуҥ ситиһиини аҕалыаҕа. Хоптон-сиптэн сэрэхтээх буол. Аҕам саастаах доҕотторуҥ сүбэлэрин истэриҥ наада.
Игирэлэр
Эн тугу оҥорбутуҥ, саҕалаабытыҥ барыта ситиһиилээх буолууһу. Нэдиэлэ саҥата олоҕуҥ аргыһын сүбэтин иһит, уһун болдьохтоох кирэдьииккэ киирэр наадата суох. Ол эрээри уруккуттан санаа ымыыта оҥостубут былааҥҥын олоххо киллэрэ сатаа.
Араак
Бу күннэргэ өрө көтөҕүллүүлээхтик сылдьыыһыккын. Бырааһынньыкка сылдьан дуоһуйуоҥ, саҥа дьоннуун билсиһиэҥ. Бэйэҕэр эрэлиҥ улаатыа. Онон хорсуннук саҥа былааннары толкуйдуоххун сөп.
Хахай
Үлэҕэр-хамнаскар, дьыалаҕар-куолугар кэтэмэҕэйдээһин, саарбахтааһын баар. Ис санааҕын истэ сатаа, кини эйигин хаһан да түһэн биэрбэт. Дьону кытта уопсай тылы буларга дьулус.
Кыыс
Интэриэһинэй кэм саҕаламмыт. Уустуктар бааллар эрээри, олус судургутук быһаарыллан иһиэхтэрэ. Онтон санааҥ көтөҕүллүө. Нэдиэлэ ортото соһуччу айанныаххын сөп. Бу айан тус олоххор, үлэҕэр ситиһиини тосхойуо.
Ыйааһын
Бу нэдиэлэ устата сылайбыккын билиэҥ. Ол эрээри оҕолор ситиһиилэрэ үөрдүөҕэ. Саҥа этиилэр киириэхтэрэ, сөптөөх быһаарыныы ылынарга чугас дьонуҥ сүбэлэрэ көмө буолуоҕа.
Скорпион
Айаҥҥа тоҕоостоох кэм тосхойбут. Ол эрээри аны дьиэ кэргэниҥ, чугас доҕотторуҥ эйигиттэн болҕомто ирдээн туруохтара. Үлэҕэр-хамнаскар номнуо хал буолан хаалбыккын. Бу солумсах майгыгын дьон сатаан ылынымыан сөп.
Охчут
Саҥа билсиһиилэр, үгүс элбэх көрсүһүүлэр буолуохтара. Бииртэн биир үөрүүлээх түгэннэр тосхойуохтара. Соһуччу латарыайаҕа улахан бирииһи сүүйүөххүн сөп эбэтэр бэлэх тутан долгуйуоҥ.
Чубуку
Бу нэдиэлэҕэ саҥа былааннаргын олоххо киллэрэргэ кыһалын. Бу тус олоххор сыһыаннаах дьыалалар, көрсүһүүлэр кэлин соһуччу үгүс үөрүүнэн тосхойуохтарын сөп. Үлэҕэр болҕомтолоох буол, хопко-сипкэ киирэн биэрэр куттал баар.
Күрүлгэн
Дьонтон кэлэйиэххин, хомойуоххун сөп. Ити сүрүн төрүөтэ бэйэҕэр баар, эн дьонтон аһары элбэҕи күүтэр, эрэйэр буолаҥҥын, кыраны даҕаны олус чугастык ылынаҕын. Аһаҕастык кэпсэппит барыта доҕор буолбатаҕын өйдүүр кэмиҥ кэлбит.
Балыктар
Бу нэдиэлэҕэ элбэх улахан кыһалҕаны быһаарар кыахтааххын. Нэдиэлэ устата олус сэниэлээхтик, үөрэ-көтө сылдьыаҕыҥ. Саҥа саҕалааһыннар ситиһиилээхтэр. Ыалдьыттыы барыаххын сөп. Успуордунан дьарыктанарга үтүө кэм.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: