Нэдиэлэтээҕи гороскоп: ахсынньы 20 – 27 күннэрэ
Бу күннэргэ сулустар тугу сылыктыылларый?
Хой
Бу нэдиэлэ саҕаланыыта улахан дьыалаҕа ылсыма, туттуна сырыт. Ол кэннэ ретрограднай Меркурий сулустар хаамыыларын уларыттаҕына, тугу былааннаабытыҥ барыта табыллыаҕа.
Оҕус
Саамай ситиһиилээх кэм ахсынньы 24 күнүттэн саҕаланыаҕа. Санааҥ сааһыланыа, былааннаабытыҥ олоххо киириэ. Бырааһынньык настарыанньатын киллэрэргэ эрдэттэн кыһан.
Игирэлэр
Сыл бүтэһик нэдиэлэтин быысаһар кэмигэр бары баҕа санааларгын олоххо киллэрэ сатаа. Бу барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Уһата-тэнитэ сырыттаххына, тугун да табыллыбата чахчы.
Араак
Тулалыыр дьонуҥ сыһыаннара уларыйыаҕа. Эйигин атын харахтарынан көрүөхтэрэ. Бэйэҕин үтүө өттүнэн көрдөрө сатаа, уопсай тылы буларга кыһан. Сыл бүтэһик нэдиэлэтигэр тулуурдаах буолуу ирдэнэр.
Хахай
Санааҕар, толкуйгар болҕомтолоох буол. Тугу санаабытыҥ туолан хаалыан сөп. Онон чугас дьоҥҥун кытта сыһыаны уустугурдума. Доруобуйаҕар эмиэ кыһаныаххын наада.
Кыыс
Бэйэни сайыннарыынан дьарыктаныаххын наада. Ол эрээри бырааһынньык тыынын дьиэ кэргэҥҥэ эн эрэ киллэрэр кыахтааххын. Туохха да бириэмэҥ тиийбэт курдук буолуоҕа. Онон сөптөөхтүк аттарыныы туһаны аҕалыа.
Ыйааһын
Соҕотохсуйбуккун, ким да өйдөөбөт курдук санаалар киириэхтэрэ. Бэйэҕэр эрэлгин сүтэрэн ылыаххын сөп. Ол эрээри бу сотору ааһыаҕа. Саҥа дьыл иннинээҕи санаа түһүүтэ сааһыланаргар туһалыаҕа.
Скорпион
Быһаарыныы ылынаргар кыһалҕаны көрсүөҥ. Бэйэҥ сыалгын-соруккун ситиһэргэр туохтан да иҥнимэ. Быстах санааҕа ылларар туһаны аҕалбат.
Охчут
Бары дьыалаҕын ситэн бырааһынньык тыынын дьэ билэн барыаҥ. Соһуччу көрсүһүүлэр, үөрүүлэр күүтэллэр. Ситиһии да баар.
Чубуку
Күннээҕи олохтон аһары сылайбыккын. Сөптөөх сынньалаҥ наада. Санааҕын атастаһар, иһирэхтик кэпсэтэр киһи суоҕуттан ардыгар чуҥкуйаҕын. Нэдиэлэ ортото быһаарыныы ылынарыҥ ситиһиилээх буолуо.
Күрүлгэн
Бэйэҕин аһары өрө тутаҕын, аһынаҕын. Кыраны да оҥордоххуна, тутум үрдүү түһэҕин. Онон арыый сэмэй буолуу буортуну оҥорбот. Нэдиэлэ бүтүүтэ үлэҕэр үөрүүлээх түгэн тосхойуо, хайҕаныаххын сөп.
Балыктар
Балык бэлиэлээх дьон номнуо саҥа сылга үктэммит курдук сананаллар. Бүтэһик нэдиэлэ ыгым соҕустук ааһыаҕа. Дьону кытта сыһыаны алдьаппат туһуттан бэйэ бодотун тардына сылдьаргар сулустар сүбэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: