Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Алтынньы 12 – алтынньы 19 күннэрэ

Share

Хой

Уһуну-киэҥи толкуйдуур кэмиҥ кэлбит. Ардыгар наһаа күннээҕинэн олорор курдуккун. Ылсыбыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдибэт эбиккин. Онон бу күннэргэ арыый эппиэтинэстээх буоларга кыһан.

Оҕус

Дьоҥҥо сыһыаҥҥын көрүнэ сырыт. Ардыгар наһаа итэҕэйимтиэ буолар эбиккин. Докумуоҥҥа эп­­пиэтинэстээх соҕустук сыһыаннас. Нэһилиэстибэ эбэтэр дьиэ атыылаһар докумуоҥҥа сэрэхтээх буол.

Игирэлэр

Үлэҕэр-хамнаскар төһө да ыгым күннэр үүммүттэрин иһин, нэ­­диэлэ бүтүүтэ үчүгэй сонуну истэн үөрүөҥ. Бириэмийэ эбэтэр наҕараа­да ылан соһуйуоҥ. Дьиэ кэргэҥҥэр аҕам саастаах дьоҥҥор болҕомто ууруоххун наада.

Араак

Көлүөһэ үрдүттэн түспэккин, сырыы-айан, олох күөстүү оргуйар. Кыратык тыын ылан олоро түһэргэр уолдьаспыт. Эйигин кытта наллаан олорон чугас дьонуҥ инники былааннарын ырытыһыахтарын саныыллар эбит. Болҕомто уурар наада буолбут.

Хахай

Күнүҥ тахсар кэмэ. Доҕотторуҥ өйүүллэр. Санаабыт санааҕын олоххо киллэрэргэр тоҕоостоох кэм. Дьиэ кэргэн тэринэргэ үтүө кэм. Саҥа дуогабар түһэрсэн барыыһырыаххын сөп.

Кыыс

Былааннаргын олоххо киллэрэр туһуттан сып-сап хамсанан ис. Эйигин дьон истэр, ылынар кэмэ. Онон туохтан да куттаммакка иннин диэки баран ис. Айар үлэҕэр тоҕоостоох кэм.

Ыйааһын

Санаа-оноо баттыгар ылларбыккын. Кыра да кыһалҕаны уустугурдар адьынаттааххын. Элбэхтэ салгыҥҥа сырыт, битэмиин иһэҥҥин доруобуйаҕын бөҕөргөт.

Скорпион

Дьиэ-уот кыһалҕата ыкпыт. Харчыга да кыһалҕа үөскүөн сөп. Ити харгыстары туоруурга саҥа бырайыактары, биисинэс туһунан толкуйдуургар уолдьаспыт. Чугас дьонуҥ ардыгар өйдөөбөт, санааҕын сааһылаан этэргэ үөрэнэ сатаа.

Охчут

Дьону кытта сыһыаннаһыыга урукку өттүгэр уустуктары көрсүбэт бэйэҥ, тоҕо эрэ ыарырҕатар буолбуккун. Ити эйигиттэн наһаа элбэҕи эрэйэллэриттэн тахсыан сөп. Бэйэҥ ис санааҕынан салайтара үөрэн.

Чубуку

Уустук кэм бүрүүкээбит. Үпкэ-харчыга ыктарыы, чугас дьону кытта өйдөспөт буолуу көстөр. Атын дьон кыһалҕатын эмиэ сатаан истэ, ылына үөрэннэххинэ, олоххо көрүүҥ уларыйыаҕа.

Күрүлгэн

Эйигиттэн сылтаан чугас дьонуҥ икки ардыгар иирсээн тахсыан сөп. Икки уот икки ардыгар киирбэт гына толкуйдаан сырыт. Айылҕаҕа сылдьыы туһалыа.

Балыктар

Хомолтоҕун уһуннук сүрэххэр илдьэ сылдьар айылгылаах эбиккин. Ити хаачыстыбаҕыттан ак­­каастанарыҥ ордук. Дьиҥэ дьон эйигин наһаа сөбүлүүр эбит.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

8 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

11 часов ago