Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 13 — 20 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 13 — 20 күннэрэ)

Ааптар:
13.10.2022, 12:45
Бөлөххө киир:

Хой

Бу нэдиэлэ устата үгүс сонуну истиэҥ. Онтон истибиккин барытын итэҕэйимэ. Дьону кытта сыһыаҥҥа арыый туттуна соҕус сырыт. Угаайыга киирэн биэриэххин сөп.

Оҕус

Сынньаныаххын наада. Аһары элбэх эбээһинэһи сүгэҕин. Дьиэ кэргэҥҥэр эн болҕомтоҕор наадыйаллар. Бу күннэргэ тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах буоллаххына, табыллыы күүтэр.

Игирэлэр

Доҕорум дии санаан эрэнэн кэпсиир кистэлэҥиҥ киэҥ араҥаҕа тахсыан сөп, соһуччу быһыы-майгы буолуон сөп. Ис санааҕын ыһа-тоҕо кэпсээмэ.

Араак

Үп-харчы эбиллииһи. Санаа ымыыта оҥостубут малгын атыылаһан санааҥ көнньүөрүө. Тус олоххор эриэ-дэхси.

Хахай

Дьону кытта сыһыаҥҥа болҕомтолоох буол. Эйиэхэ дьон эрэнэр. Ону түһэн биэримэ.

Кыыс

Харчыгын мээнэ ыскайдаама. Күүппэтэх өттүгүттэн ороскуот үөскүөн сөп. Нэдиэлэ ортотуттан балаһыанньа көнүөҕэ.

Ыйааһын

Эбии дохуот булунар быыс-ха­­йаҕас көстүө. Сып-сап хамсанан ис. Саҥа этии киирдэҕинэ ак­­каастаама.

Скорпион

Таһаарыылаах үлэ, үөрүүлээх сонун күүтэр. Нэдиэлэ ортото истиҥ көрсүһүү дууһаҕын долгутуо.

Охчут

Харчыгын харыстаан тутун. Саҥа этиилэри сыта-тура толкуйдаан ылын. Нэдиэлэ ортото ыалдьыттар кэлиэхтэрэ.

Чубуку

Дьону кытта уопсай тылы буларга дьулус. Элбэх дьонноох сиргэ сылдьан билсиэххин, саҥа дьону кытта алтыһыаххын сөп. Нэдиэлэ судургутук ааһыа.

Күрүлгэн

Кыра кыһалҕаны таһаҕас оҥос­тума. Түргэнник быһаарыныы ылынаргар, олоххор тугу эрэ уларытаргар тоҕоостоох нэдиэлэ үүммүт.

Балыктар

Мындыр толкуйгун, холку майгыгын дьон сыаналыыр. Онон эн сүбэҥ-амаҥ үгүс дьоҥҥо туһалыан сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: