Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 18–25 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 18–25 күннэрэ)

Ааптар:
18.10.2024, 08:00
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ сулустар тугу сылыктыылларый?

ХОЙ

Хойдор бу нэдиэлэҕэ ыгыллар-түүрүллэр түбэлтэҕит элбэх буолуоҕа. Ону наһаа улахаҥҥа уурбаккыт ордук, доруобуйаҕытын санааҥ. Түһүүлээх-тахсыылаах нэдиэлэ да буолбутун иһин, үпкүт үллүөҕэ, былааннаабыккыт олоххо киириэҕэ. Дьону кытта билсии-көрсүү күүтэр.

ОҔУС

Харчыгытын сэрэнэн туттуҥ: албыннаттарыаххытын, түөкүттэргэ киирэн биэриэххитин, улахан наадата суоҕу атыылаһыаххытын сөп.

Дьиэ кэргэҥҥит иһигэр кыра өйдөспөт буолуу тахсыан сөп. Эһиэхэ сүбэ-ама, өйөбүл буолар дьоҥҥут аттыгытыгар баар.

ИГИРЭЛЭР

Дьиэ-уот боппуруостарынан дьарыктанымаҥ. Тугу эбит тупсараары, үчүгэйи оҥороору төттөрүтүн алдьатыаххытын, урусхаллыаххытын сөп. Сулумах дьон аналгытын көрсөр күҥҥүт чугаһаабыт. Онон элбэх дьонноох сиргэ сылдьаргыт ордук буолууһу. Доруобуйаҕыт этэҥҥэ, айан-сырыы табыллыаҕа.

АРААК

Бу күннэргэ дьиэ кэргэҥҥитигэр болҕомтото ууруҥ. Бары бииргэ сынньанаргыт ордук буолуо. Ол эрээри чугас киһигит албынныан, таҥнарыан сөп. Онон сэрэхтээх буолуҥ. Ханна эмит көһөр, барар-кэлэр туһунан толкуйдуур буоллаххытына, ый бүтүүтэ былааннааҥ.

ХАХАЙ

Түргэн харчыны батыһымаҥ, барыыһырыахтааҕар ночоокко тэбиллиэх- хит. Бу күннэргэ кимҥэ да харчыны иэһээмэҥ, ол харчы төннүбэт дьылҕалаах. Оттон үлэҕэ-үөрэххэ табыллыаххыт, дуоһунаскыт үрдүө, бириэмийэлэниэххит, хайҕаныаххыт, болҕомто киинигэр сылдьыаххыт.

КЫЫС

Дьоҥҥо биирдик сыһыаннаһыҥ, кимҥэ да өстүйүмэҥ, хобу-сиби тарҕатымаҥ. Оччотугар ылсыбыт дьыалаҕытыгар барытыгар табыллыы күүтэр.

Соһуччу үөрүүлээх сонуннары истиэххит, саҥа дьоҕурдары бэйэҕитигэр арыйыаххыт. Бу дьоҕургут кэлин харчылаһаргытыгар көмө буолуоҕа.

ЫЙААҺЫН

Хомойо, санааҕыт түһэ сылдьар буоллаҕына, сотору кэминэн барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Уйулҕа туһунан кинигэни ааҕаргыт, уйулҕаһыкка сылдьаргыт инники олоххутугар туһаны аҕалыаҕа, элбэҕи өйдүөххүт. Суут-сокуон дьыалаларыттан сэрэниҥ, сыыһа-халты туттунуу тахсыан сөп.

СКОРПИОН

Бииргэ үлэлиир дьоҥҥутун, салалтаҕытын кытта өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Суолга сэрэхтээх буолуҥ.

Былааннаабыккыт туолумуон сөп, онно бэлэм буолар гына, иккис былааны бэлэмнээҥ. Хата, ол табыллыаҕа диэн сулустар билгэлииллэр. Урукку доҕотторгут биллиэхтэрин, эһиэхэ күүс-көмө буолуохтарын сөп.

ОХЧУТ

Аймахтары, доҕоттору, кэллиэгэлэри кытта бырааһынньык, үөрүү-көтүү күүтэр. Биир санаалаах дьоҥҥутун кытта билсиэххит, бу эһиги инники олоххутугар суолталаах дьон буолуохтара. Докумуоҥҥа илии баттаһыы, дьыала-куолу табыллыаҕа.

ЧУБУКУ

Харчыгытын ааҕа-суоттана сылдьыҥ, улахан малы-салы атыылаһымаҥ. Таах халтайга элбэх харчыны сүтэриэххитин сөп. Ол гынан баран, бу күннэргэ тугу эмит сыаналааҕы сүүйүөххүтүн, улахан бэлэҕи тутуоххутун сөп диэн сулустар билгэлииллэр.

КҮРҮЛГЭН

Тапталлааххытын кытта биир тылы булбакка эрэйдэниэххит. Ол эрээри ый бүтүүтэ барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Доруобуйаҕытын көрүнүҥ, ис-үөс ыарыытыттан сэрэниҥ. Дьиэни-уоту тупсарарга тоҕоостоох кэм кэлбит. Уһун суол күүтэр.

БАЛЫКТАР

Эһигини ордук саныыр дьон баар буолуон сөп. Дьон тылыгар киирэн биэрбэт гына, биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьа сатааҥ. Олоххутугар улахан уларыйыылары былааннаамаҥ.

Уоппускаҕа, сынньана барааччылар таптал уотугар умайан дьоллонуоххут.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: