Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 20-27 күннэрэ)

Share

Хой

Тургутугу ааһар кэм. Үлэҕэ, дьиэ­ҕэ-уокка, дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол.  Эн тускунан дьон санаата уларыйыан сөп. Хайа өттүгэр уларыйара бэйэҕиттэн тутулуктаах. 

Оҕус

Эн тула дьон үмүөрүһэр, ол эрээри буола турар быһыыга-майгыга аһары омуннаахтык сыһыаннаһаҥҥын ардыгар дьону тэ­­йитэҕин.

Игирэлэр

Аҕам саастаах дьону кытта уопсай тылы буларга дьулус. Бу ордук аймах-билэ дьоҥҥор сыһыаннаах. Дьиэ кэргэҥҥэр болҕомто ууруоххун наада.

Араак

Үлэҕинэн аһары үлүһүйэн аттыгар, тус олоххор буола турары аахайбат буолбуккун. Кэргэннии дьон тус сыһыана тыҥаабыт. Маны туоратарга кыһан.

Хахай

Үп-харчы сөбүгэр баар, ол эрээри тус биисинэс, эбии до­­хуот туһунан толкуйданыыһыккын. Нэдиэлэ ортото өр көрсүбэтэх дьоҥҥун көрсүөҥ. Саҥа сонуну истиэҥ.

Кыыс

Кыра да кыһалҕаны үлүннэрэр буолбуккун. Доҕоргунуун сыһыаҥҥын тупсарарга кыһан. Нэдиэлэ бүтүүтэ соһуччу ыалдьыттар кэлиэхтэрэ.

Ыйааһын

Кыстыкка киириигэ халыҥнык таҥна сырыт. Бу күннэргэ чараас­тык сылдьан сыыстарыаххын сөп.

Скорпион

Үлэҕэ, үөрэххэ эриэ-дэхси. Урукку сыалгын-соруккун умнубакка ситиһэргэ дьулус. Тыал хайа диэки үрэринэн сылдьыма.

Охчут

Элбэх саҥа этии киирэр. Наадалаах диэбиккин туһаныаххын сөп. Быһаарыныы ылынаргар олоххо уопуттаах, тус көрүүлээх дьон сүбэтин ылын.

Чубуку

Чугас дьонуҥ болҕомто ир­­дииллэр. Арай эн тус олоххунан үлүһүйэҕин, туохха да бириэмэҥ тиийбэт курдук. Бириэмэҕин аттарынарга үөрэн.

Күрүлгэн

Эйигиттэн сылтаан иирсээн тахсыан сөп. Тугу истибиккин барытын ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыма. Бэйэҕэ бүгэр нэдиэлэ үүммүт.

Балыктар

Хобу-сиби уруккуттан сөбү­лээбэккин, ол эрээри баҕарбатаҕыҥ үрдүнэн онно кытыарыах курдуктар. Элбэх дьонноох сиртэн тэйэ сырыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүн — Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үгүс оройуоннарынан -45° кыраадыска тиийэ тымныйыа

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…

1 час ago
  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

14 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

15 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

15 часов ago