Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 25 —сэтинньи 1 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 25 —сэтинньи 1 күннэрэ)

Ааптар:
25.10.2024, 09:30
Бөлөххө киир:

ХОЙ
Бу нэдиэлэ хой бэлиэлээхтэргэ үлэнэн үрдүүргэ соһуччу түгэннэри тосхойуон сөп. Тулуурдаах, киэҥ-холку майгылаахтар ыгылыйан да ылыахтарын сөп. Бу күннэргэ дьону
кытта эйэлээх сыһыаны олохтуурга дьулус.

ОҔУС
Үп-харчы өттүгэр интэриэһиҥ күүһүрүөҕэ. Ол эрээри духуобунай өттө баһыйыаҕа. Бу күннэргэ өйүҥ-санааҥ бөлүһүөктүү хайысхаҕа дьулуһуо, олох суолтатын ылыныыҥ уларыйыан сөп. Олоххо суолуҥ, аналыҥ туһунан толкуйдуоҥ.

ИГИРЭЛЭР
Көхтөөх нэдиэлэ саҕаламмыт. Элбэх айан, көрсүһүү көһүтэр. Бары дьыалаҕын ситиһэр кыахтаныаҥ. Доруобуйаҥ да этэҥҥэ. Онон санаабыт санааҕын ситиһэргэр тоҕоостоох кэми
мүччү тутума.

АРААК
Соһуччу түгэннэр буолуохтара. Идэҕэр, үлэҕэр-хамнаскар сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомтолоох буол. Онтон сылтаан ис санааҥ күүрүөн сөп. Холкутуйа сатаа. Доҕоттору кытта ханна эмит сынньаныаххын наада. Аһаҕас кэпсэтии туһалыаҕа.

ХАХАЙ
Сибээс олохтуурга тоҕоостоох кэм. Урукку өттүгэр өйдөспөтөх дьоҥҥун кытта уопсай тылы булуоххун сөп. Аҥаардас бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутан ырааппаккын дьэ, өйдүөҕүҥ. Элбэх дьонноох сиртэн тэйэ тутун.

КЫЫС
Кыыс бэлиэлээхтэри үгүс уларыйыы күүтэр. Эйгэҕин уларытыаххын сөп. Ыраах айан туһаны аҕалыа. Саҥа дьоннуун алтыһыы хараххын аһыаҕа. Мэдиссиинэ эйгэтигэр үлэлиир бэлиэлээхтэри үлэҕэ ситиһии күүтэр.

ЫЙААҺЫН
Уустук нэдиэлэ үүммүт. Доҕоргун кытта сыһыаны чопчулуур уолдьаспыт. Санааҕын сайа этэргэ үөрэн. Бэйэҥ интэриэскин көмүскээтэххинэ, элбэҕи ситиһиэххин сөп.

СКОРПИОН
Дьону кытта сыһыаннаһыыга сэрэхтээх буол. Кыра аайы кыыһырсар, тылга киирсэр туһаны аҕалбат. Эн тускунан соччото суох өйдөбүл хаалыан сөп. Үп-харчы өттүгэр ситиһиилээх кэм.

ОХЧУТ
Урукку өттүгэр кыаллыбакка сылдьыбыт дьыалаларгын ситиһиэххин сөп. Сөптөөх быһаарыныыны ылыныыҥ санааҕын кынаттыа. Харчы да сөбүгэр баар. Оннооҕор уурунуоххун сөп буолууһу. Таптал, истиҥ сыһыан долгутуо. Нэдиэлэ бүтүүтэ көрсүһүүлэр күүтэллэр.

ЧУБУКУ
Доҕоттору кытта санаа атастаһыы наадатын өйдүөҥ. Бэйэҕэ бүгүү үчүгэйгэ тиэрдибэт. Ардыгар дьон санаатын таайар дьоҕурдааххын бэлиэтии көрүөҥ. Истиҥник саныыр киһигин кытта аһаҕас кэпсэтии күүтэр.

КҮРҮЛГЭН
Үлэҕин эбэтэр олорор сиргин уларытыаххын сөп. Бу тус олоххор буолар уларыйыылар дьолу эрэ түстүүллэр. Хорсун санаа уонна эрэл батыһар. Доруобуйаҥ этэҥҥэ, эбии үп-харчы көстөн үөрдүө.

БАЛЫКТАР
Үлэҕэр хайҕаныаххын, ситиһиилэниэххин сөп. Онтон санааҥ көтөҕүллүө. Дьону кытта эйэҕэс, судургу сыһыаныҥ махталын билиэҕиҥ. Саҥа идиэйэлэр киириэхтэрэ. Үлэлииргэ-хамсыырга барыта табыллан иһиэҕэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: