Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп: алтынньы 4 — 11 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: алтынньы 4 — 11 күннэрэ

Ааптар:
04.10.2024, 08:50
Бөлөххө киир:

Хой

Урут ситиспэтэх дьыалаларгытын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһаллыҥ. Олоххутугар саҥа сүүрээн кии­­риэн баҕарар буоллаххытына, уруккуттан босхолонуоххутун наада. Санааны-оноону сааһылыырга, дьиэни-уоту хомунарга тоҕоос­тоох нэдиэлэ үүммүт.

Оҕус

Бу нэдиэлэ “оҕустарга” олус тэтимнээхтик ааһыаҕа. Кыайыах-хотуох, барыны ситиһиэх санааҕыт баһыйыа­ҕа. Бэйэҕитин хайҕана үөрэниҥ, сөптөөх кэмҥэ сынньаныҥ. Чугас дьоҥҥутуттан үтүө сонуннары истэн үөрүөххүт.

Игирэлэр

Бэйэҕит майгыгытын, тутта-хапта сылдьаргытын ырытан көрөр кэм кэлбит. Өһөс майгылаах буоллаххытына, кыратык сымнаан биэрэргит наада. Интэриэһинэй этиилэр киириэх­тэрэ – эр-ойох буолуу, саҥа үлэ, дьиэ-уот. Былааннаабыккыт барыта туолуоҕа.

Араак

Бу күннэргэ төбөҕүт ыалдьыан, кыраттан ньиэрбинэйдээн туруоххутун сөп. Чугаһынан кэмҥэ наһаа улахан сыаллары туруорунумаҥ, ситиспэккэ кыыһырыаххыт-абарыаххыт. Доҕоттору, чугас дьону кытта көрсөргө, ирэ-хоро кэпсэтэргэ дьулуһуҥ.

Хахай

Сыл анараа өттүгэр туох буолбутун, тугу ааспыккытын санааҥ. Үгүһү ситиспит буоллаххытына, бырааһынньыктаан да бэлиэтиэххитин сөп. Бу күннэргэ настарыанньаҕыт уларыйа сылдьыаҕа. Кыһыыгытын-абаҕытын атын дьоҥҥо таһаарымаҥ, туттуна сылдьыҥ. Саҥа дохуот туһунан толкуйдааҥ.

Кыыс

Чугас дьоҥҥут эһиги үтүө тылгытыгар, сүбэҕитигэр наадыйар. Ким эрэ кыһалҕатын быһаарыаххыт, онтон санныгытыттан сүгэһэр түспүтүнүү чэпчиэххит. Доруобуйаҕыт туругун көрүнүҥ, суолга-­иискэ сэрэхтээх буолуҥ.

Ыйааһын

Доҕотторгутун, кэргэҥҥитин кытта иирсэн туруоххутун сөп. Эһиги тулаҕытыгар хобу-сиби тарҕатаач­чылар баар буолуохтара. Тылга тииһимэҥ, үгүс дьону кытта мээнэ кэпсэтимэҥ. Эһигиттэн тэйэр, куотуна туттар дьон баар буол­лаҕына, ыытыҥ, билсэ сатаамаҥ.

Скорпион

Эһиги аһаҕас, көнө майгылаах буолаҥҥыт, дьон билсэ, кэпсэтэ сатыаҕа. Сулумах “скорпионнар” аналгытын көрсүөххүтүн сөп. Дьыала-куолу өттүгэр табыллыаххыт, дуогабар баттаһарга тоҕоос­тоох кэм. Дохуоккутун үлүннэрэр туһунан толкуйдааҥ.

Охчут

Чуумпу, үгүс түһүүтэ-тахсыыта суох нэдиэлэ үүммүт. Үлэ-үөрэх табыллыаҕа. Саҥа дуоһунас, хамнас үрдээһинэ күүтэр. Сонун сирдэргэ сылдьарга, интэриэһинэй дьону кытта бил­сэргэ тоҕоостоох кэм. Кэлин бу барыта эһиэхэ наада буолуоҕа.

Чубуку

Успуордунан дьарыктаныах, эти-сиини чэбдигирдиэх санаа­ҕыт күүһүрүөҕэ. Салгыҥҥа сылдьа сатааҥ. Дьиэ иһинээҕилэри кытта сыһыаҥҥыт тупсуоҕа, айар-тутар дьоҕургут уһуктуоҕа. Соһуччу көрсүһүүлэр күүтэллэр, сыаналаах бэлэҕи тутуоххутун сөп.

Күрүлгэн

Дьиэни-уоту, үөрэҕи, үлэни, ол быыһыгар сынньалаҥы былааннааҥ, дьиэ кэргэҥҥитин кытта сүбэлэһиҥ. Санааҕыт туохха сытарын, бэйэҕит тугу сөбүлүүргүтүн инники күөҥҥэ тутуҥ. Уруккуттан баҕарбыккыт олоххо киирэрэ чугаһаабыт, үлэлээҥ-хамсааҥ.

Балыктар

Арыылааҕы-сыалааҕы сиэмэҥ, доруобуйаҕытын көрүнүҥ. Үлэнэн эрэ олорор дьон тус олоххут туһунан эмиэ толкуйдааҥ. Улахан малы-салы атыылаһар, айаҥҥа турунар табыллыаҕа. Айар-тутар дьоҕургут сайдыаҕа.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: