Хой
Урут ситиспэтэх дьыалаларгытын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһаллыҥ. Олоххутугар саҥа сүүрээн киириэн баҕарар буоллаххытына, уруккуттан босхолонуоххутун наада. Санааны-оноону сааһылыырга, дьиэни-уоту хомунарга тоҕоостоох нэдиэлэ үүммүт.
Оҕус
Бу нэдиэлэ “оҕустарга” олус тэтимнээхтик ааһыаҕа. Кыайыах-хотуох, барыны ситиһиэх санааҕыт баһыйыаҕа. Бэйэҕитин хайҕана үөрэниҥ, сөптөөх кэмҥэ сынньаныҥ. Чугас дьоҥҥутуттан үтүө сонуннары истэн үөрүөххүт.
Игирэлэр
Бэйэҕит майгыгытын, тутта-хапта сылдьаргытын ырытан көрөр кэм кэлбит. Өһөс майгылаах буоллаххытына, кыратык сымнаан биэрэргит наада. Интэриэһинэй этиилэр киириэхтэрэ – эр-ойох буолуу, саҥа үлэ, дьиэ-уот. Былааннаабыккыт барыта туолуоҕа.
Араак
Бу күннэргэ төбөҕүт ыалдьыан, кыраттан ньиэрбинэйдээн туруоххутун сөп. Чугаһынан кэмҥэ наһаа улахан сыаллары туруорунумаҥ, ситиспэккэ кыыһырыаххыт-абарыаххыт. Доҕоттору, чугас дьону кытта көрсөргө, ирэ-хоро кэпсэтэргэ дьулуһуҥ.
Хахай
Сыл анараа өттүгэр туох буолбутун, тугу ааспыккытын санааҥ. Үгүһү ситиспит буоллаххытына, бырааһынньыктаан да бэлиэтиэххитин сөп. Бу күннэргэ настарыанньаҕыт уларыйа сылдьыаҕа. Кыһыыгытын-абаҕытын атын дьоҥҥо таһаарымаҥ, туттуна сылдьыҥ. Саҥа дохуот туһунан толкуйдааҥ.
Кыыс
Чугас дьоҥҥут эһиги үтүө тылгытыгар, сүбэҕитигэр наадыйар. Ким эрэ кыһалҕатын быһаарыаххыт, онтон санныгытыттан сүгэһэр түспүтүнүү чэпчиэххит. Доруобуйаҕыт туругун көрүнүҥ, суолга-иискэ сэрэхтээх буолуҥ.
Ыйааһын
Доҕотторгутун, кэргэҥҥитин кытта иирсэн туруоххутун сөп. Эһиги тулаҕытыгар хобу-сиби тарҕатааччылар баар буолуохтара. Тылга тииһимэҥ, үгүс дьону кытта мээнэ кэпсэтимэҥ. Эһигиттэн тэйэр, куотуна туттар дьон баар буоллаҕына, ыытыҥ, билсэ сатаамаҥ.
Скорпион
Эһиги аһаҕас, көнө майгылаах буолаҥҥыт, дьон билсэ, кэпсэтэ сатыаҕа. Сулумах “скорпионнар” аналгытын көрсүөххүтүн сөп. Дьыала-куолу өттүгэр табыллыаххыт, дуогабар баттаһарга тоҕоостоох кэм. Дохуоккутун үлүннэрэр туһунан толкуйдааҥ.
Охчут
Чуумпу, үгүс түһүүтэ-тахсыыта суох нэдиэлэ үүммүт. Үлэ-үөрэх табыллыаҕа. Саҥа дуоһунас, хамнас үрдээһинэ күүтэр. Сонун сирдэргэ сылдьарга, интэриэһинэй дьону кытта билсэргэ тоҕоостоох кэм. Кэлин бу барыта эһиэхэ наада буолуоҕа.
Чубуку
Успуордунан дьарыктаныах, эти-сиини чэбдигирдиэх санааҕыт күүһүрүөҕэ. Салгыҥҥа сылдьа сатааҥ. Дьиэ иһинээҕилэри кытта сыһыаҥҥыт тупсуоҕа, айар-тутар дьоҕургут уһуктуоҕа. Соһуччу көрсүһүүлэр күүтэллэр, сыаналаах бэлэҕи тутуоххутун сөп.
Күрүлгэн
Дьиэни-уоту, үөрэҕи, үлэни, ол быыһыгар сынньалаҥы былааннааҥ, дьиэ кэргэҥҥитин кытта сүбэлэһиҥ. Санааҕыт туохха сытарын, бэйэҕит тугу сөбүлүүргүтүн инники күөҥҥэ тутуҥ. Уруккуттан баҕарбыккыт олоххо киирэрэ чугаһаабыт, үлэлээҥ-хамсааҥ.
Балыктар
Арыылааҕы-сыалааҕы сиэмэҥ, доруобуйаҕытын көрүнүҥ. Үлэнэн эрэ олорор дьон тус олоххут туһунан эмиэ толкуйдааҥ. Улахан малы-салы атыылаһар, айаҥҥа турунар табыллыаҕа. Айар-тутар дьоҕургут сайдыаҕа.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…