Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 6-13 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 6-13 күннэрэ)

Ааптар:
06.10.2022, 13:15
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Күүрээннээх үлэ кэмэ саҕаламмыт. Саҥа былааннар, бырайыактар элбэхтэр. Ону барытын саҕалыахха эрэ наада. Тус олох туһунан кыратык умна түс, ол оннугар ситиһии кэллэҕинэ, астына-дуоһуйа сынньалаҥна бэйэҕэр бэлэхтээр.

ОҔУС

Олоххор улахан уларыйыылар буолаары тураллар. Тус олоххор саҥа хардыылар, үлэҕэр саҥа этиилэр киириэхтэрэ. Мантан кыратык төбөҥ эргийиэн сөп. Уһуну-киэҥи санаан туран быһаарыныы ылынарыҥ наада.

ИГИРЭЛЭР

Нэдиэлэ устата чуумпутук сырыт. Дьаҥҥа хаптарар куттал баар, онон элбэх дьонноох сиртэн тэйэ туттан, дьиэҕэ бүгэр кэм. Үлэҕэр да соччото суох балаһыанньа күүтэр. Онон бэйэ бодотун тардынар ордук.

АРААК
Уруккуттан былааннаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэр уолдьаспыт. Ити дьиэ кэргэҥҥэр, тус олоххор, биисинэскэ сыһыаннаах. Онон урукку-хойукку доҕотторуҥ көмөлөрүнэн үгүһү ситиһиэххин сөп. Сүрэҕэлдьээбэккэ дьаһаннаххына, барыта этэҥҥэ буолуоҕа.

ХАХАЙ
Ситиһиилээх кэм. Дьиэ кэргэҥҥэр эриэ-дэхси. Ол эрээри аһары холкутуйума. Соһуччу ыалдьыттар эбэтэр саҥа этиилэр киирэн уу-нуурал холку олоххун уйгуурдуохтарын сөп. Ол эрээри, бу барыта үтүө эрэ өттүнэн эрги­йиэҕэ.

КЫЫС
Доҕотторгун кытта көрсүбэтэҕиҥ ырааппыт. Аһары бүгэҥҥин дьон хараҕын далыттан сүппүккүн. Бэйэҕин көрдөрөр кэмиҥ кэлбит. Туохтан да иҥнибэккэ, саҥа былааннары, соруктары туруор.

ЫЙААҺЫН
Таптал, истиҥ сыһыан өйгүн-са­­нааҕын бутуйуон сөп. Саҥа билсиспит киһи барыта доҕор буолбатах. Бэйэҕин көрүнэ, туттуна сырыт.

СКОРПИОН
Үлэ-хамнас таһаарыылаах буолар кэмэ. Дуоһунаһыҥ үрдүүрэ салалтаҕын кытта сыһыаҥҥыттан улахан тутулуктаах. Дьону сэнэбиллээхтик сыһыаннаһыма, күҥҥүн-дьылгын сөптөөхтүк туһанаргар уолдьаспыт.

ОХЧУТ
Айар үлэҥ табыллар. Тиэ­хиньикэҕэ сыһыаннаах эбэтэр оҥорон таһаарыыга үлэлиир буоллаххына, дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтото уур.

ЧУБУКУ
Эбии дохуот көстөн, санааҥ көтөҕүллүө. Ол эрээри тус олох туһунан умнума. Элбэх дьонноох сиргэ сылдьан соһуччу билсиэххин сөп. Бу билсиһии олоххун тосту уларытыан сөп.

КҮРҮЛГЭН
Аскын наһаа туттуммакка сырыттаххына, доруобуйаҕар оҕустарыаххын сөп диэн сулустар этэллэр. Онон аһы-үөлү көрүнэн, хамсанан-имсэнэн сырыттаххына, үлэни да кыа­йыаҥ, дьыалаҥ да табыллыа.

БАЛЫКТАР
Балык саҕа сэрэх киһи суоҕун кэриэтэ, ол эрээри кини дьоҥҥо эрэнэрэ сүр. Эн ити хаачыстыбаҕын дьон хото туһанар. Саҥа билсибит дьоҥҥуттан сэрэхтээх буол.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: