Хой
Бу ыйыллыбыт кэмҥэ эһиги олоххутугар улахан уларыйыылар буолуохтарын сөп. Дьалҕаҕытын быһаарар хамсаныылары оҥоруоххутун, уустук боппуруостары быһаарыаххытын сөп. Саҥа күүс, сэниэ киириэҕэ. Санаабыккыт барыта сатанан иһиэҕэ.
Оҕус
Тус олоххутугар уонна үлэҕитигэр уларыйыылар күүтэллэр. Олоҕу атын хараххытынан көрүөххүт. Интэриэһинэй көрсүһүүлэр, дьоһуннаах кэпсэтиилэр буолуохтара. Үп-харчы дьыалата үчүгэй.
Игирэлэр
Игирэлэр урут билсэ-көрсө сылдьыбыт дьоҥҥутун көрсүөххүт, урут буолан ааспыт сабыытыйалар биллэн-көстөн кэлиэхтэрин сөп. Эбэтэр урукку сатабылгыт билиҥҥи олоххутугар туһалаах буолар кэмэ кэлбит диэн сулустар билгэлииллэр.
Араак
Эһигини соһутар уонна сонньутар түгэн элбэх буолуоҕа. Ол эрээри санааҕа наһаа ылларымаҥ. Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Тус олоххутугар уларыйыылар күүтэллэр, оҕо кута батыһар. Соһуччу үтүө сонуну истэн үөрүөххүт.
Хахай
Бу нэдиэлэҕэ хахай бэлиэлээхтэр бэйэҕитин үтүө өттүнэн көрдөрөргүтүгэр тоҕоостоох кэм кэлбит. Эбии харчы киллэринэр дьарыгы булуоххутун сөп. Тылга-өскө киирэр биэрэртэн сэрэниҥ, дьону кытта биир тылы була сатааҥ.
Кыыс
Олоххут араас эйгэтигэр бөрүкүтэ суох түгэннэри судургутук аһарынар туһуттан холку буолуҥ. Таптааҥҥыт долгуйуоххутун сөп. Ыксаллаах быһаарыныылары ылынымаҥ. Доҕотторгутун кытта сибээскитин быһымаҥ.
Ыйааһын
Дьиэ кэргэнинэн мустарга, сэлэһэргэ, инникини торумнуурга сөптөөх нэдиэлэ үүммүт. Баҕа санааҕытын толорор туһуттан саҥа сыалларда туруорунуҥ. Дьиҥнээх тапталгытын көрсүөххүтүн сөп.
Скорпион
Сынньалаҥа суох үлэ күннэрэ күүтэллэр. Ол эрээри бу үтүө түмүктээх буолуо. Хамнаскыт үрдүөҕэ, үтүө тыллары истиэххит, наҕараада тутуоххут. Кэргэннии дьон сыһыаҥҥытыгар болҕомтото ууруҥ. Эһиги сыыһа туттунаҥҥыт, чугас киһигитин хомотуоххутун сөп.
Охчут
Мүччүргэннээх сырыылар күүтэллэр. Олоххутугар уруок буолар быһыы-майгы буолуон сөп. Үлэҕитигэр ситиһиилэр күүтэллэр. Салалта тугу эппитин толлубакка толорон иһиҥ. Харчы боппуруоһа быһаарыллан, сыаналаах малы-салы атыылаһарга тоҕоостоох кэм.
Чубуку
Түһүүлээх-тахсыылаах күннэр күүтэллэр. Ол эрээри бу ыктарыылаах кэм саҥа быһаарыныылары ылынаргытыгар төрүөтүнэн буолуоҕа. Чугас киһигит санаатын болҕойон истиҥ, ылыныҥ. Атын дьон кыһалҕатын эһигинэн быһаартара сатыаҕа, сөбүлээбэтэргит да, көмөлөһө сатааҥ. Бу үтүөҕүт эһиэхэ уон оччонон төннүөҕэ.
Күрүлгэн
Олоххутугар саҥа сүүрээн киирээри турар – олорор сири уларытыы, дьиэ-уот атыылаһыы, үлэни уларытыы. Саҥа билсибит дьоҥҥутуттан сэрэниҥ. Үп-харчы өттүгэр албыннатыы, тылга киирэн биэрии тахсыан сөп.
Балыктар
Дьону атын хараххытынан көрүөххүт. Доруобуйаҕыт туругун көрүнүҥ. Бу күннэргэ төбөҕүт ыалдьыан сөп. Чугаһынан кэмҥэ наһаа улахан сыаллары туруорунумаҥ, ситиспэккэ кыыһырыаххыт-абарыаххыт.
Атынан Монголияҕа тиийбит айанньыттар Роман Попов, Геннадий Пустоляков Саха сиригэр айаннаан иһэллэр. Кинилэр аттарын таһаҕас…
Кэлиҥҥи сылларга "Саха сиригэр оҥоһулунна" диэн хамсааһыҥҥа кыттан, үгүс урбаанньыт бэйэ оҥорон таһаарыытын салаатыгар араас…
Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан истипиэндьийэлэрин олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга, норуот маастардарыгар туттарыы сиэрэ-туома буолла. Истипиэндьийэни ылбыттар…
Саха сиригэр 2024 сылга тоҕус ый иһигэр баан систиэмэтэ сэттэ сымыйа харчы баарын билбит. Бу…
Үлэ сокуонун эспиэрэ Анна Иванова 13-с хамнаһы ким ылар бырааптааҕын туһунан кэпсээтэ диэн СИА «Прайм»…
Дьокуускайга биир тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөккө, 21 мөл.солк. тахса иэскэ киирбит. Сөптөөх кэмигэр 33 үлэһит…