ХОЙ
Бэйэҕин хайдах көрдөрөҕүн да дьон оннук ылыныа. Чугас киһиҥ син биир хайдах бааргынан ылынар, ол эрээри тапталы, сыһыаны харыстыыр туһуттан өрө барар наадата суох. Саҥа үлэҕэ ыҥырыы туһунан этии киириэн сөп. Бу хардыы тус олоххор үтүө өттүнэн дьайыан сөп.
ОҔУС
Саҥа билсиһиигэ соччото суох кэм. Дьоҥҥо эрэнэр наадата суох. Дьиэ-уот кыһалҕатын быһаарыыттан сылтаан өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буол. Аскын-үөлгүн тутуһан сырыттаххына, доруобуйаҥ этэҥҥэ буолуоҕа.
ИГИРЭЛЭР
Айан эрэ угуйар. Айан кэмигэр интэриэһинэй киһини кытта билсиэххин сөп. Хамсаныы, барыы-кэлии санааҕын көтөҕүө. Тус биисинэһи сайыннарарга тоҕоостоох кэм.
АРААК
Доруобуйаҥ, үлэҥ барыта этэҥҥэ. Сэниэлээххин, өссө даҕаны саҥа дьыалаҕа ылсарга бэлэмҥин. Харчы да сөбүгэр баар. Оҕолоргор, аҕам саастаах дьоҥҥор болҕомтолоох буол. Тиискин, миилэҕин көрүнэ сырыт.
ХАХАЙ
Cаҥа дьону кытта билсэргэ, сыһыаны олохтуурга тоҕоостоох кэм. Бу тус олоххор эмиэ суолталаах. Үлэҕэр биисинэс эйгэтигэр саҥа бырайыак ситиһиини түстүүр. Ол эрээри үлэнэн
аһары үлүһүйэн доруобуйаҥ эмсэҕэлиэн сөп. Күөмэйгин харыстаа. Тоҥмот гына сырыт.
КЫЫС
Урукку оҥорбут сыыһаларгын-халтыларгын көннөрүөххүн сөп, ол дьону кытта сыһыаннаһыыга оруоллаах. Үлэҕэр чуумпу кэм. Доруобуйаҕар болҕомто ууруоххун наада. Ордук сүрэххэр, тымыргар.
ЫЙААҺЫН
Тус олоххор үтүө уларыйыылар күүтэллэр. Сыһыаны тупсарыыга, саҥардарга тоҕоостоох кэм. Инникини былаанныырга, саҥа быһаарыныылары ылынарга эмиэ табыгастаах. Оһолтон
сэрэхтээх буол, сүһүөхтэргин харыстаа.
СКОРПИОН
Сынньалаҥ бүтэн аны үлэ-хамнас үгэнигэр умса түһүүһүккүн. Нэдиэлэ саҥата үөрэххэ, үлэҕэ сыһыаннаах дьыалаларга хото хамсаныыһыккын. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥа киэҥ
көҕүстээх буол. Уопсастыбаннай сиргэ аһаама, оһоҕос, ис ыарыытыгар хаптарыаххын сөп.
ОХЧУТ
Тапталга табыллар кэм. Дьиэ-уот, үлэ-хамнас этэҥҥэ. Үлэҕэр салалтаҥ бэлиэтиэн сөп, хайҕалы уйа үөрэн. Доруобуйа этэҥҥэ, онон барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Ыраах айаҥҥа турунуу ситиһиини түстүө.
ЧУБУКУ
Чугас киһигин кытта сыһыан тымныйан ылыан сөп. Өйдөһө сатаа. Аһаҕас кэпсэтии, санааны үллэстии эрэ көмөлөһүө. Үлэҕэр барыта этэҥҥэ. Ол эрээри дьонтон иэс ылартан туттуна сатаа, баар харчыгын харыстаа.
КҮРҮЛГЭН
Тус олоххор соччото суох кэм. Өйдөспөт түгэн элбэҕиттэн санааҥ түһэр. Кыһалҕаттан туспа барарга быһаарыныаҥ, ол эрээри бу кыһалҕаны суох оҥорон кэбиспэт. Дьон санаатын
өйдүү, ылына сатаа. Доруобуйаҕар бүөргүн, хабаххын көрүнэ сырыт.
БАЛЫКТАР
Тулалыыр дьоҥҥун, дьиэ кэргэҥҥин кытта сыһыаны тупсара сатаа. Ис туруккун таскар таһаарыма. Үлэҕэр салалта тургутан көрүөн сөп. Онон бары докумуоҥҥун, дьыалаҕын-куолугун
сааһылана сырыт.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…