Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (атырдьах ыйын 2-9 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (атырдьах ыйын 2-9 күннэрэ)

Ааптар:
02.08.2024, 06:00
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Элбэх бириэмэни бэйэҕэр анаа. Оннук кыах суох да буоллаҕына, тирээн турар боппуруостаргын барытын биир кэмҥэ быһаара сатаама. Ол оннугар эрэллээх көмөлөһөөччүтэ булун.

ОҔУС

Болҕомтолоох буол – туох эрэ дьоһуннааҕы мүччү тутуоххун сөп. Бу нэдиэлэ кэпсэтиилэри ыытарга уонна докумуоннары толорорго табыгастаах. Бырайыактаах буоллаххына, Граҥҥа сайаапкаҕын биэриэххин сөп.

ИГИРЭЛЭР
Хаһааҥҥытааҕар да өрө көтөҕүллүөҥ, урут олоххо киллэрбэтэх ыра санааларгын толоруоххун баҕарыаҥ. Сулустар ити хардыыны оҥороргор сүбэлииллэр. Иллэҥ кэмҥин айар үлэҕэ, дьарыкка анаа.

АРААК

Сынньанар уонна соҕотохсуйа түһэр кэм кэлбитин курдук турукка сылдьаҕын. Саҥа санааларгын уонна кыһалҕаларгын чугас дьоҥҥун кытары үллэстэртэн куттаныма. Өрөбүл күннэргэ дьиэҕэр-уоккар хомунарыҥ санааларгын сааһылыырга көмөлөөх буолуо.

ХАХАЙ

Эйигин элбэх үчүгэй көрсүһүүлэр, сонуннар уонна бэлэхтэр күүтэллэр. Үгүс хахай бэлиэлээхтэр үпкэ туруктарын тупсарыахтарын сөп. Киирбит үбү туһалаахтык туттарга кыһан, холобур, биир эмиэ аһымал аахсыйаҕа кыттыаххын сөп.

КЫЫС

Сулустар соһуччу билсиһиилэри уонна дьыалабыай көрсүһүүлэри эрэннэрэллэр. Ол эрээри, бэ­­йэҕэр наһаа элбэх эбэһээтэлистибэни ылыныма. Уоппускаҥ ыраах буоллаҕына, иллэҥ кэмҥин айылҕаҕа атаар.

ЫЙААҺЫН

Бу нэдиэлэҕэ кыратык уоскуйа түһүөҥ. Үлэҕэр эйиэхэ ситиһиини аҕалар элбэх саҥа санаа киириэ. Ол быһаарыныыларгын хорсуннук биллэр. Чугас дьоҥҥун кытары чиэһинэй уонна аһаҕас буоларыҥ ордук.

СКОРПИОН

Эн наһаа элбэҕи үлэлиигин. Хардатын тугу ыларыҥ туһунан толкуйдаабатыҥ кэриэтэ. Сулустар күүскүн-уоххун халтайга туттубаккар сүбэлииллэр. Ол кэриэтэ бэйэҕэр дуоһуйууну аҕалар үтүө дьыалаларынан дьарык­тан.

ОХЧУТ

Сорох баҕа санааҥ кыайан туолбатах ыарахан кэмнэригэр чугас дьонуҥ өйөбүл буолуохтара. Наар куһаҕаны эрэ санаама, ол оннугар атын бырайыактарга ылсыс. Өрөбүллэргин үтүө дьыалаларга туһан.

ЧУБУКУ

Туох эрэ саҥаҕа үөрэниэххин сөп. Ол эйигиттэн бэйэҕэ болҕомтолоох уонна дьаныардаах буолууну эрэ­йэр. Сыалгын-соруккун толорор дьулуургунан ханнык баҕарар ыарахаттары туоруоҥ. Онон саҥа үөрэхтэн аккаастаныма.

КҮРҮЛГЭН

Туох эрэ саҥаны, сонуну саҕалыыр­гар табыгастаах нэдиэлэ. Ону бэйэҥ билбэт буоллаххына, чугас дьоҥҥуттан сүбэлэт. Өй-санаа тобуллуутун ирдиир уонна хамаанданан үлэҕэ ситиһиилэр күүтэллэр.

БАЛЫКТАР

Бэйэҕин ырытан көрөргөр уонна чугастааҕы соруктаргар элбэх бириэмэ ирдэнэр. Тулалыыр дьонуҥ эн этиилэргин истиэхтэрэ уонна үрдүктүк сыаналыахтара. Ол түгэни мүччү тутума уонна туох эрэ тэрээһини ыытыаххын сөп.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: