ХОЙ
Элбэх бириэмэни бэйэҕэр анаа. Оннук кыах суох да буоллаҕына, тирээн турар боппуруостаргын барытын биир кэмҥэ быһаара сатаама. Ол оннугар эрэллээх көмөлөһөөччүтэ булун.
ОҔУС
Болҕомтолоох буол – туох эрэ дьоһуннааҕы мүччү тутуоххун сөп. Бу нэдиэлэ кэпсэтиилэри ыытарга уонна докумуоннары толорорго табыгастаах. Бырайыактаах буоллаххына, Граҥҥа сайаапкаҕын биэриэххин сөп.
ИГИРЭЛЭР
Хаһааҥҥытааҕар да өрө көтөҕүллүөҥ, урут олоххо киллэрбэтэх ыра санааларгын толоруоххун баҕарыаҥ. Сулустар ити хардыыны оҥороргор сүбэлииллэр. Иллэҥ кэмҥин айар үлэҕэ, дьарыкка анаа.
АРААК
Сынньанар уонна соҕотохсуйа түһэр кэм кэлбитин курдук турукка сылдьаҕын. Саҥа санааларгын уонна кыһалҕаларгын чугас дьоҥҥун кытары үллэстэртэн куттаныма. Өрөбүл күннэргэ дьиэҕэр-уоккар хомунарыҥ санааларгын сааһылыырга көмөлөөх буолуо.
ХАХАЙ
Эйигин элбэх үчүгэй көрсүһүүлэр, сонуннар уонна бэлэхтэр күүтэллэр. Үгүс хахай бэлиэлээхтэр үпкэ туруктарын тупсарыахтарын сөп. Киирбит үбү туһалаахтык туттарга кыһан, холобур, биир эмиэ аһымал аахсыйаҕа кыттыаххын сөп.
КЫЫС
Сулустар соһуччу билсиһиилэри уонна дьыалабыай көрсүһүүлэри эрэннэрэллэр. Ол эрээри, бэйэҕэр наһаа элбэх эбэһээтэлистибэни ылыныма. Уоппускаҥ ыраах буоллаҕына, иллэҥ кэмҥин айылҕаҕа атаар.
ЫЙААҺЫН
Бу нэдиэлэҕэ кыратык уоскуйа түһүөҥ. Үлэҕэр эйиэхэ ситиһиини аҕалар элбэх саҥа санаа киириэ. Ол быһаарыныыларгын хорсуннук биллэр. Чугас дьоҥҥун кытары чиэһинэй уонна аһаҕас буоларыҥ ордук.
СКОРПИОН
Эн наһаа элбэҕи үлэлиигин. Хардатын тугу ыларыҥ туһунан толкуйдаабатыҥ кэриэтэ. Сулустар күүскүн-уоххун халтайга туттубаккар сүбэлииллэр. Ол кэриэтэ бэйэҕэр дуоһуйууну аҕалар үтүө дьыалаларынан дьарыктан.
ОХЧУТ
Сорох баҕа санааҥ кыайан туолбатах ыарахан кэмнэригэр чугас дьонуҥ өйөбүл буолуохтара. Наар куһаҕаны эрэ санаама, ол оннугар атын бырайыактарга ылсыс. Өрөбүллэргин үтүө дьыалаларга туһан.
ЧУБУКУ
Туох эрэ саҥаҕа үөрэниэххин сөп. Ол эйигиттэн бэйэҕэ болҕомтолоох уонна дьаныардаах буолууну эрэйэр. Сыалгын-соруккун толорор дьулуургунан ханнык баҕарар ыарахаттары туоруоҥ. Онон саҥа үөрэхтэн аккаастаныма.
КҮРҮЛГЭН
Туох эрэ саҥаны, сонуну саҕалыыргар табыгастаах нэдиэлэ. Ону бэйэҥ билбэт буоллаххына, чугас дьоҥҥуттан сүбэлэт. Өй-санаа тобуллуутун ирдиир уонна хамаанданан үлэҕэ ситиһиилэр күүтэллэр.
БАЛЫКТАР
Бэйэҕин ырытан көрөргөр уонна чугастааҕы соруктаргар элбэх бириэмэ ирдэнэр. Тулалыыр дьонуҥ эн этиилэргин истиэхтэрэ уонна үрдүктүк сыаналыахтара. Ол түгэни мүччү тутума уонна туох эрэ тэрээһини ыытыаххын сөп.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…