Хой
Үлэҕэр, дьиэҕэр-уоккар судургу курдук. Ол эрээри ис туруккар тугу эрэ астыммаккын. Олоҕун суолтата суох ааһан эрэр курдук. Саҥаны айыаххын-тутуоххун баҕараҕын. Бу сотору кэминэн ааһыаҕа.
Оҕус
Чугас киһигин кытта сыһыаны тупсарыаххын сөп. Саҥа билсиһии күүстээх доҕордоһууга тиэрдиэн сөп. Үлэҕэр барыта этэҥҥэ. Саҥа креативнай идиэйэлэргин бар дьон өйүүр.
Игирэлэр
Ааспыты саныы-саныы онтон эрэйдэнэр туһата суох. Хас биирдии киһи олоҕор сыыһа-халты элбэх. Кэргэниҥ аймахтарын кытта алтыһар кэмиҥ. Кинилэри кытта хайдах сыһыаннаһартан элбэх тутулуктааҕын умнума. Суолталаах дуогабардарга илии баттаһыы ситиһиини түстүүр.
Араак
Дьон болҕомтотун тардаҕыҥ. Онон тус олоххор күөх уот тыгар. Оттон кэргэннээх араак арыый туттуна соҕус сырыт. Дьон тылыгар киирэн биэриэххин сөп. Кылгас айаҥҥа ситиһии күүтэр.
Хахай
Доруобуйаҕар олох кыһаммат буолбуккун. Дьиэ кэргэн, чугас дьон кыһалҕатынан эрэ олорор курдуккун. Чугас киһигин кытта аһаҕас кэпсэтии үгүс кыһалҕаны быһаарыан сөп. Ол эрээри хопко-сипкэ кыттыһыма, бэйэҥ утары барыта туруон сөп.
Кыыс
Саамай аһаҕас, дьон болҕомтотун тардар кэмиҥ саҕаламмыт. Ол эрээри санааны сөпкө тиэрдэргэ, дьону кытта уопсай тылы буларга болҕомтолоох буолуу ирдэнэр. Чугас дьоҥҥун хомотуоххун сөп. Үлэҕэ саҥа бырайыагы толкуйдаа.
Ыйааһын
Сэмэй буолуу киэргэтэр. Ол эрээри ыйааһын бэлиэлээх сэмэй буолууну сатаабат. Дьон болҕомтотун, тарда сатаабакка чуумпутук сырыт. Аҥааргыт күнүүлүөн сөп. Саҥа билсиһииттэн туттунар ордук. Үлэҕэр-хамнаскар эниэргийэлээххин, эрдэ саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһалын.
Скорпион
Уйулҕаҕар баар мэһэйдэртэн босхолонор кэм. Оччоҕуна санааҥ да кэҥиэ, ис туругуҥ уларыйыа. Тапталга табыллыы күүтэр. Чугас киһигин кытта өйдөһүү баар. Үлэҕэр саҥа идиэйэ киирэн тулалыыр дьоҥҥун барытын да көҕүлүүр кыахтааххын.
Охчут
Сынньалаҥы уонна уоскуйууну олох күүтүмэ. Барыта буурҕа курдук түргэн буолуоҕа. Үлэҥ үгүс бириэмэни, сыраны-сылбаны ирдиир. Ол эрээри бу нэдиэлэҕэ үгүһү ситиһиэҥ. Сатаан былааннана үөрэн.
Чубуку
Айаны таптыыр чубукулар биир сиргэ таба олорботтор. Чугас киһигин кытта айылҕаҕа, ыраах айаҥҥа турунуу ситиһиини түстүө. Ис санааҕын аһаҕастык этэ үөрэн. Эрдэттэн былааннаабыт дьыалаҕын ситиһэргэр табыгастаах кэм. Үлэҕэ дьыалабыай кэпсэтии, дуогабар түһэрсии барыстаах буолуо.
Күрүлгэн
Аһары судургу буолар туһаны аҕалбат. Бу ордук тус олоххор тоҕоостоох. Соҕотохсуйууттан босхолоно сатаа. Үлэҕэр кыһалҕа үгүс. Салалтаҥ да астыммат курдук. Онтон сылтаан санааҕа ылларыаҥ. Ол эрээри эйигин уруккуттан билэр дьонуҥ итэҕэйэллэр, сыһыаннара уруккутунан.
Балыктар
Чугас киһигин кытта уопсай тылы булар уустугурбут. Аҥаарыҥ бары кыһалҕаны эн сүнньүгэр сүктэрэ сатыаҕа. Маныаха аһары кыыһырар, тымтар туһаны аҕалбат. Үлэҕэр кэллиэгэлэрин көмөлөрө абырыаҕа. Дьону кытта уопсай тылы булуу наадатын өйдүөҥ.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…