Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп: атырдьах ыйын 24-31 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: атырдьах ыйын 24-31 күннэрэ

Ааптар:
24.08.2023, 06:00
Бөлөххө киир:

Хой

Бу нэдиэлэҕэ эһигини өйүүр-өйдүүр дьоҥҥут аттыгытыгар баар буолуохтара. Ол эрээри, ыһа-тоҕо сонуннаргытын, санааларгытын көрсүбүт киһигит аайы кэпсээмэҥ. Ымсыырар, ордук саныыр дьон эмиэ баар буолуон сөп.

Оҕус

Дьол икки, сор икки арахсыспаттар диэн этии баарын өйдөөҥ. Туоххут эбит табыллымаары гыннаҕына, санааҕытын түһэримэҥ. Син биир кэмигэр барыта орун-оннугар буолуоҕа.

Игирэлэр

Игирэ бэлиэлээхтэр өйгүтүгэр-санааҕытыгар туох эрэ уларыйыылар буолан эрэллэрин сэрэйиэххит. Тутта-хапта, саҥара-иҥэрэ сылдьаргытын хонтуруоллааҥ, алҕаска чугас дьоҥҥутун өһүргэтиэххитин сөп.

Араак

Олорон хаалбакка, барытыгар көхтөөхтүк кыттыһан иһин. Бу нэдиэ­лэҕэ ылсыбыккыт барыта сатанар чинчилээх. Айанныырга, айарга-тутарга, билэргэ-көрөргө тоҕоостоох кэм.

Хахай

Эрдэ тугу эрэ ситэри оҥорботоххутун тиһэҕэр тиэрдэргэ дьулуһуҥ. Саҥа бырайыактары ылсарга, доҕоттору кытта көрсөргө, сүбэ-­ама бэрсэргэ, кэскиллээх кэпсэтиилэри ыытарга олус сөптөөх нэдиэлэ тирээн кэлбит.

Кыыс

Соһуччу көрсүһүүлэр, бэлэхтэр-туһахтар, үтүө сонуннар күү­тэллэр. Бу күннэргэ санааҕыт өрө көтөҕүллэн сылдьыаҕа. Туох эмит кыһалҕаны көрүстэххитинэ, эһиэхэ куруук күүс-көмө буолар дьоҥҥут аттыгытыгар бааллар эбит.

Ыйааһын

Дьиэ да, үлэҕэ да кыра уларыйыылар күүтэллэр. Көрсүбүт дьоҥҥутугар интэриэстээхтик сыһыаннаһыҥ, этиһиини, өһүргэнсиини тумнуҥ. Доруобуйаҕыт туругун көрдөрүнүҥ, ыарыыгыт бэргиирин күүтүмэҥ.

Скорпион

Бу кэмҥэ быһаарыллыбат ыарахаттары көрүстэххитинэ куттанымаҥ, ыгылыйымаҥ. Барыта быһаарылыннаҕына, ситиһии, дьол, таптал эйэргэһиэҕэ. Эргэ малы-салы быраҕаттааҥ, дьиэҕэ-уокка саҥардыы, сууйуу-сотуу үлэтин ыытыҥ.

Охчут

Дьону кытта кэпсэтэргитигэр кыра моһуоктары көрсүөххүтүн сөп, солуута суох өһүргэнэр, өс саҕа буолар дьон баарыттан соһуйумаҥ. Ол аайы куруубайдаамаҥ, айдаарсымаҥ. Соһуччу үп-харчы киириэн сөп.

Чубуку

Туруоруммут сыалларгытын ситиһэргэ тоҕоостоох күннэр үүммүттэр. Бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ, кыра хардыылары оҥорон улахан баҕа санааҕытын толоруоххут.

Күрүлгэн

Үгүһү-киэҥи саныырга, ырытарга “күрүлгэннэргэ” бэрт нэдиэлэ кэлбит. Сайын бүтэһик күннэрин баттаһа, айылҕаҕа сынньананарга, ситэрбэтэх былааннаргытын олоххо киллэрэргэ дьулуһуҥ. Барыта табыллыаҕа.

Балыктар

“Балыктар” бу нэдиэлэҕэ элбэҕи үлэлииргэ, түбүгүрэргэ бэлэм буолуҥ диэн сулустар сэрэтэллэр. Күннээҕи эрэсиими тутуһуҥ, кыаххытын билиниҥ. Соһуччу көрсүһүүлэр, сонун идиэйэлэр күүтэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: