Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Атырдьах ыйын 30 – балаҕан ыйын 5 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Атырдьах ыйын 30 – балаҕан ыйын 5 күннэрэ

Ааптар:
30.08.2024, 07:30
Бөлөххө киир:

Хой

Чугас киһигин кытта сыһыан сылатыан сөп. Дьиэ-уот да кыһалҕата ыгар.  Саҥа дьыаланы саҕалыырга, саҥа дьоннуун алтыһарга соччото суох кэм. Үлэҕэ-хамнаска ыктарыаххын сөп.

Оҕус

Успуордунан дьарыктанар буол­лаххына, доруобуйаҕар, тас көрүҥҥэр тупсууну түстүүр кэм. Айар үлэнэн үлүһүйэр оҕус тапталга уйдарыан сөп. Үлэҕэр-хамнаскар хапытаалгын хаҥатар туһунан толкуй ситиһиини аҕалыа.

Игирэлэр

Урукку былааннаргын олоххо киллэрэргэр уолдьаспыт. Тус олоххор сырдык кэм кэлбит. Чугас киһигин кытта сынньалаҥ кэтэһэр. Уһун болдьохтоох бырайыакка киирсиэххин эбэтэр ­дьиэ-уот атыылаһыаххын сөп.

Араак

Саҥа билсиһии үөрдэр. Дьоҥҥо өрүү аһаҕаскын, ол да иһин дьон эйиэхэ талаһар. Соҕотохсуйууну сөбүлээбэккин, онон былааххын күөрэтэн инниҥ хоту баран ис. Ыраах айан ситиһиини түстүүр.

Хахай

Үп-харчы кыһалҕата чугас киһигин кытта сыһыаҥҥа мэһэйдиэ. Чугас киһиҥ эн санааҕын ылыммат, барыта утары буолар курдук. Ол эрээри истиҥ кэпсэтии барытын орун-оннугар туруо­руо.

Кыыс

Кыайыыны-хотууну түстүүр нэдиэ­лэ. Сыалгын-соруккун ситиһэргэр дьулуурдаах буолуу ирдэнэр. Дьону кытта уопсай тылы судургутук булаҕын. Онон сөбүлүүр дьоҥҥор болҕомто ууран, бааргын биллэриэххин наада. Үлэҕэр аһары холкутаан хаалыма, бириэмэни аттарына үөрэн.

Ыйааһын

Бу нэдиэлэҕэ үгүһү, саҥаны былааннаама. Чугас дьоҥҥун кытта тыҥаа­һыннаах сыһыан олохтонуон сөп. Бэйэ бодотун тардына сырыт. Ол эрээри ис санааҕар, сэрэйэн көрөр дьоҕургар итэҕэй.

Скорпион 

Уларыйыылартан куттаныма. Саҥа саҕалааһыннар ситиһиини аҕалыахтара. Чугас дьоҥҥун кытта биир тылы буларга кыһалын. Туох барыта кыраттан да турарын умнума.

Охчут

Бүтэһик күннэргэ санааҕа баттатар курдуккун. Им-искиттэн күүрэн сылдьаҕын. Сатаан сынньаммаккын. Чугас киһигин кытта өйдөһө сатаа. Аҥаардас бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутума, атын дьон санаата эмиэ суолталааҕын өйдөө.

Чубуку

Тус олоххун оҥосторгор, сыһыаны тупсарарга табыгастаах кэм. Саҥа билсиһии долгутуулаах буо­луон сөп. Омук тылын үөрэтии кэлин наада буолуон сөп. Онон саҥаны билэ, үөрэтэ сатыыртан куттаныма.

Күрүлгэн

Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох уонна арыый култууралаах буолуоххун наада.  Дьону кытта кыыһырса, кыра аайыттан быһаарса, аахса сатыыр үчүгэйгэ тиэрдибэт.

Балыктар

Билигин чуумпутук сылдьаргар табыгастаах кэм. Буола турар балаһыанньаны уларыппат буоллаххына, ол аайы кыйаханар туһаны аҕалбат. Чугас киһигин кытта тус-туһунан сынньанар уолдьаспыт. Ардыгар маннык сыһыан эмиэ көмөлөһөр.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: