Нэдиэлэтээҕи гороскоп: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 7 күннэрэ
Хой
Бу кэмҥэ былааннаабыккытыгар күүскүт-уоххут, сэниэҕит тиийиэҕэ. Ол эрээри, искитигэр туруоруммут сыалы-соругу сатаан ситиһиэхпит суоҕа диэн кыра долгуйуу баар буолуон сөп. Наһаа элбэҕи бэйэҕитигэр ылынымаҥ.
Оҕус
Үлэҕэ, үөрэххэ бэйэҕитин саҥа өттүнэн көрдөрөргө кыах бэриллиэ. Саҥаҕа холонон көрөргө, сонун бырайыакка ылсарга сөптөөх нэдиэлэ үүммүт. Тус олоххутун үлэни кытта биир кэрдиискэ тутуҥ, үлэҕэ бас бэринимэҥ.
Игирэлэр
Игирэлэр бэлиэлээх дьоҥҥо балаҕан ыйын бастакы күннэрэ түһүүлээх-тахсыылаах тэтиминэн ааһыахтара. Саҥа билсиһиилэр, соһуччу көрсүһүүлэр күүтэллэр. Дьону кытта эйэҕэстик кэпсэтиҥ, иирсээҥҥэ киирэн биэрэр куттал баар.
Араак
Өйгүтүн-санааҕытын булкуйар дьикти толкуйдар буулуохтара. Онон уйулҕа өттүнэн күүстээх буоларгыт, арыый холкутук барытыгар сыһыаннаһаргыт наада. Бэйэни сайыннарарга дьарыкта булунуҥ. Харчыгытын сэрэнэн туттуҥ.
Хахай
Бу кэмҥэ “хахайдар” дуоһунаскыт үрдүөн, хамнаскыт эбиллиэн сөп. Санаабыккытын, былааннаабыккытын ситиһэргитигэр ааннар аһаҕастар. Лиидэрдии хаачыстыбаҕытын уһугуннарыҥ, көхтөөх олоҕу батыһыҥ.
Кыыс
Балаҕан ыйын бастакы нэдиэлэтигэр “кыргыттар” доруобуйаҕыт көрдөрүнүҥ, ис туруккутун кэтээҥ. Успуордунан дьарыктанарга, сөптөөх аһылыгы тутуһарга, сынньанарга олус табыгастаах кэм кэлбит. Дьону кытта тыл-тылга киирсэ сатаамаҥ.
Ыйааһын
Айар үлэлээх дьоҥҥо ситиһиилэр кэлиэхтэрэ. Саҥаны билэргэ-көрөргө, талааннары сайыннарарга тоҕоостоох нэдиэлэ диэн сулустар сүбэлииллэр. Үпкүтүн былааннаан туттуҥ, толкуйа суох бараамаҥ.
Скорпион
Скорпион бэлиэлээх дьон чугас дьонун кытта кэпсэтэргэ уустуктары көрсүөхтэрин, өйдөспүт буолуохтарын сөп. Кэпсэтиигэ аһаҕас, тахсыбыт иирсээни быһаарарга тулуурдаах буолуҥ.
Охчут
Инники былааннары торумнуурга, улахан малы-салы атыылаһарга сөптөөх нэдиэлэ үүммүт. Бу кэмҥэ санаабыккыт барыта этэҥҥэ олоххо киириэҕэ. Суолга сэрэхтээх буолуҥ, ыраах айантан туттунуҥ.
Чубуку
Олус элбэх үлэ мунньуллубут. Маны барытын түмүгэр тиэрдэргэ дьулуһуҥ. Түмүгэ ситиһиилээх буолуо – харчынан бириэмийэ, үтүө сыһыан күүтэр. Тэрээһиннээхтик дьаһанан сылдьыҥ, туох эмит наадалааҕы сүтэрэр, алдьатар куттал суоһуур.
Күрүлгэн
Чугас дьоҥҥут, кэллиэгэлэргит эһиги үтүө сүбэҕитигэр наадыйаллар эбит. Ким эмит көмө көрдөөтөҕүнэ аккаастаамаҥ. Майгыгыт мөкү өрүттэринэн дьону өһүргэтиэххитин, этиһэн туруоххутун сөп.
Балыктар
Таайан көрөр дьоҕургут сайдыан сөп. Маны үлэҕэ, тус олоххо туһаныҥ. Саарбах бырайыактартан, массыанньык угаайытыттан сэрэхтээх буолуҥ. Соһуччу көрсүһүүлэр, үтүө сонуннар, үөрүү-көтүү күүтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: