Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Балаҕан ыйын 27 – алтынньы 4 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Балаҕан ыйын 27 – алтынньы 4 күннэрэ

Ааптар:
27.09.2024, 07:30
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Үүммүт нэдиэлэҕэ хой бэлиэлээх дьон үлэлэригэр табыллыахтара, олоххо  көхтөөхтүк сыһыаннаһар санаалара күүһүрүөҕэ. Онон уруккуттан саныы сылдьыбыт бырайыактаргытын, ситиһиллибэтэх дьыалаларгытын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһаллыҥ.

ОҔУС

Бу кэмҥэ үпкүтүн-харчыгытын үчүгэйдик тыыран туттаргытыгар сулустар сүбэлииллэр. Мунньуллубут иэһи, кирэдьиити төлүүргэ дьулуһуҥ. Дохуоккут эбиллэрэ күүтүллэр. Соһуччу үтүө сонуннары истэн үөрүөххүт.

ИГИРЭЛЭР

Солото суох сылдьар кэмҥит кэлбит. Үлэҕит үксүө, барыы-кэлии элбиэ. Ол эрээри дьиэтээҕилэргитигэр болҕомто уураргытын умнумаҥ. Олус элбэҕи аһаамаҥ, ис-үөс ыарыытыттан сэрэниҥ. Дьиэни-уоту кэҥэттэргэ тоҕоостоох кэм.

АРААК

Бу нэдиэлэҕэ үөрүүгүт үксүөҕэ. Доҕотторгутун кытта көрсүҥ, салгыҥҥа сылдьыҥ, инники олоххутун торумнааҥ. Бу барыта чугаһынан кэмҥэ олоххо киириэҕэ. Урукку табыллыбатах сыыһа-халты туттунууларгытын умна сатааҥ. Тулаҕытыгар албын, түөкүн дьонтон сэрэхтээх буолуҥ.

ХАХАЙ

Дьиэ кэргэҥҥитигэр, үлэҕитигэр ыарахаттары көрсүөххүт. Ыххайыы, ыгыы-түүрүү да эһигини тумнуо суоҕа. Ол эрээри, тулуйуҥ, бу сотору бүтүөҕэ. Хата, соһуччу үп-харчы кэлэрэ, сынньалаҥ уу нуурал күннэр буолаллара сабаҕаланар.

КЫЫС

Наадата суоҕу атыылаһартан, сүүйүүлээх оонньуулартан, толкуйдамматах быһаарыныылартан тэйиччи сылдьыҥ. Ханнык баҕарар дьыалаҕа эппиэтинэһи бэйэҕититтэн куоттарымаҥ.
Саҥа дьоҕурдар арыллыахтарын, үлэҕит хайысхатын уларытыаххытын сөп.

ЫЙААҺЫН

Биир кэм эриирдээх-мускуурдаах нэдиэлэ үүммүт. Ол эрээри үтүө түмүктэрдээх буолуоҕа. Тирээн кэлбит кыһалҕалары миэстэтигэр тута быһаара үөрэниҥ. Биир интэриэстээх киһигитин көрсүөххүтүн, сулумах “ыйааһыннар” олохторун аналын кытта билсиэхтэрин сөп.

СКОРПИОН

Лиидэрдии хаачыстыбаҕытын инники күөҥҥэ тутта сылдьыҥ. Эһиги тула хара санаалаах, хобу-сиби тарҕатыан баҕарар дьон үгүс. Онон, дьон тылыгар киирэртэн сэрэниҥ, тылга тииһимэҥ. Үгүс саҥата-иҥэтэ суох сылдьан, дьыаланы быһаарар ордук.

ОХЧУТ

Инники күөҥҥэ бэйэҕитин тутуҥ, сөптөөх кэмҥэ “суох” дииргэ үөрэниҥ. Атын дьон туһугар олорон бүтүҥ, бэйэҕит олоххутун санааҥ, тупсарыҥ. Сотору кэминэн сынньалаҥҥа барыы, уоппуска күүтэр. Дьиэ-уот туругун тупсарар кэм кэлбит.

ЧУБУКУ

Былааннаабыккыт барыта олоххо киириэ. Уруккуттан баҕарбыт сиргитигэр сылдьыаххыт, кэпсэтиилэр табыллыахтара. Ыал буолуу туһунан этии киириэн сөп, оҕо кута батыһар. Бэйэ
дьыалатын тэринэргэ дохуот көстүөн сөп.

КҮРҮЛГЭН

Ылсыбыккыт барыта табыллан иһиэҕэ, онон дьыаланы-куолуну ситэриҥ. Успуордунан дьарыктанан саҕалыырга, эти-сиини чэбдигирдэргэ дьулуһуҥ. Үлэҕитигэр ситиһиилэр күүтэллэр – саҥа дуоһунас, хамнаска эбиллии, хайҕабыл.

БАЛЫКТАР

Эһигини кытта олус элбэх киһи кэпсэтиэн-ипсэтиэн, сүбэлэтиэн-амалатыан баҕарыа. Муударай санааҕытыгар наадыйааччы үксүө. Биир сиргэ олоруоххут суоҕа – барыы-кэлии, үөрүү-көтүү, бырааһынньык үгүс. Таҥаска-сапка, тас көстүүгэ болҕомтоҕутун ууруҥ

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: