Сулустар тугу кэпсииллэр? Нэдиэлэтээҕи гороскоп (балаҕан ыйын 6-13 күннэрэ).
Хой
Бу нэдиэлэ устата быһаарыыта суох буолбуккуттан бэйэҥ соһуйуоҥ. Ис санааҥ баҕатын кистии, саба баттыы сылдьар курдуккун. Онтон санааҥ тууйуллар. Онон сөптөөх быһаарыныы ылынарга бэйэҥ майгыгын, туруккун көрүнэ уонна туттуна үөрэн.
Оҕус
Бэйэни сатаан хонтуруолламмат курдук буолан ылыаҥ. Айаҥҥа турунуу соччото суох. Дьон да сыһыана уларыйбыт курдугун бэлиэтии көрүөҥ. Онон өйү-санааны сааһыланан сылдьыаххын наада.
Игирэлэр
Ситиһиилээх нэдиэлэ үүммүт. Ордук үтүө түмүктэр үөрдүөхтэрэ. Дьон махтала, үтүө тыла санааҕын кынаттыа. Ол эрээри аһары билинэр эмиэ соччото суох, дьон сиэринэн сылдьарга дьулус.
Араак
Урукку өттүгэр санаа ымыыта оҥосто сылдьыбытыҥ барыта эмискэ суох буолуон сөп. Кими да буруйдуур наадата суох. Барытын аһары чугастык ылынан санааҕа ылларыаххын сөп. Кыһалҕа барыта өйгөр оҥоһуллубутун умнума.
Хахай
Тутулуктаах буолууттан босхолонорго тоҕоостоох кэм. Ким эрэ санаа аалыытыттан босхолонуо, ким эрэ дьон дьайыытыттан. Таптыыр киһигин хомоппот курдук сырыт. Саҥа билсиһии үтүө сыһыаҥҥа тиэрдибэт.
Кыыс
Эппит тылгар турбаккаҕын чугас дьоҥҥун хомотуоххун сөп. Былааныҥ ыһылларыҥ сөбүлээбэт бэйэҥ балаһыанньанан уларыйан биэрэргэ бэлэм буолуоҥ. Өйдөммөт балаһыанньа үөскээтэҕинэ, юридическай көмө ылартан куттаныма.
Ыйааһын
Туора дьон сүбэтин истимэ. Оттон салайар эйгэҕэ сылдьар ыйааһыннар дьон тылыгар киирбэт гына сылдьыахтарын наада. Буола турар быһыыны-майгыны хайдах баарынан ылына сатаа.
Скорпион
Эбээһинэстэн, иэстэн-күүстэн төлөрүйүү күүтэр. Кирэдьиит, иэс харчы ылбат ордук. Дьону кытта сыһыаҥҥа болҕомтолоох буол. Уйаҕас өттүлэрин таарыйан хомоппот буоларга дьулус.
Охчут
Олоххо былааҥҥын ситиһэргэр чугас киһиҥ көмөтө, сүбэтэ тирэх буолуоҕа. Бэйэ талаанын арыйарга, киэҥ эйгэҕэ көстөргө-биллэргэ табыгастаах кэм.
Чубуку
Доҕордоһуу сыһыаныгар уустуктары көрсүөҥ. Бары эн санаабытыҥ курдук балаһыанньаны ылымматтарын өйдүөҥ. Чугас киһиҥ болҕомто ирдиэн сөп. Күнүүттэн кыыһырсыы тахсыбатыгар кыһан.
Күрүлгэн
Дьыалаларгын сааһыланаргар сөптөөх кэм. Үп-харчы өттүгэр ситиһии күүтэр. Чуумпу кэми туһалаахтык атаар. Чугас дьонуҥ үтүө сонуну кэпсээн үөрдүөхтэрэ.
Балыктар
Бары толкуйгун олоххо киллэрэргэ кыһан. Сынньалаҥтан дуоһуйуу ылыаҥ. Ыраах айан ситиһиилээх буолуо. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта эриэ-дэхси.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…