Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Балаҕан ыйын13 – балаҕан ыйын 20 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Балаҕан ыйын13 – балаҕан ыйын 20 күннэрэ

Ааптар:
13.09.2024, 07:30
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Тус олоххор улахан уларыйыылар күүтэллэр. Убаастыыр дьонуҥ сүбэлэрин ылынарыҥ ордук. Онон бу нэдиэлэҕэ туруоруммут сыалгын ситиһэргэ кыһан.

ОҔУС

Доруобуйаҕар болҕомто ууруоххун наада. Ордук сүһүөхтэргин бөҕөргөтөргө кыһан. Ыраахтан ыалдьыттар кэлиэхтэрин сөп эбэтэр бэйэҥ ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп.

ИГИРЭЛЭР

Докумуоҥҥа сыһыаннаах дьыалаҕа сэрэхтээх буол. Илии баттаһыы, дуогабар түһэрсии улахан болҕомтону ирдиир. Онон бэйэ бодотун тардына сырыт.

АРААК

Санааҕын аһаҕастык ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Билбэт дьоҥҥор аһыллыма. Сыалгын ситиһэргэр дьулуурдаах буолуу көмөлөһүө.

ХАХАЙ

Тууйуллубуккун, аһаҕастык кэпсэтиэххин саныыгын. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаныҥ уустугурбут. Доруобуйаҥ да мөлтөөбүт курдук. Туох барыта санааттан буоларын умнума.

КЫЫС

Дьиэ кэргэҥҥэр өйдөһүү суоҕуттан санааҥ оонньуур. Чугас киһиҥ тоҥуй сыһыана хомотор. Биисинэс эйгэтигэр, үлэҕэр-хамнаскар бириэмэ тохтообут курдук. Ол эрээри сотору кэминэн бу ааһыаҕа.

ЫЙААҺЫН

Саҥа билсиһии, аһаҕас кэпсэтии тосхойуо. Тоҕоостоох түгэни мүччү тутума. Сүрэххинэн, өйгүнэн-санааҕынан ылынар дьыалаҕар ситиһии күүтэр.

СКОРПИОН

Дьиэҕэр-уоккар тугу эрэ уларытыаххын сөп. Өрөмүөн, тупсарыы үлэтэ санааҕын үөрдэр. Бу өйгүн-санааҕын эмиэ сааһылыыр.

ОХЧУТ

Кыраттан үөрүнньэҥ майгыҥ тулалыыр дьонуҥ санааларын көтөҕөр. Элбэх үөрүүлээх тэрээһин күүтэр. Саҥа дьону кытта билсиэҥ.

ЧУБУКУ

Айылҕаҕа сылдьан сынньаныаҥ. Ис санааҕын сааһыланан туруоруммут соруккун ситиһиэххин сөп. Чугас киһиҥ өйөбүлэ көмө буолуо.

КҮРҮЛГЭН

Дьону кытта тапса сатыаххын наада. Санааҕын көнөтүк этэргин дьон ылыммат. Онон арыый туттуна сырыт.

БАЛЫКТАР

Дьоҥҥо хайдах сыһыаннаһаҕын да, оннук эппиэти тутуоҥ. Бу дьиэ кэргэҥҥэр эмиэ сыһыаннаах. Онон арыый туттуна сылдьарыҥ наада.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: