Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Бэс ыйын 15 – бэс ыйын 22 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Бэс ыйын 15 – бэс ыйын 22 күннэрэ

Ааптар:
15.06.2023, 09:33
Бөлөххө киир:

Хой

Бу нэдиэлэҕэ хойдор туох баар саҕалаабыт дьыалаҕытыгар кыайыылаах-хотуулаах тахсыаххыт. Эһиги кытаанах быһаарыныыгытын уонна инникилээх толкуйгутун үгүс дьон бэлиэтии көрүө, хайҕабылга сылдьыыһыккыт.

Оҕус

Олус элбэх түһүүлээх-тахсыылаах күннэр-дьыллар кэлбиттэр. Ол эрээри, ону барытын этэҥҥэ тулуйуоххут, тыалы утары турар таас курдук сананыаххыт бэйэҕитин. Дьаныардаах уонна тулуурдаах майгыгыт ыарахаттары аһарынаргытыгар күүс-көмө буолуохтара.

Игирэлэр

Эһиэхэ дьон тардыһар, эһигини кытта билсэ-көрсө, кэпсэтэ сатыыр. Ол эрээри, игирэлэр туһунан хоп-сип тарҕаныан сөп, онуоха наадыйымаҥ. Саҥаны билэргэ-көрөргө, үүнэргэ-сайдарга бэртээхэй нэдиэлэ буолсу.

Араак

Араактар бу нэдиэлэҕэ өр толкуй­даабыт былааннаргытын олоххо киллэриэххит. Сыаналаах улахан малы-салы атыылаһарга тоҕоостоох кэм үүммүт. Бу туһугар харчыгытын харыһыйымаҥ, өр сылларга эрэллээхтик сулууспалыа.

Хахай

Айар-тутар санааҕыт, лиидэрдии хаачыстыбаларгыт бу нэдиэлэҕэ эһиэ­хэ олуһун туһалыахтара. Бу күннэргэ сынньаныҥ, уоппускаҕа барар тоҕоостоох. Саҥа сонун сири көрөргө-истэргэ бэрт күн-дьыл кэлбит.

Кыыс

Бу нэдиэлэҕэ “кыргыттар” үрүҥ күнү өрө көрбөккө үлэлээн, түбүгүрэн тахсыаххыт. Ол эрээри, үлэҕит сыаналаныа, салалта бэлиэтиэ, баҕар харчынан бириэмийэлиэ. Кэлэр нэдиэлэ ортото соһуччу көрсүһүүлэр күүтэллэр.

Ыйааһын

Дьиэни-уоту өрө тардарга, уларыта тутарга, саҥа миэбэл атыылаһарга сөптөөх нэдиэлэ үүммүт. Эһигини саҥа арыйыылар, билсиилэр-көрсүүлэр күүтэллэр. Күүппэтэх өттүгүтүттэн бэ­­йэҕитигэр сонун дьарыгы арыйыаххыт.

Скорпион

Күннээҕи түбүккүт, үлэҕит быыһыттан аралдьыйаргытын, сынньанаргытын, доруобуйаҕытын көрүнэргитин умнумаҥ. Чугас дьоҥҥут эһиги сүбэҕитигэр, өйөбүлгүтүгэр наадыйар. Соһуччу харчы кэлиэн сөп.

Охчут

Мүччүргэннээх сырыыларга түбэһиэх­хитин сөп. Айан суола күүтэр, толкуйдаабакка барытыгар сөбүлэһэн барсан иһин. Айан табыллыа, саҥа сонун дьону кытта билсиэххит, доҕордоһуоххут.

Чубуку

Дьиэҕэ-уокка, үлэҕэ үүт-тураан олох күүтэр. Дьону кытта тыл-тылга киирсибэт буолууттан, этиһииттэн, хоп-сип тарҕаныытыттан сэрэниҥ. Сайыҥҥы сынньалаҥы былааннаан, доруобуйаҕытын көрүнүҥ.

Күрүлгэн

Ыарахаттары чаҕыйбакка туоруоххут, барыта уурбут-туппут курдук табыллан иһиэҕэ. Үөрэнэргэ, саҥа идэни баһылыырга сөптөөх нэдиэлэ үүммүт, онон толкуйданыҥ. Сулумах “күрүлгэннэр” тапталларын көрсүөхтэрин сөп.

Балыктар

Өтө көрөр, таайар дьоҕургут дьону соһутуо. Чугас дьоҥҥутун кытта иллэҥ кэмҥитин атаарыҥ, өрөбүллэргэ айылҕаҕа сынньанар ордук. Саҥа таҥаһы-сабы ылынартан туттунуҥ, кэлин кэмсиниэххит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 74% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: