ХОЙ
Бу нэдиэлэ бэйэни сааһыланыыга, дьыаланы куолуну ситэриигэ ананыаҕа. Төһө харчыны барыыргын, ханна туттаргын барытын суоттуу сырыт. Ыраах айаҥҥа турунуу ситиһиини тосхойуо.
ОҔУС
Ис туругуҥ дьэ уоскуйууһук. Үөрэххэ, үлэҕэ болҕомтону ууруоххун наада. Ол эрээри доруобуйаҥ эмиэ сүрүн миэстэни ыларын умнума.
ИГИРЭЛЭР
Үп-харчы киллэрэргэр тоҕоостоох кэм үүммүт. Бэйэ таһымын үрдэтинэргэ, саҥа билиини ыларга кыһалын. Ол туһуттан саҥа куурустарга да суруттарыаххын сөп.
АРААК
Атыыга-эргиэҥҥэ сыһыаннаах буоллаххына табыгастаах кэм үүммүт. Ол эрээри аһары барыһырар туһуттан дьону кытта сыһыаны алдьатыма.
ХАХАЙ
Саҥа хайысханы тобулуоххун сөп. Чугас дьонуҥ сүбэлэрэ-амалара төһүү күүс буолуоҕа. Олус улахан эппиэтинэһи сүгэр кэмиҥ кэлиэҕэ. Манна бэлэм буолуоххун наада.
КЫЫС
Баҕа санааҕын олоххо киллэрэргэр тус олоххун, буола турар быһыыны-майгыны хонтуруолга ылыаххын наада. Аҕам саастаах аймахтарга убаастабыллаахтык сыһыаннас диэн сулустар сүбэлииллэр.
ЫЙААҺЫН
Ис санааҕын сатаан истэ үөрэн. Эппит тылгын толоро үөрэн, тус сыһыаҥҥа бу нэдиэлэ соччото суох. Онон улахан тугу даҕаны былааннаама.
СКОРПИОН
Бэйэни сайыннарыынан үлүһүйүөҥ. Элбэх саҥаны билэргэ дьулуһуоҥ. Мантыҥ кэлин үтүө өттүнэн дьайыаҕа.
ОХЧУТ
Аһымал көмөлөрү оҥорорго тоҕоостоох кэм. Эйиэхэ үгүс киһи көрдөһүүлээх кэлэр эбит. Дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу хаһан эрэ махталлаах буоларын умнума.
ЧУБУКУ
Доруобуйаҕар болҕомто уурар наада. Ону сэргэ тус сыһыаҥҥа эмиэ санааны уурдахха эрэ үтүө хамсааһыннар тахсаллар. Ис санааҕын сатаан этэргэ кыһан.
КҮРҮЛГЭН
Үөрэххэ, үлэҕэ табыллыы күүтэр. Оттон харчыны кытта сыһыаҥҥа сэрэхтээх буолуҥ. Саарбахтыыр дьыалаҕар кыттыһыма. Кирэдьииккэ кииримэ.
БАЛЫКТАР
Үлэҕинэн үрдүөххүн эбэтэр атын үрдүк хамнастаах үлэҕэ барыаххын сөп. Баҕа санааҥ туолан уруккуттан ымсыырбыт малгын атыылаһыаҥ. Бу үтүө кэмҥэр чугас дьонуҥ туһунан умнума.
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…