Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (бэс ыйын 28 – от ыйын 5 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (бэс ыйын 28 – от ыйын 5 күннэрэ)

Ааптар:
28.06.2024, 10:01
Бөлөххө киир:

Хой

Арыый омуннаах, уот курдук умайар хой бэлиэлээхтэр чуумпуруоххутун наада. Дьону кытта сыһыаннаһыыга хопко-сипкэ киирэн биэримэҥ. Дьон угаайытыгар түбэһиэххин сөп. Аһары арыылааҕы, аһыыны аһыыртан туттун.

Оҕус

Буола турар балаһыанньаҕа утары курдуккун. Бэйэҥ эппиккин өрө тутаҕын. Үлэҕэр-хамнаскар, үп-харчы дьыалатыгар табыллыы күүтэр. Ол эрээри дьону кытта сыһыаҥҥа уопсай тылы буларга дьулус.

Игирэлэр

Доҕоргун кытта сыһыаны тупсарыыга үлэлэс. Ыраах айан ситиһиилээх буолуоҕа. Бэйэ биисинэһин тэринии ситиһиигэ сирдиэ. Сүнньүгүн, сиһин уҥуоҕун оһолтон харыстаа.

Араак

Олоххо сүрүн быһаарыныылары ылынар кэм кэлбит. Түмүк таһаарынарга, саҥаттан барытын саҕалыыргар сулустар көмөлөһүөхтэрэ. Үлэҕэр эппиэтинэһи ылыныаххын наада. Туора туран хаалыма.

Хахай

Бэйэҕэр болҕомто тардыбакка чуумпутук сырыт. Кистэлэҥи билэр кэмиҥ кэлбит. Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ сайдыбыт кэмэ. Саҥа бырайыактарга ылсыма, тохтуу түс.

Кыыс

Чугас киһигин соһутуоххун, үөрдүөххүн сөп. Сөбүлүүр эрэ дьарыккынан ылсан дьарыктан. Атаххын, сискин харыстаа.

Ыйааһын

Уустук нэдиэлэ үүммүт. Өйдөһүү да суоҕун курдук. Доруобуйаҕар болҕомтото уур. Элбэх битэмиин­нэ ис. Чуумпу сиргэ сынньаныаххын наада.

Скорпион 

Санааҕар барыта олус уустук. Бу кэми аһарыаххын эрэ наада. Дьону кытта үтүө сыһыаны олохтуурга кыһан. Арыылааҕы-сыалааҕы сииртэн туттун.

Охчут

Кыраттан да кыйыттан кыыһырыах курдуккун. Барытын бэйэҥ искэр илдьэ сылдьаҕын. Биисинэс эйгэтигэр эмиэ чуумпу. Барытыгар болҕомтолоох буолуу ирдэнэр.

Чубуку

Чугас киһигин кытта билигин аһаҕастык кэпсэтэн уопсай тылы булбатаххына, кэлин арахсыыга да тиийиэн сөп курдук. Сулустар бэйэ бодоҕун тардына сырыт диэн  сүбэлииллэр. Кыһалҕаны тутатына кэпсэтэн быһаарсар ордук.

Күрүлгэн

Барытыттан олус сылайбыккын. Көҥүлгэ уонна чуумпуга талаһаҕын. Мунньуллубут кыһалҕаны быһаарыы, эрдэтээҥҥи сыыһалары көннөрүү барыта тэҥҥэ кэлбит. Ол эрээри бу барыта судургутук быһаарыллыа. Кэтэһиэххэ эрэ наада.

Балыктар

Тапталга табыллыы күүтэр. Бэйэҕин көрүнэргэр, успуордунан дьарыктанаргар тоҕоостоох кэм. Доруобуйаҥ да этэҥҥэ. Үлэҕэ-хамнаска эйэлээх эйгэни тутарга кыһан.

+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: