Нэдиэлэтээҕи гороскоп (бэс ыйын 7-14 күннэрэ)

Share

Хой

Туох барыта ыган кэлбитин кэннэ ситэрэр үгэскиттэн босхолонуоххун наада. Бу көстүү дьиэ кэргэҥҥэр эмиэ улаханнык дьайар эбит. Биисинэскэ сыһыаннаах буоллаххына, түргэнник хамсаныаххын наада, үчүгэй түгэни мүлчү тутуоххун сөп.

Оҕус

Тус олоххор, үлэҕэр-хамнаскар барыта бытааран, тохтоон хаалбыт курдук санаа киириэҕэ. Эн өрүү үлэ, олох үөһүгэр сылдьыбыт буолаҥҥын маннык балаһыанньаттан соһуйаҕыҥ. Ол эрээри туох даҕаны уларыйбатах, барыта бэйэҥ санааҕар эрэ буолар.

Игирэлэр

Үлэ, дьиэ-уот, тус олох кыһалҕата барыта биир тэҥҥэ ыгар, ыксатар курдук буолуоҕа. Сааһыланан сөпкө былааннаннаххына, элбэҕи ситиэххин сөп.

Араак

Ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп, ол эрээри дьону кытта сыһыаҥҥа болҕомтолоох буол. Ардыгар аһары хаҕыскын, тоҥкуруун да курдуккун. Дьону кытта дьонноһо, тапса сатаа диэн сулустар сүбэлииллэр.

Хахай

Дьиэ кэргэҥҥэр харчыттан, өрөмүөнтэн сылтаан тыл-тылга кииримиэххин сөп. Сатаан былааннаныыы элбэх дьыалаҕар көмөлөһүөҕэ.

Кыыс

Чугас дьоҥҥун, доҕоттору кытта алтыһыы өрүү эйиэхэ үчүгэй эрэ өттүнэн дьайар. Мантан эн күүс, сэниэ ылаҕыҥ. Доҕоргун кытта сыһыаныҥ тупсуо, санааҥ да көтөҕүллүө.

Ыйааһын

Үлэҕэ баттаппыт курдук сананыаҥ. Ол эрээри күннээҕи былааны сааһыланыы манна көмөлөһүө.  Барыах-кэлиэх санааҥ батарбат. Кыратык соҕотохсуйуу, айар үлэнэн үлүһүйүү нэдиэлэ ортото санааҕын кынаттыа.

Скорпион  

Ситиһиилээх, элбэх барыылаах-кэлиилээх нэдиэлэ үүммүт. Дьону кытта уопсай тылы булан элбэҕи ситиһиэҥ. Доҕотторуҥ да өйүүллэр.

Охчут

Успуордунан дьарыктанар, көхтөөх олохтоох очуттарга табыллар нэдиэлэ. Саҥа идиэйэ киириэҕэ, тапталга да табыллыы күүтэр. Барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.

Чубуку

Дьиэ-уот кыһалҕатын быһааран өрө тыыныаҥ. Аһары хаһаайыстыбаннай толкуйуҥ тус олоххор эмиэ дьайар. Олоҕу чэпчэкитик ылына сатаа.

Күрүлгэн

Сыннаьанарга уолдьаспыт. Доруобуйаҕар болҕомто ууруоххун наада. Тус олоххор уларыйыы суох, арай саҥа дьону кытта алтыһыы үлэҥ хайысхатын уларытаргар көмөлөһүөн сөп.

Балыктар

Олоҕу аһары уустуктук ылынаҕын. Барытыгар кэтэх эрэ өттүн көрбөккө, судургутук сыһыаннаһыы ардыгар көмөлөөх буолар. Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

3 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

4 часа ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

5 часов ago