ХОЙ
Нэдиэлэ саҥата дьону кытта тапсыаҥ. Ол эрээри аһары элбэх дьонтон сылайаҕын. Өскөтүн, чуумпуну сөбүлүүр буоллаххына, сыһыаны алдьаппат гына элбэх дьонноох сиртэн тэйэ тутун.
ОҔУС
Ыксала суох, холку нэдиэлэ саҕаламмыт. Санааҕын сааһыланаргар сөптөөх кэм. Өһөс уонна дьулуурдаах буоллаххына, туруоруммут сыалгын ситиһэргэр нэдиэлэ иккис аҥаара олус тоҕоостоох.
ИГИРЭЛЭР
Саҥа кэм саҕаламмыт. Соһуччу үөрүүлэр, кыра ситиһиилэр санааҕын кынаттыыллар. Үгүс кыһалҕаны түргэнник быһаарар кыахтаныаҥ. Ол эрээри кыра малы-салы сүтэриэххин сөп, онон болҕомтолоох буол.
АРААК
Санааҥ кыраттан түһэр. Тугу даҕаны гыныаххын баҕарбаккын. Төһө да сэниэҥ уонна олоххо көҕө суох курдугуҥ иһин, искэр эн чуумпу дьол үөрүүтүн билиэҥ. Сөбүлүүр дьарыгыҥ ситиһиини аҕалыан сөп.
ХАХАЙ
Саҥа билиини ыларга, элбэх дьоннуун алтыһарга тоҕоостоох кэм. Эн барытыгар аһаҕаскын. Түргэнник ситиһии кэлиэн баҕарар буоллаххына, дьону кытта сыһыаны алдьатыма. Дьону өһүргэппэт, хомоппот курдук табан сыһыаннас.
КЫЫС
Нэдиэлэ саҥата сүрүн болҕомтону бэйэни сайыннарыыга ууруоҕуҥ. Үгүс дьыаланы кылгас кэм иһигэр ситиһиэххин сөп. Ол эрээри үлэҕэр-хамнаскар түргэн быһаарыныыны ылынартан туттунуоххун наада.
ЫЙААҺЫН
Саҥа хайысханы тобуларгар, ыраах айанныыргар нэдиэлэ саҥата ордук табыгастаах. Чугас доҕоттору кытта көрсүһэн ирэ-хоро сэлэһиэҥ, санааҥ көнньүөрүө. Ол эрээри ис санааҥ кистэлин барытын ыһа-тоҕо кэпсээмэ.
СКОРПИОН
Ситиһиигэ сирдиир саҥа былааннары олоххо киллэрэргэ үгүс моһолу көрсүөххүн сөп. Ол эрээри сүрэхтээх, дьулуурдаах буоллаххына, барыта табыллыаҕа. Дьону кытта өйдөспөт түгэн үөскүөн сөп. Онон аһыы утахтан тэйэ тутун, успуордунан дьарыктан.
ОХЧУТ
Арай барыта олус кэбэҕэстик табыллар, сатанар курдук. Олох судургу даҕаны эбит диэн санаалар күөрэйтэлээн ааһыахтара. Ол эрээри дьону кытта сыһыаннаһыыга уустуктары көрсүөххүн сөп. Онон арыый сэмэйдик сырыт.
ЧУБУКУ
Нэдиэлэ саҥата настарыанньаҥ көтөҕүллүөҕэ. Бэйэҥ доруобуйаҕын бөҕөргөтүнэргэр сөптөөх нэдиэлэ үүммүт. Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол. Ардыгар алҕаһы билинэр эмиэ наада.
КҮРҮЛГЭН
Бэйэҕин көрдөрөргөр, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэр уолдьаспыт. Тулалыыр эйгэҕин эмиэ уларытыаххын сөп. Эйиэхэ куһаҕаннык дьайар дьонтон босхолонуоххун наада. Бэйэҥ курдук үөрэ-көтө, аһаҕастык сылдьар дьоҥҥо талаһарыҥ оруннаах.
БАЛЫКТАР
Бэйэҕин көрүнүөххүн, киэргэниэххин, успуордунан дьарыктаныаххын баҕараҕын. Ити санааҕын уһата-кэҥэтэ сылдьыбакка сып-сап олоххо киллэрэн ис. Баҕа санааны санаа ымыыта оҥосто сылдьар туһата суох.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…