Нэдиэлэтээҕи гороскоп (кулун тутар 15 – кулун тутар 22 күннэрэ)
ХОЙ
Ситэ быһаарыллыбатах дьыаланы аһаҕас хаалларар сэрэхтээх буолбут. Онон саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэн, үлэҥ түмүгүн көрөрүҥ наада. Тугу эмит атыылыаххын баҕарар буоллаххына, билигин ыксаама. Эн кэмиҥ кэлэ илик. Үп-харчы өттүгэр балыйтарыаххын сөп.
ОҔУС
Доруобуйаҕын көрүнэр кэмиҥ кэлбит. Быыс булан сынньана сатаа. Тулалыыр дьоҥҥо эйэҕэстик, киһилии сыһыаннаһа сырыт. Ыарахан кэмҥэр өйүүллэрин умнума.
ИГИРЭЛЭР
Тумуу, дьаҥ-дьаһах киириэн сөп. Эрдэттэн битэмииннээх утахтары иһэн доруобуйаҕын бөҕөргөтөргө үлэлэс. Ыксаллаах быһаарыныы ылынар түгэн тосхойуон сөп. Дьыалабыай кэпсэтиини кэлэр нэдиэлэҕэ көһөрөр ордук.
АРААК
Тус олоххор уустук кэм бүрүүкээбит. Чугас киһи эрэлин сүтэрии дөбөҥ. Хас хардыыгын толкуйдаан оҥор. Атын хайысхаҕа ылсан бэйэҕин тургутан көрүөххүн сөп. Эбии харчылаһар кыах үөскүө, мүччү тутума.
ХАХАЙ
Дьиэ кэргэҥҥэр эриэ-дэхси. Ол эрээри нэдиэлэ ортото өрөмүөнтэн эбэтэр дьиэ-уот атын кыһалҕатыттан сылтаан өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Бэйэҕин арыый туттуна үөрэн, наһаа кыраны үлүннэрэр идэлээххин.
КЫЫС
Дьону кытта уопсай тылы буларга дьулус. Бу күннэргэ элбэхтик уопсастыбаҕа сылдьыаҥ, дьону кытта тапсан үлэлээтэххинэ, харчылаһар суолу тобулуоххун сөп. Арай чугас дьоҥҥун кытта дьиэ-уот кыһалҕатыттан өйдөспөт буолуу баар. Ол эрээри бу түгэни холкутук ылына сатаа.
ЫЙААҺЫН
Санааҥ кыраттан да түһэр, үлэҥ-хамнаһыҥ мунньуллубут. Дьиэ-уот кыһалҕата да ыгар. Чугас доҕотторгор санааҕын үллэстэн кэҥиэххин сөп. Көрсүһүүгэ ыҥырдахтарына аккаастаммат ордук, уопсастыбаҕа сылдьан сэргэхсийиэххин наада буолбут.
СКОРПИОН
Үпкэ-харчыга сыһыаннаах быһаарыныылары билигин ылымматыҥ ордук. Ол кэриэтин дьиэ ис-тас үлэтигэр ылсан үлэлээтэххинэ, быдан туһалаах буолуоҕа. Дьыалабыай көрсүһүүлэр туох да ситиһиини аҕалбаттар. Ол эрээри санааны кыраттан санааны түһэрэр сатаммат.
ОХЧУТ
Аҕам саастаах чугас дьонуҥ болҕомтоҕор наадыйаллар. Эн өрүү бэйэҥ эрэ кыһалҕаҕын инники күөҥҥэ тутаҕын. Үп-харчы өттүнэн көмөлөһүөххүн сөп. Тыйаатырга, киинэҕэ сырытыннар.
ЧУБУКУ
Бу күннэргэ дьыалабыай кэпсэтии табыллар кэмэ. Дьону кытта уопсай тылы буларга дьулус. Сөбүлүүр дьарыккынан үлүһүйүөҥ, онтуҥ санааҕын уоскутуо. Олоҕу судургутук ылына сатаа.
КҮРҮЛГЭН
Тутууга, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах күрүлгэннэр өр санаабыт ыраҕытын олоххо киллэриэххитин сөп. Маныаха чугас дьонуҥ өйөбүллэрэ күүс-көмө буолуоҕа. Тус олоххор күөх уот тыгар, арыый хорсун эрэ буолуоххун наада.
БАЛЫКТАР
Үлэҕэ-хамнаска, харчыны кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол. Кирэдьиит ыларга ыксаама, дьонтон харчы иэс ылыма. Улахан малы-салы атыылаһары уталытар ордук. Ол кэриэтин айылҕаҕа, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан сынньанарыҥ ордук.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: