Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (кулун тутар 22 – кулун тутар 29 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (кулун тутар 22 – кулун тутар 29 күннэрэ)

Ааптар:
22.03.2024, 06:00
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Быһымах быһаарыныылартан туттунарыҥ ордук. Соһуччу түгэннэр буолуох­тара. Дьону кытта кыыһырса сатаама, элбэх уларыйыылар күүтэллэр. Ол кэриэтин дьиэҕин-уоккун тупсарыынан, дьиэ кэргэҥҥин кытта сыһыаны бөҕөргөтүүнэн дьарыктан.

ОҔУС

Саҥа көрсүһүүлэр күүтэллэр. Тулаҕар буолар быһыыга-майгыга болҕомто­лоох буол. Аһары элбэх үлэни былааннаама, сороҕун сатаан ситэн оҥоруоҥ суоҕа. Нэдиэлэ ортото сынньалаҥҥа наады­йыаҥ. Айылҕаҕа тахсан хаамыы, чугас дьону кытта алтыһыы туһалаах буолуоҕа.

ИГИРЭЛЭР

Көрсүһүүлэринэн элбэх нэдиэлэ үүммүт. Доҕотторуҥ хомотуохтарын сөп, урукку өттүгэр эрэммэт дьонуҥ соһуччу үтүө дьыаланы оҥорон үөрдүөхтэрэ. Онон дьикти нэдиэлэ буолууһу. Саҥа билиини ыларга тоҕоостоох кэм. Уустук эрээри, интэриэ­һинэй нэдиэлэ буолуоҕа.

АРААК

Туох даҕаны саҥаны былааннаабат дьоҥҥо уустук нэдиэлэ буолуоҕа. Элбэх дьонноох сиргэ сылдьан бэйэҕин көрдөрүөххүн наада. Алтыһар, кэпсэтэр дьонуҥ бөлөхтөрүн уларытыаххын сөп. Ол эрээри, түмүк оҥосторго, дьоҥҥо сыана быһарга ыксаама.

ХАХАЙ

Быһаарыныылаах хардыылары оҥороргор тоҕоостоох нэдиэлэ үүммүт. Дьиҥ майгыгын, үлэҕэ кыаххын көрдөрөр кэмиҥ. Эбии харчылаһар дьыалаттан туора турума. Дьиэ-уот кыһалҕатынан аһары муҥурданыма, элбэх дьону кытта алтыһыаххын наада.

КЫЫС

Ыксаллаах быһаарыныы ылынаргар, ким эрэ туһунан быһаччы сыана быһаргар сыта-тура толкуйдаа, дьон угаайытыгар киирэн биэримэ. Нэдиэлэ саҥата уустук курдук буолуо, ол эрээри, тулуурдаах уонна сыаллаах-соруктаах буоллахха, барыта кыаллар. Ситиһии кэлэрэ бэйэҕиттэн эмиэ тутулуктаах.

ЫЙААҺЫН

Дьону кытта көрсүһүүлэр ситиһиини түстүөхтэрэ. Доҕотторгор, чугас дьоҥҥор көмөлөһөртөн аккаастаныма. Ис санааҕын иһит, эйигин албынныа суоҕа. Нэдиэлэ ортото хаста даҕаны былааныҥ ыһыллыан сөп, манна барытыгар бэлэм буол.

СКОРПИОН

Болҕомтолоох буол. Нэдиэлэ саҥата уустук буолууһу. Ол эрээри, уустугу, киирсиини, сыалы ситиһиини сөбүлүүр скорпионнарга бу сэниэни, толкуйу эрэ эбиэҕэ. Арай кыайбат, сатаан толорбот дьыалаҕын дьоҥҥо эрдэттэн эрэннэримэ.

ОХЧУТ

Табыгастаах, ситиһиилээх нэдиэлэ үүммүт. Бэйэҥ этиилэргин, санааҕын дьоҥҥо сатаан тиэртэххинэ, таба та­­йаныаҥ. Саҥа саҕалааһыннар үтүөнү түстүөхтэрэ. Онон эрдэ ситэрбэккэ сылдьыбыт дьыалаҕын үмүрүтэ охсон саҥа былааннарга ылыс.

ЧУБУКУ

Үтүө кэм үүммүт. Уруккуттан баҕа санаа ымыыта оҥостубут дьыалаҥ табыллыан сөп. Үгүс кыһалҕаны быһаарарга туораттан көмө кэлиэн сөп. Санааҕын түһэрэн олорон эрэ хаалыма. Дьону кытта сыһыаҥҥа ыксаллаах түмүктэри оҥорортон туттунар наада.

КҮРҮЛГЭН

Үчүгэй сонуннары истиэҥ. Чугас дьонуҥ ситиһиилэрэ үөрдүө. Нэдиэлэ саҥата эппиэтинэстээх дьыалаҕа ылсыаххын сөп. Уларыйыылартан куттаныма, буолар быһыы-майгы барыта үтүөнү эрэ түстүөҕэ. Аһары үлэнэн үлүһүйбэккэ, тус олоххор, доруобуйаҕар болҕомтото уур.

БАЛЫКТАР

Уларыйыыларга табыгастаах кэм үүммүт. Эрдэ кыаллыбакка сылдьыбыт дьыала кыаллыыһык. Буолар быһыыга-майгыга тэҥҥэ хардыылаан истэххинэ, сыалгын-соруккун ситиһиэххин сөп. Нэдиэлэ ортото туора дьон кыыһырсыытыгар кыттыспатыҥ ордук, буруйдааҕынан тахсыаххын сөп.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: