Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (кулун тутар 29 – муус устар 5 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (кулун тутар 29 – муус устар 5 күннэрэ)

Ааптар:
29.03.2024, 08:00
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Соһуччу быһаарыныылары ылыныаҥ, барытыгар көхтөөхтүк кыттан иһиэҥ.  Өссө даҕаны олоххо миэстэҕин, сүрүн соруккун уонна аналгын була илик буоллаххына, бу нэдиэлэ билсиһиилэри тосхойуо. Салгыы хайдах быһаарыллара бэйэҕиттэн тутулуктаах.

ОҔУС

Аһары аһаҕас буолума, эн кистэлэҥҥин, былааҥҥын дьон туһаныан сөп. Арыый көҥөс соҕустук туттан-хаптан сырыттаххына, дьыалабыай кэпсэтиилэргэ санааҕын ситиһиэҥ. Доҕордуу сыһыаҥҥа сэрэхтээх буолар наада. Ситэ билбэт дьоҥҥор эрэнимэ.

ИГИРЭЛЭР

Нэдиэлэ саҥата саҥа билсиһиини эрэннэрэр. Саҥа иэйии сүрэххин толоруо. Ис санааҕын истэриҥ ордук. Саҥа иэйии салгыы сайдара бэйэҕиттэн тутулуктаах. Ону сэргэ успуордунан дьарыктаныы, айылҕаҕа сылдьыы туһаны эрэ аҕалыа.

АРААК

Үлэҕэр-хамнаскар үгүс быһаарыллыбатах дьыаланы быһаарар кэм үүнүүһүк. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаныҥ тыҥаабыт. Аһаҕас кэпсэтииттэн өрүү куотар туһаны аҕалбат, ол кэриэтин барытын быһаарсар, кэпсэтэр дууһаҕын чэпчэтэриҥ ордук.

ХАХАЙ

Сааскы халлааны кытта барыаххын-кэлиэххин, бар дьоҥҥо көстүөххүн, биллиэххин баҕараҕын. Тас көрүҥҥэр болҕомто уурар буолуоҕуҥ, соһуччу таптал иэйиитигэр
куустарыаҥ. Ол эрээри, тус олоҕунан аһары үлүһүйүмэ, дьыалабыай кэпсэтиилэр суолталаахтарын умнума.

КЫЫС

Сатаан көһөрүллэр кыаҕа суох боппуруостары быһаарарга күһэллиэҥ. Уйулҕа уонна барыы-кэлии өттүнэн арыый уустук нэдиэлэ буолуоҕа. Доҕоргунуун сыһыан тыҥаан ылыан
сөп. Арыый холкутуур, олорон бэйэни сааһыланар наада буолбут.

ЫЙААҺЫН

Улаханы тугу да былаанныыр наадата суох. Чугас киһигэр сыһыаныҥ уларыйбыт курдук. Өйдөһөр да уустугурбут. Ол эрээри, онтон сылтаан арахсыы туһунан толкуйдуур наадата суох.
Ол кэриэтин аһаҕас кэпсэтии, бииргэ ханна эрэ сынньаныы өйдөһүүгэ тиэрдиэҕэ.

СКОРПИОН

Үлэҕэ, дьиэҕэ-уокка эбээһинэс эн куккун-сүргүн баттыыр эбит. Көҥүл көтүөххүн, тапталга уйдарыаххын саныыгын. Олоххун былааннаан сылдьыаххын наада. Күннээҕинэн буолбакка, инникинэн олоруу суолталааҕын мындыр, аҕа саастаах киһини кытта кэпсэтэн өйдүөххүн сөп.

ОХЧУТ

Омуннаах, сытыы-хотуу охчуттар соһуччу тапталга ылларыахтара. Бу кэм тус олоҕу оҥосторго олус тоҕоостоох. Айар да үлэҕэр тахсыы, табыллыы кэмэ. Ол эрээри, доруобуйаҕар
болҕомтото уур.

ЧУБУКУ

Сынньанар туһунан баҕа санааны уталытарга эрэ тиийэҕин. Дьиэ кэргэн, үлэ кыһалҕата барыта мунньуллубут курдук. Өрөбүллэргэ айылҕаҕа сынньаныы, чугас дьоҥҥун кытта
алтыһыы санааҕын кынаттыа.

КҮРҮЛГЭН

Бар дьоҥҥо аһаҕаскын, аһары үлэһиккин. Дьиҥэр, ардыгар тыын ылан бэйэ сөбүлүүр дьарыгынан ылсыы, сылдьыбатах сирдэргэр сылдьыы саҥа иэйиилэри, интэриэһинэй дьону
кытта билсиһиини түстүөн сөп. Аҥаардас үлэнэн эрэ муҥурданыма.

БАЛЫКТАР

Табыллыы нэдиэлэтэ тосхойбут. Дьон да болҕомтотун ылаҕыт. Чугас киһигин кытта сыһыаныҥ тупсуо. Ыраах айан саҥа билсиһиини түстүө. Мантан  долгуйан ылыаххын сөп. Дьону кытта сыһыаҥҥа эйэҕэс буолуу саҥа сибээһи олохтуо.

+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: